Суоттуга Сайылык күнүн көрсө аҕам саастаахтарга тэриллибит тэрээһин хаһааҥҥытааҕар да өрө күүрүүлээхтик, киэҥ далааһыннаахтык буолла. Сайылык күнэ хас сылын аайы ыытыллар буолан тэрээһин ис хоһооно байан, кырдьаҕастар кэлиилэрэ элбээн, силигэ ситэн иһэр.
Халлаанныын ырааһыран, күннүүн сандааран, бэл арҕааттан сэниэлээхтик тыалыран Эбэ салгынынан илгийэн, тыа сытынан дыргыйан, киэҥ нэлэмэн Суотту сыһыытыгар дьиҥ-чахчы сайыҥҥы күнү анаата. Халаан орто ходуһа уута оҥорон этэҥҥэ ааһан, ходуһаны угуттаан, күөллэри сайҕаан, бөҕүн-сыыһын ыраастаан дьон-сэргэ үөрүөн үөрэр. Айыыһыт амарах сыһыана бүгүн кырдьаҕастары алҕаата, арчылаата.
Сайылык күнэ сири-уоту аһатыынан, алгыһынан, буруоҕа ыраастаныынан саҕаланна. Бу тэрээһини сылын аайы «Түһүлгэ» СК тэрийэр буолан, уу-хаар бычыгыраабат гына кыайа тутан ыыталлар (дириэктэр Екатерина Гоголева).
Суотту ылбаҕай ырыаһыттарын эҕэрдэ кэнсиэрдэрэ, олохтоох ааптардар хоһоонноро ааҕыллан, хомус дьүрүскэн тыаһа дьырылаан барыта сайыҥҥы матыыпка силбэһэн, күөх суугуҥҥа холбосто.
Холбуу Саха сиригэр пионерия тэриллибитэ 100 сылын ахтан-санаан ыллыбыт. Ханна бэлэмнэммиттэрэ буоллар? Уруккулуу маҥан ырбаахыга аалай солко хаалтыс баанан, испанка бэргэһэни хороччу кэтэн ыллыы-ыллыы иккилии кэккэнэн хааман хотоһуйан, горн, барабаан тыаһыгар доҕуһуоллатан пионерскай сбор тэрийэн дьоллоох оҕо саас сыллара биллэн аастылар.
Күнүскү аһылык аан тылын улуус, Суотту нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо 93 саастаах Ытык кырдьаҕас Уйбаан Оконешников кэскиллээҕи кэрэһэлээн, үтүөнү түстээн этиитэ алгыс курдук иһилиннэ. Кэлбит дьон кус этин тото сиэн, хоргуннаах миинин астына иһэн Сайылык күнүн өбүгэ үгэһинэн көрүстүбүт.
Таарыйа эттэххэ, быйыл Суоттубутугар «Эр дьон түмсүүтэ» бөлөх тэриллэн (салайааччы Владислав Мухин) улахан хамсааһын буолла. Кыһалҕалаахтарга харчынан көмө, үлэҕэ-хамнаска төһүү күүс буоларын көрдөрдө. Ол курдук, сааһыттартан кус хомууругар сүүрбүт-көппүт Эдуард Николаев этэринэн, «быйыл 80-тан тахса кус хомулунна,» диэбитигэр ытыс тыаһа сэллээбэккэ, тыа баһын сатарытта.
Дьэ, итинник үөрэ-көтө кэпсэтэн, тото-хана аһаан, араас күрэхтэргэ, оҕобутугар түһэн, көхтөөхтүк кытынныбыт. Сымыыт харсыһыннарыыта, быа эрийэн илин-кэлин түсүһүү, сахалыы астарга күрэхтэһиилэр тиһигин быспатылар. Кыайыылаахтар бириис ылан, өрөгөйдөрө үрдээтэ. Быйыл кус үргээһинигэр саҥа сүүрээн киирбит. Үс киһи тэҥинэн, бөх кутар мөһөөччүк иһигэр, кус үргээн бурҕаҥнаттылар. Сөҕүөх иһин Евдокия Иванова мүнүүтэни кыайбат кэм иһигэр биир да түүнү тыалга көтүппэккэ үргээн саха дьахтара түргэн-тарҕан ыраас туттуунуулааҕын көрдөрөн, дьону сөхтөрөн, холкутук бастыан бастаата. Үргээбит куһун бириис курдук бэйэтэ ылла. Икки куһу Дьоруой ийэ Розалия Охлопкова ылан күөһүгэр түһэрдэҕэ. Ону таһынан дьиэҕэ олорор кырдьаҕастарга, быстах дьайыыга сылдьар уолаттар дьиэ кэргэттэригэр кус түҥэтиллэн, Сайылык күн сахалыы сиэринэн бэлиэтэннэ.
Түмүккэ бары оһуохайдаан ойдубут, эһиэхэйдээн тэйдибит. Бары үөрэн-көтөн, бу тэрээһини тэрийбит дьоҥҥо барҕа махтал этэммит, сааһыттарга Байанайдара өттүк харалыырыгар баҕаран тарҕастыбыт.
Аламай үрүҥ күн сырдыгынан сыдьаайан, сайар тыалынан имэрийэ кууһан, Аан Алахчын хотун тэҥҥэ үөрсэн, уйгу-быйаҥ сайыны эрэннэрэрдии кэрэнэн симээтэ.
Сайын
Кэрии тыаҕа кэҕэ чоргуйан,
Көй дуолга күөрэгэй дьырылаан,
Сайылык күнэ салалынна,
Самаан сайыммыт сатыылаата.
Күөх сирэм чэчирээн- чэлгийэн
Күөх киистэ хатыҥы суулаата,
Чэчик араас өҥүнэн киэркэйэн
Чыычаах күргүөмүнэн ыллаата.
Салгын тупсан мүөтүнэн дыргыйан
Сайар тыалга холбоһон аҕаата,
Сандаарар күн күлүмнүү сыдьаайан
Самаан сайын кэрэтин симээтэ.
Киэҥ халлаан ыраастык көҕөрөн
Күн көмүс утаҕын оонньотто,
Күөл ньуурун сиэркилэ оҥорон
Күндээрдэн хараҕы саатытта.
Күүстээх иэйии сүрэҕи долгутан
Кэлбит кэми таптал арыаллаата,
Кыыстаах-уолу кичэллик саһыаран
Хатыҥ чараҥ күлүгэр кистээтэ.
Сайын биэрэр уйгу-быйаҥын
Сомсон олоҕу тупсарыахха,
Сүөһү-сылгы отун булунан
Дьылбыт кыстыгын быһаарыахха.
Иннокентий Попов, уопсас. кэрэсп.