Улууспутугар COVID-19 коронавируснай инфекциянан сутуллуу көрдөрүүтэ үрдээн эрэрин Уус Алданнааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччы Алина Абрамова иһитиннэрдэ.
Бүгүҥҥү дааннайынан, улуус 28 олохтооҕор, о.и. 4 оҕоҕо, COVID-19 диагноз бигэргэммит, өссө 23 киһи анаалыһа Дьокуускайга бэрэбиэркэҕэ ыытыллыбыт. Бигэргэммит диагнозтаахтар дьиэлэригэр амбулаторно эмтэнэллэр. Оттон Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын интэринээтэ карантиҥҥа сабыллыбыт.
Ону таһынан грипп, ОРВИ ыарыылар ордук оҕо саадтарын иитиллээччилэрин уонна оскуолалалар үөрэнээччилэр ортолоругар үрдүк көрдөрүүлээх.
Онон медиктэр сэрэхтээх буоларга, бу ыарыылартан харыстана сылдьарга ыҥыраллар.
Диана Седалищева