Балаҕан ыйын 20 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан Уус Алдан улууһун Суотту орто оскуолатын базатыгар өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тэрилтэлэригэр оҕону  үлэнэн иитии туһунан мунньах ыытылынна. Мунньахха Саха сирин 16 улууһуттан 65 сүнньүнэн агротехнологическай хайысхалаах үөрэх тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ, оскуола дириэктэрдэрэ, учууталлар, барыта 200-тэн тахса киһи кытынна.

Сүбэ мунньах дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин илии баттаабыт “Об образовании в Российской Федерации” сокуоҥҥа үлэнэн иитии туһунан уларыйыыларга уонна өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тэрилтэлэригэр үлэнэн иитии эйгэтин тэрийиигэ туһуланна.

Мунньах кыттыылаахтарын улахан болҕомтотун Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Николаевич Жирков этиитэ тарта. Бүгүн эһиги болҕомтоҕутугар Александр Жирков этиитин сүрүн олуктарын тиэрдэбит:

  • Россияҕа оҕону үлэҕэ иитии урукку өттүгэр баар этэ, ол тохтотуллан баран, хат сөргүтүллэн эрэр. Россия оскуолаларыгар оҕо үлэттэн тэйиитэ муҥутаан да турдаҕына биһиэхэ Саха сиригэр, чуолаан тыа сиригэр, оҕону үлэттэн улаханнык тэйиппэтэхпит. Онуоха Саха тыатын сирин эйгэтэ, уонна, ордук чуолаан, эһиги, агрооскуолалар улахан төһүү буоллугут. Онон эһиэхэ, үлэ хайысхатын халбаҥнаабакка тутан кэлбит агрооскуолаларга, дириэктэрдэргэ, салайааччыларга өрөспүүбүлүкэ өттүттэн махтаныах тустаахпыт.
  • Бүгүҥҥү тэриллибит өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньах биһиги Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев сорудаҕынан ыытыллар. Оҕону үлэҕэ иитиигэ өрөспүүбүлүкэҕэ улахан болҕомто ууруллуоҕа. Ону мунньах резолюциятыгар анаан бэлиэтиэх тустаахпыт. Үөрэх министиэристибэтэ эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ үгүс министиэристибэлэрэ, улахан тэрилтэлэрэ бу үлэҕэ тардыллыахтара. Ил Дархан туруорар соруга оннук. Ити соругу толорорго үлэни сүрүн иилээччинэн-саҕалааччынан дьэ үөрэх министиэристибэтэ буолуохтаах. Ити – улахан сорук.
  • Агрооскуолалар ахсааннарын туһунан. «Элбэх дуу, аҕыйах дуу», — диэн мөккүөр үөдүйбүтэ ыраатта. Ахсаанын аҕыйатан баран, үлэтин тупсарыахха диэни мин тутуһан кэлбитим да, үөрэх министиэристибэтэ ахсааны эбэ турбута. Ол агрооскуолаларга охсуулаах буолбута. Онтон билигин – атын кэм үүннэ. Үлэнэн иитии тэнийэн үгүс оскуоланы хабан бардаҕына, билигин баар агрооскуолалар үлэлиир опыттарыгар тирэҕириэҕэ. Онон, баар ахсааны оннунан хаалларан баран, солбуһуу өттүн киһилии көрүөх тустаахпыт.
  • Үлэнэн иитии, үлэҕэ иитии көрүҥэ үгүс. Аҥардас сиргэ-уокка үлэттэн саҕалаан саҥа, кэскиллээх бизнес бырайыактарга, үрдүк технологияларга тиийэ. Билигин Россияҕа биир сүрүн сокуоҥҥа эрэ уларыйыы киирдэ. Ити салҕаныаҕа. Үгүс федеральнай сокуоннарга, Үлэ кодексыттан саҕалаан атын нормативнай аактарга тиийэ уларыйыылар буолуохтара. Онно биһиги өрөспүүбүлүкэбит, бу үлэни биир бастакынан саҕалаабыт уонна балайда утумнаахтык үлэлээн кэлбит субъект быһыытынан, бэйэтин этиилэрин кичэйэн бэлэмнээн, Россияҕа аахсылларын ситиһиэхтээх.
  • Агрооскуола статуһун ыларга көрүллүбүт критерийдэр уларыйыах тустаахтар. Билиҥҥи критерийгэ үлэнэн иитиигэ туох да сыһыана суох сүүрбэччэ хайысхаҕа сыана быһыллар. Олору таба туһанан оҕону үлэҕэ иитиигэ адьас да сыһыана суох оскуола үгүс баалы ылан, дьиҥнээхтик үлэлэһэр оскуола иннигэр түһүөн сөп. Ити төрдүттэн түргэнник уларыйыахтаах, уонна ону ирдиэхпит.
  • Оҕону үлэҕэ иитии патриотическай тыыҥҥа иитиини кытта ыкса ситимнээх. Ону сайыннарыахха. Бу хамсааһын өрөспүүбүлүкэҕэ төһө далааһыннаахтык барара биһигиттэн хас биирдиибититтэн, салайааччылартан, оскуола дириэктэрдэриттэн, учууталлартан, иитээччилэртэн тутулуктаах. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын өттүттэн, биһиги Ил Дархаммыт өттүттэн өйөбүл, тирэх баар буолуоҕа. Эһиэхэ ситиһиилээх үлэни баҕарабын.

Читайте дальше