Оскуолабытыгар самаан сайыны бэртээхэйдик көрүстүбүт

Сыллата үгэскэ кубулуйбут тэрээһин оҕо аймаҕы, төрөппүттэри, учууталлары бу күн бииргэ түмэр. “Дорообо, сайын!” – биһиги оскуолаҕа сайын кэлбитин үөрэ-көтө бэлиэтиир, үөрэх дьылын түмүктүүр бырааһынньыкпыт. Анаабыт курдук сайыҥҥылыы сылаас күн туран тэрээһин бэртээхэйдик ааста. Дьон-сэргэ, көрөөччү даҕаны тоҕуоруһа муһунна.

Тэрээһин алгыһынан, сиэринэн-туомунан, оһуохайынан аһылынна. Сыл түмүгүнэн анал номинациялары туттардылар. “Бастыҥ учуутал” омук тылын учуутала Евдокия Никифорова, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Андрей Иванович уонна Саха Республикатын үөрэҕэриитин систематын бэтэрээнэ Анна Ивановна уонна Аммосовтар ааттарынан бириэмийэни Екатерина Аммосова, “Мүрү саһарҕата” хаһыат корреспондена Афанасий Иванович Копырин бириэмийэтин Максим Наумов, подполковник, юстиция советнига Иван Иванович Протопопов анаабыт “Бастыҥ активист-общественник” ааты Дмитрий Пестряков уонна РСФСР үөрэҕэриитин туйгуна Федор Егорович Захаров аатынан «Алын сүһүөх бастыҥ выпускнига» стипендияны Спартак Барашков ылан үөрүүлэрэ үгүс.

Оҕолор сүһүөхтэринэн арахсан, быйылгы буолаары турар “Азия оҕолоро” 8-с спортивнай оонньууларынан туруоруулары көрдөрдүлэр. Хас биирдии кылаас түһүлгэтин киэргэппитэ олус үчүгэйдик көстөр. Эбиэт кэннэ «Дьиэ кэргэн – олох төрдө» куонкурус ыытылынна. Бэйэни билиһиннэрии, «Family look», дьиэ кэргэн эстафетата, сыал быраҕыыта уонна бүлүүдэ көмүскээһинэ курдук түһүмэхтэринэн күрэхтэстилэр. Алын сүһүөхтэргэ Старостиннар, Васильевтар, Григорьевтар уонна орто сүһүөхтэргэ Курилкиннар кытыннылар.

Ол кэннэ оскуола оҕолорун уонна төрөппүттэр икки ардыларыгар сүүрүүлээх-көтүүлээх, ыһыылаах-хаһыылаах эстафета буолла. Оҕолор кубик хомуйдулар, ийэлэр биэдэрэлэрдээх, оттон аҕалар бөтүөннээх сүүрдүлэр.

Үөһээ этиллибитин курдук, бу күн төрөппүтү, учууталы уонна оҕону бииргэ түмэр бырааһынньык. Төрөппүттэр оҕолоругар кыһаллан кэлэн сүүрэ-көтө, көмөлөһө сылдьаллара көрөргө астык.

Бу курдук, өссө биир үөрэх дьылын этэҥҥэ түмүктээтибит,  кэтэһиилээх самаан сайыны үөрэ-көтө көрүстүбүт.

Мария Макарова

Читайте дальше