Муус устар 27 күнэ саха норуотун олоҕор-дьаһаҕар, инники сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах бэлиэ күн. Бу күн 102 сыл аннараа өттүгэр Саха Сэбиэскэй Автономнай Социалистическэй Республиката (САССР) тэриллибитэ. История улуукан бэлиэ кэмин өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар сыллата бэлиэтиибит, ыччат дьоҥҥо дойдуга бэриниилээх, тапталлаах буолуу холобурун көрдөрөбүт, эттэригэр-хааннарыгар иҥэрэбит.
Улуус киинин олохтоохторо бэлиэ күнү көрсө Лөгөй аатынан киин болуоссакка түмүстүлэр. Улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Аммосов, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Анатолий Сторожев, Мүрү нэһилиэгин баһылыга Прокопий Румянцев бар дьону бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээтилэр, инники сайдыыбыт туһугар баҕа санааларын эттилэр. Анатолий Сторожев эҕэрдэ тылын тэҥэ Мүрү нэһилиэгин ытык олохтооҕор Роза Окоемоваҕа «Почетный старейшина Республики Саха (Якутия)» бэлиэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Бу бэлиэни Саха сирин Ытык сүбэтэ республика социальнай-экономическай сайдыытыгар уонна общественнай олоҕор актыыбынай кылааттаах олохтооххо анаан туттарар үрдүк наҕараадата буолар. Онон Роза Михайловнаны үрдүк наҕараадатынан истиҥник эҕэрдэлиибит.
Үөрүүлээх күнүнэн ол ааспыт кэмтэн Сахабыт сирин автономиятын төрүттэспит, сайдыытын түстэспит Василий Никифоров – Күлүмнүүр, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Максим Аммосов бар дьоҥҥо эҕэрдэлэрэ, кэс тыллара ананна. Эҕэрдэ ырыа-тойук өрө көтөҕүллүүнү, Сахабыт сиринэн киэн туттууну саҕан ыраахха диэри дуорайда.
Түмүккэ мустубут олохтоохтор эдэрдиин эмэнниин тоҥолохтон ылсыһан, Добун оһуохайга туруннулар, Сахабыт сирин күнүнэн уруйдуу-айхаллыы эргийдилэр.