Уус Алдаҥҥа Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Николай Окоемов аата ахтыллыахтааҕа олохтонно

Бүгүн Саха АССР төрүттэммит күнүгэр улуус киинигэр Бороҕоҥҥо урукку Бороҕон, Дүпсүн, Байаҕантай улуустарыгар автономия дьаһалларын олоххо киллэриигэ сүдү үлэни ыыппыт Николай Окоемов аата дорҕоонноохтук иһилиннэ.

Кини аатын сүгэр уулуссаҕа баар бүүһүн таһыгар көрүүлээх миитин буолла. Манна улуус, нэһилиэк салалтата уонна Мүрү нэһилиэгин олохтоохторо кыттыыны ыллылар.

Бэлиэ тэрээһиҥҥэ тыл этэригэр улуус баһылыга Василий Аммосов: «Чулуу биир дойдулаахпыт аатын үйэтитиигэ ыытыллар үлэлэртэн саамай суолталаахтарынан Николай Окоемов аатынан «Мүрү кытыла» сынньалаҥ скверэ буолар», – диэтэ. Быйыл бу тутуу иккис уочаратыгар Мүрү нэһилиэгин дьаһалтата 54 мөл. солк. граны кыайан үлэни салгыы ыыта сылдьарын туһунан кэпсээтэ.

Салгыы улуус түмэлин дириэктэрэ Павел Пермяков бөдөҥ уопсастыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл Николай Окоемов олоҕун, үлэтин туһунан билиһиннэрдэ. Миитин түмүгэр Николай Окоемов бүүһүн үктэлигэр өйдөбүнньүк гирлянданы улуус баһылыга Василий Аммосов, Николай Окоемов хаан-уруу аймаҕа 87 саастаах Розалия Окоемова уонна Мүрү нэһилиэгин баһылыга Прокопий Румянцев уурдулар.

Миитин төһө да кылгастык буоллар, устуоруйа түгэнин арыйбытынан уратылаах. Ол курдук 1992 с. Өрөспүүбүлүкэ күнэ олохтонуоҕуттан ол туһугар бастакы кэмнэриттэн үлэлэспит Николай Окоемов бүүһүн таһыгар ханнык да тэрээһин ыытылла илигэ. Ону улуус билиҥҥи салалтата өйдөөн олоххо киллэрбитэ махталлаах уонна үгэскэ кубулуйуо дии саныыбын.

Афанасий Сектяев

Читайте дальше