Төрөөбүт дойдуларын туһунан бастыҥ хоһооннору айбыт оҕолор харчынан бириэмийэлэннилэр

Бүгүн улуустааҕы үөрэх тэрилтэтэ, «Өркөн» оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ уонна «Мүрү саһарҕата» хаһыат редакцията «Үрүйэчээн» оҕо хаһыатыгар улуус үөрэнээччилэрин ортолоругар «Төрөөбүт дойдум» хоһоон суруйуутун күрэһин кыайыылаахтарын быһа сибээскэ холбонон эҕэрдэлээтилэр.

Ол курдук үөрэх салалтатын начаалынньыга Степан Литвинцев, иитии уонна эбии үөрэхтээһин салаатын начаалынньыга Ирина Сивцева, «Өркөн» киинин үөрэтэр-иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Екатерина Ушницкая, улуус хаһыатын кэрэспэндьиэнэ, оҕо хаһыатын таһаарааччы редактора Мария Аргунова күрэс түмүгүн иһитиннэрэн туран кыайыылаахтары эҕэрдэлээтилэр.

Степан Моисеевич оҕо төрөөбүт тылынан суруйарын биһириирин, ону көҕүлүүр учууталлары кэрэхсиирин этэн туран, оҕолорго, салайааччыларга махтанна. «Үрүйэчээн» оҕо хаһыатын кытта алтыһан, инникитин да интэриэһинэй күрэстэргэ кытталларыгар, хаһыакка суруйа туралларыгар ыҥырда.

Күрэскэ 28 оҕо кыттыбытыттан бөлөх аайы түөртүү кыайыылаах тахсан, тэрийээччлэр 12 оҕону грамотанан, харчынан бэлиэтииллэрин эттилэр.

Читайте дальше