Сүрүн үлэбит – киһи олоҕор, доруобуйатыгар куттал суох буолуута

Россия Ис дьыалаҕа минис­терствотын Уус Алданнааҕы отделыгар уопсайа 67 үлэһиттээх, мантан 56-та аттестация­ны ааспыт сотрудник буолар. Кэлэктиипкэ үрдүк үөрэхтээх 40, орто анал үөрэхтээх 12 сотрудник үлэ­лиир. Билиҥҥи кэмҥэ түөрт үлэһит кэтэхтэн үөрэнэ сылдьар, ол иһигэр үс сотрудник Россия Ис дьыалаҕа министерствотын Уһук Илиннээҕи юридическай институтугар үөрэнэллэр.

Биһиги улууспутуттан бу үр­дүк үөрэх кыһатыгар оскуола кэнниттэн туттарсан, Петр Брызгалов уонна Анна Кузьмина сирэй үөрэнэ сылдьаллар. Бу оҕолор үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ улуустааҕы отделга үлэлии кэлэллэрин күүтэбит. Ол курдук, бу үөрэҕи бүтэрбит Алена Жураховская полиция лейтенана званиелаах кэлэн, үлэтин быйыл сайыҥҥыттан Бороҕон сэлиэнньэтигэр участковайынан саҕалаата. Быйыл сыл саҥатыгар Россия Ис дьыалаҕа министерствотын Уһук Илиннээҕи юридическай институтугар үөрэххэ киирэр сыаллаах, оскуоланы саҥа бүтэрбит 11 оҕо докумуон хомуйсан туттарбыта, хомойуох иһин, бэ­рэбиэркэ түмүгүнэн, доруобу­йаларын туругунан уонна БКЭ түмүктэринэн үөрэххэ киирии кыаллыбата.

Уус Алданнааҕы Ис дьыала отделын начаалынньыга – полиция подполковнига Дмитрий Скрябин

Начаалынньык эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу – полиция начаалынньыга, полиция подполковнига Юрий Борисов

Уус Алданнааҕы полиция отделын гражданскай сулууспалаахтара

Маны таһынан полицияҕа саҥа үлэһиттэри ылыы тиһигин быспакка ыытыллар. Сыл устата аһаҕас дуоһунастарга нэһилиэнньэ дьарык­таах буолуутун улуустааҕы кии­нин кытары, “Работа России” интернет-сайтынан, Мэҥэ Хаҥалас уонна Уус Алдан оройуоннарын байыаннай комиссариатынан, “Мүрү саһарҕата” хаһыат нөҥүө дьону үлэҕэ ыҥырар туһугар бииргэ үлэлэһии ыытылынна. Ити үлэ түмүгэр икки саҥа үлэһити ыллыбыт.

Биһиги тэрилтэбит улуус иһигэр 47 бэтэрээннээх, сорох бэтэрээннэрбит атын тэрилтэлэргэ ситиһиилээхтик үлэлии сылдьалларыттан үөрэбит. Ветераннар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн полиция отставкаҕа майора Спиридон Никифоров ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Ис дьыала бэтэрээннэрин уонна сотрудниктарын күннэринэн, Кыайыы күнүнэн, үбүлүөйдээх дааталарынан эҕэрдэлиир үтүө үгэстээхпит.

Маны таһынан Светлана Бурцева салайааччылаах 7 чилиэн­нээх уопсастыбаннай Сүбэ түмсүүтэ 2011 сылтан үлэлээн кэллэ. Бу уопсастыбаннай Сүбэ, РФ президенэ Владимир Путин 2011 сыл ыам ыйын 23 күнүнээҕи 668 №-дээх ыйааҕар олоҕуран, Ис дьыала уорганнарыгар государственнай политика сүрүн ха­йысхаларын ырытан оҥорууга, ИДьМ сотрудниктарын быраап өттүнэн култуураларын үрдэтии­гэ уонна демократичес­кай-правовой государствоны үөскэтиигэ уопсастыбаннаһы, Ис дьыалаҕа сыһыарыыга, икки ардыларыгар профессиональнай правовой холбоһуктары тэри­йиигэ анаан, уопсастыбаннастан уонна араас хайысхалаах тэрилтэ бэрэстэбиитэллэриттэн биир сүбэнэн мунньар сыалтан тэриллибитэ. Уопсастыбаннай сүбэбитин кытары биир ситимнээх үлэ былааннаахтык барар.

Биһиги сотрудниктарбыт сыл устата нэһилиэк, улуус уонна бэйэбит Ис дьыалаҕа министиэ­ристибэбит иһинэн ыытыллар байыаннай эстафетаҕа, сыалы ытыыга, араас спортивнай тэ­рээһиннэргэ хамаанда туруоран, уопсайа 8 күрэхтэһиигэ кыттыыны ыллыбыт. Маны таһынан Мүрү 2 №-дээх орто оскуолатын кытары кыттыһан, сылын аайы “Юный друг полиции” күрэхтэһиини 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр тэрийэбит. Бу күрэххэ сүрүннээн полиция сотруднига сылын аайы туттарар физическэй бэлэмин тургутан көрөргө аналлаах зачеттарыттан көрүҥнэри киллэрбиппит уонна ПМ бэстилиэти, Калашников автоматын бириэ­мэҕэ ыһыы-таҥыы, салгын саатынан сыалы ытыы, суол быраабылатыгар теорияны туттарыы курдук көрүҥнэр бааллар. Инньэ гынан оҕо кыра эрдэҕиттэн бэйэтин кыанар, эт-­хаан өттүнэн дьарыктаах, сайдыылаах буолуутун, сааҕа-саадахха чугас буоларын ситиһэбит.
Биһиги тэрилтэбит Чараҥ, Мындааба уонна Мүрү 2 №-дээх уопсай үөрэхтээһин оскуолаларын кытары сөбүлэҥ түһэрсэн, 2019 сылтан полиция кылаастарын арыйан үлэни ыыппыппыт. Бу кылаастар оҕо быраап уонна сокуон өттүнэн бэлэмнээх буо­ларыгар, юридическай анал тэрээһиннэри ыытабыт, полиция сотрудниктара кыттыы­лаах кылаас чаастарын оҥоробут, араас тиэмэлэргэ кэпсэтиилэри ыытабыт. Салгыы бу үлэбит кэҥиэн баҕарабыт. Атын да ос­куолалары кытары икки өттүттэн сөбүлэҥ түһэрсэн, бииргэ үлэлэһиигэ, улууска полиция кылаастарын эбии арыйарга бэлэммит.

Маны таһынан ГАИ линияты­нан оҕону кыра эрдэҕиттэн суол быраабылатыгар сыһыаран, суолга сэрэхтээх буоларын ситиһэр сыалтан “Безопасное колесо” диэн күрэҕи сылын аайы Оҕо көмүскэлин күнүн кытта дьүөрэлээн ыытабыт. Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ис дьыалаҕа министиэристибэтэ тэрийбит “Таежный герой” өрөспүүбүлүкэтээҕи спортивнай-байыаннай эстафетаҕа биһиги улууспутуттан 10 оҕо­лоох хамаанда туруоран, сити­һиилээхтик кыттан кэлбиппит.

Биһиги тэрилтэбит күннээ­ҕи үлэтигэр буруй тахсыытын, уопсастыбаҕа куттал суох буолуутун, бэрээдэги кэһиини сэрэтэр, уодьуганныыр, көрдүүр, ирдиир үлэлэри ыытыыга буоларын курдук, сүрүн күүспүтүн уурабыт. Олортон биир сүрүн үлэнэн киһи олоҕор уонна до­руобуйатыгар куттал суох буолуутун уонна киһи быраабын, со­куоннай интэриэһин хааччыйыы буолар. Ол курдук, бу сыл 10 ыйын түмүгүнэн, уопсайа 1510 араас хабааннаах үҥсүү, иһитиннэрии, сайабылыанньа регистрацияланан бэрэбиэркэлэннэ. Ол иһигэр 506 матырыйаалга холуобунай буруй састааба баа­рынан, бэрэбиэркэ ыытыллан быһаарылынна. Бу сылга киирэн баран, 77 холуобунай дьыала тэриллэн суут көрүүтүгэр атаарылынна.

Түгэнинэн туһанан, Ис дьыа­ла сотрудниктарын уонна бэтэрээннэрин идэлээх бырааһынньыккытынан эҕэрдэлиибин, ыстаал курдук доруобуйаны, эйэ­лээх олоҕу, этэҥҥэ буолууну баҕарабын. Биһиги үлэбит сарсыарда эрдэттэн, киэһэ хойукка диэри улахан өрөбүлэ суох барар, түүннэри-күнүстэри сырыы­лаах, элбэх кэлиилээх-барыылаах буолар. Үлэбитигэр дьиэ кэргэммит өйөбүлэ суох ыарахаттары көрсөрбүт биллэр суол, онон сот­рудниктар дьиэ кэргэттэригэр улахан махталбын биллэрэбин.

Петр Гоголев, ­Россия ИДьМ Уус Алдан улууһунаа­ҕы отделын начаалынньыгын солбу­йааччы, полиция подполковнига­

Читайте дальше