Роспотребнадзор ОРВИ, грипп, COVID-19 ыарыылары эрдэттэн сэрэтэргэ сүбэлиир

Бу дьыл 46-с нэдиэлэтигэр, о.э. сэтинньи 13–19 күннэригэр Уус Алдан улууһугар ОРВИ диагноз 347 киһиэхэ бигэргэммит, онуоха 7-тэн 14-гэр диэри саастаахтарга уонна 15-тэн үөһээ ыалдьыы элбэҕэ бэлиэтэммит.

Онон Саха сиринээҕи Роспотребнадзор Уус Алданнааҕы территориальнай салаата олохтоохтору ыалдьыы сибикитэ билиннэр эрэ бырааска көрдөрүнэн тута эмтэнэргэ сүбэлиир, ону таһынан ОРВИ, грипп, COVID-19 утары привиканы ылыы саамай көдьүүстээҕин санатар.

2023 сылга быһыыны ылыы күһүҥҥү хампаанньатын кэмигэр олохтоох нэһилиэнньэ 60 %-нын хабар сорук турбута. Онуоха сыл 45-с нэдиэлэтин түмүгүнэн улуус үрдүнэн 9700 киһи, ол иһигэр 3500 оҕо уонна 6200 улахан киһи, быһыыны ылбыта бэлиэтэннэ.

Биллэрин курдук, ыарыы өссө элбии илигинэ иммунитеты бөҕөргөтүөххэ наада, онон билигин быһыыны ылыы саамай тоҕоостоох кэмэ.

Итини таһынан ОРВИ, грипп уонна COVID-19 ыарыылартан харыстаныы быраабылаларын тутуһуҥ:

  • уопсастыбаннай миэстэлэргэ сылдьыыны аҕыйатыҥ;
  • ытырдар, сөтөллөр кэмҥитигэр биирдэ туттуллар салфетканан туттуҥ;
  • элбэх киһи сылдьар сиригэр: бааннарга, атыы-эргиэн кииннэригэр, автобустарга, таксига мааскалаах сылдьыҥ;
  • илиигитин мыылалаах уунан сууна, антисептигынан сотто, ыстара сылдьыҥ;
  • сууна илик илиигитинэн хараххытын, муннугутун, айаххытын таарыйа сатаамаҥ;
  • социальнай дистанцияны (1,5-2 миэтэрэ) тутуһуҥ;
  • таһырдьа тымныйбытынан сибээстээн, сылаастык таҥнарга кыһаллыҥ;
  • ОРВИ симптомнара билиннэхтэринэн бэйэҕит эмтиэкэлэнимэҥ, бырааска көрдөрүнүҥ.

Саха сиринээҕи Роспотребнадзор Уус Алданнааҕы территориальнай салаата

Читайте дальше