Саха сиригэр бүттүүн спортивнай хамсааһыны саҕалаабыта

Быйылгы дьыл ыам ыйын 8 күнүгэр Саха сиригэр бүттүүн спортивнай хамсааһыны саҕалаабыт, спорт үгүс көрүҥнэрин саҥалыы олохтоон киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт, Саха сиригэр көҥүл тустууну төрүттээбит Николай Николаевич Тарскай (1924 – 1962) төрөөбүтэ 100 сыла туолар. Бу күнү анаан бэлиэтиир туһунан Өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын анал Ыйааҕа 2023 с. бэс ыйын 13 к. тахсыбыта.

Николай Николаевич кылгас олоҕу олорбута. Баара эрэ 38 саастааҕар оһолго түбэһэн күн сириттэн барбыта. Москваҕа физкультура институтун бүтэрэн баран дойдутугар кэлэн сыччах түөрт сыл устата (1955–1959) Саха Өрөспүүбүлүкэтин физкультураҕа уонна спортка кэмитиэтин салайбыта. Ити кылгас кэм иһигэр Н.Н. Тарскай Саха сиригэр уонна төрөөбүт норуотун ортотугар спорт саҥа көрүҥнэрин олохтуурга уонна сайыннарарга урукку өттүгэр буолбатах киэҥ далааһыннаах үлэни тэрийбитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бүттүүн спортивнай хамсааһыны саҕалаабыта, саха спорда, саха спортсменнара Советскай Союз уонна бүтүн аан дойду таһымыгар тахсалларыгар, улуу түһүлгэлэргэ кыайыылаах-хотуулаах буолалларыгар бастакы олуктарын уурбута. Бэйэтин чаҕылхай олоҕунан-үлэтинэн Николай Николаевич Тарскай Саха сиригэр спорт сайдыытын историятыгар үйэлээх эркээйини – бэлиэни хаалларбыта, кини үтүө аата төрөөбүт норуотугар уос номоҕо буолбута.

*                      *                      *

Николай Николаевич Тарскай – сэрии оҕото. Бэйэтин биир саастыылаахтарын курдук ол кэм бары кыһарҕаннарын ааспыта, сэрии кэнниттэн үөрэххэ-сайдыыга күүскэ тардыспыта. Эрдэ ыал буолбута, 1945 с., дойдутугар Чараҥайга учууталынан ананан үлэлии кэлбит нуучча кыыһын Людмила Серкинаны сүүрбэ биир саастааҕар кэргэн ылбыта, кинилэр үс уол, биир кыыс оҕоломмуттара. 1948 с. Москваҕа Ленин орденнаах Киин Государственнай физкультура институтугар үөрэххэ киирбитэ (Билигин – Россия спордун института). Икки сыл тохтуу сылдьан баран 1954 с. бу институту туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ.

Н.Н. Тарскай үөрэммит уонна үлэлээбит кэмнэрэ – 50-с сыллар. Улуу сэриигэ кыайыылаах тахсыбыт Советскай дойду ыар баастарын сыыйа оһорунан, чөлүгэр түһэн эрэр кэмэ. Олох-дьаһах тупсуутун сэргэ культура, спорт сайдыытыгар улахан болҕомто ууруллар буолбута, мөлүйүөнүнэн киһи кыттыылаах Бүтүн Союзтааҕы фестиваллар, спартакиадалар ыытыллар буолбуттара, Советскай Союз аан бастаан 1952 с. XV Олимпиада оонньууларыгар кыттыбыта, онтон 1957 с. Москваҕа Аан дойду ыччатын уонна студеннарын VI фестивала ыытыллыбыта. Итинник таһымнаах тэрээһиннэр Дойдуга культура, спорт сайдыытыгар, ыччат санаата күүһүрэригэр, ыыра кэҥииригэр сүҥкэн улахан сабыдыаллаах буолбуттара.

Хельсинки куоракка буолбут XV сайыҥҥы Олимпийскай оонньуулар кэмнэригэр Николай Тарскай Москваҕа физкультура институтугар үөрэнэ сылдьара. ССРС сүүмэрдэммит хамаандатыгар бу институт студеннара, үөрэтээччилэрэ бааллара, үгүс спортсмен Олимпийскай оонньууларга бу институт базатыгар бэлэмнэнэллэрэ. ССРС сүүмэрдэммит хамаандата аан бастаан кыттыбыт Олимпийскай оонньууларыгар II миэстэ буолан кыайан-хотон төннүүтүгэр Москватааҕы физкультура институтугар кинилэри анаан көрсүһүү, чиэстээһин тэриллибитэ. Институт партийнай тэрилтэтин чилиэнэ, студент Николай Тарскай ити үөрүүлээх түгэннэри биир тэрийсээччи, кыттааччы буолбута.

*                      *                      *

Үөрэҕин бүтэрээт, Н.Н. Тарскай дойдутугар төннүбүтэ. Бастаан Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин иһинэн физкультура уонна спорт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, онтон 1955 сылтан ити кэмитиэт сирэй бэрэссэдээтэлинэн ананан үлэтин саҕалаабыта. Кинини саҥа үлэтигэр Өрөспүүбүлүкэ салалтата даҕаны, коллегалара, спортсменнар даҕаны киэҥ билиилээх, аан дойдуга спорт хайдах сайдан, тэнийэн иһэрин туһунан бигэ өйдөбүллээх, Саха сиригэр бу хамсааһыны хайдах олохтуур, тэнитэр, күүһүрдэр туһунан чопчу көрүүлээх, улахан тэрийэр дьоҕурдаах сиппит-хоппут салайааччы быһыытынан тута ылыммыттара. Итинник сыһыан үлэтигэр улахан тирэх буолбута. Тарскай өссө Москваҕа үөрэнэ сылдьан бэйэтин тула тустууттан, ыарахан атлетикаттан, гимнастикаттан, боксаттан саҕалаан баскетболга, волейболга, велосипедка, хайыһарга, национальнай көрүҥнэргэ, фехтованиеҕа тиийэ спорт үгүс көрүҥнэригэр дьарыктана сылдьар эбэтэр бу көрүҥнэри билэр, спортка бэриниилээх, кыахтаах, үксэ Саха сириттэн төрүттээх ыччаты – биир санаалаахтарын түмпүтэ. Бу ыччат дьон ортотуттан кэлин өрөспүүбүлүкэҕэ спорт эйгэтигэр бэйэлэрин ааттарын ааттаппыт бастыҥ спорду тэрийээччилэр, атын да эйгэҕэ тахсыылаахтык үлэлээбит И.Г. Игнатьев, Р.Ф. Бурнашев, Д.П. Коркин, В.П. Кочнев, Н.Н. Волков, В.Г. Румянцев, К.П. Григорьев курдук¸онтон да атын үгүс чаҕылхай дьон тахсыбыттара.

Саха сиригэр биллэр спорду тэрийээччи, биир дойдулааҕа А.А. Протопопов ахтарынан, 50-с сыллар ортолоругар диэри ити үөһээ ахтыллыбыт спорт көрүҥнэрэ Саха сиригэр, олохтоох дьон ортотугар олохсуйа, сайда илик кэмнэрэ этэ. Оттон көҥүл тустуу диэн көрүҥ туһунан «түһээн да баттаппат этибит» диэбитэ баар. Көҥүл тустуутааҕар буолуох, оннооҕор хапсаҕай кытта умнулла сыспыт кэмэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ спорт көрүҥнэрин сайыннарарга тустаах дьиэ-уот, инвентарь быстах мөлтөх, тиийбэт этэ. Тустууга бастакы күрэхтэһиилэр көөбүл толору симиллибит таҥас мааттар үрдүлэригэр ыытыллыбыттара.

Спорткомитет саҥа бэрэссэдээтэлэ бэйэтин биир санаалаахтарын түмэн күлүмэх үлэни саҕалаабыта. Киэҥ Саха сирин улуустарын кэрийэллэрэ, оҕолорго, улахан да дьоҥҥо спорт көрүҥнэригэр секциялары тэрийэллэрэ, бастакы хамсаныылары көрдөрөллөрө, быраабылалары үөрэтэллэрэ уонна тута улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэргэ кыттарга ыҥыраллара. Николай Николевич Тарскай 1955 с. спорт национальнай көрүҥнэригэр күрэхтэһии быраабылаларын бэйэтэ оҥорбута, салайааччынан үлэлээбит бастакы сылыгар тута тустууга, боксаҕа, ыарахан, чэпчэки атлетикаҕа, фехтованиеҕа тиийэ бастакы бүтүн Саха сиринээҕи күрэхтэһиилэри тэрийэргэ этии киллэрбитэ.

Спорткомитет этиитин Саха сирин комсомола (Е.Д. Кычкин) өйөөбүтэ. Бу икки тэрилтэ көҕүлээһининэн 1956 с. Дьокуускай к. көҥүл тустууга Саха сирин бастакы, онтон 1957 сыллаахха иккис чемпионаттара тэриллибитэ. Салгыы 1956, 1958, 1960 сс. Саха сиригэр урукку өттүгэр хаһан да тэриллибэтэх үрдүк таһымнаах, сүүһүнэн, тыһыынчанан спортсмен кыттыылаах Саха сирин норуоттарын I, II, уонна III-c Спартакиадалара ыытыллыбыттара. Ити бастакы улахан түһүлгэлэр Саха сиригэр спорт үгүс көрүҥнэрэ сайдалларыгар сөҕүмэр хамсааһыны көҕүлээбиттэрэ.

Улуустарга саҥардыы тэриллибит секциялартан Аан дойду ареналарыгар саха спортсменнара хайдах курдук түргэнник, кыахтаахтык тахсыбыттарын бүтүн дойду сөхпүтэ-махтайбыта. Н.Н. Тарскай Саха сирин спортсменнара сотору кэминэн Советскай Союз эрэ буолбакка, бүтүн аан дойду таһымыгар тахсыахтара, Олимпиадаларга кыайыахтара диэн үлэтин саҥа саҕалыырыгар туруоруммут соруга кини баарыгар, тыыннааҕар туолан барбыта. Кини иитиллээччитэ, бэйэтэ эрчийбит уола Дмитрий Максимович Данилов 1959 с. сахалартан бастакынан көҥүл тустууга ССРС спордун маастарын нуорматын толорбута. Эмиэ кини иитиллээччитэ Николай Антонович Гоголев 1962 с. сахалартан бастакынан көҥүл тустууга Россия чемпиона буолбута. Ити саҥардыы тэлиллибит суолунан улахан түһүлгэлэргэ биир-икки сылынан быысаһан уонунан саха спортсменнара тутуспутунан тахсан кэлбиттэрэ. Н.Н. Тарскай 1955 с. өрөспүүбүлүкэҕэ көҥүл тустуу кылаабынай тренеринэн ыҥырбыт киһитэ, Дмитрий Петрович Коркин 1956 с. Чурапчы улууһугар бастакы тустуу секцияларын тэрийбитэ, салгыы Чурапчыга саха аар-саарга аатырбыт көҥүл тустууга оскуолатын төрүттээбитэ.

Күүрээннээх тэрийэр үлэ түмүгэр 50-с сыллар ортолоруттан саҕалаан Саха сиригэр спорт үгүс көрүҥнэрэ күүскэ сайдан барбыттара, Саха сирин спортсменнара бүтүн Союз уонна аан дойду таһымнаах күрэхтэһиилэргэ ситиһиилэрэ улам үксээн, үрдээн испитэ.

Чуолаан, көҥүл тустуу туһунан. Н.Н. Тарскай уонна кини биир санаалаахтара адьас кылгас кэм иһигэр көҥүл тустууну саха дьоно бүттүүнэ кэриэтэ сөбүлүүр, умсугуйар көрүҥэр кубулуппуттара. Көҥүл тустуу Саха сирин улуустарын тилийэ тарҕаммыта, бу көрүҥүнэн дьарыктаныыны үөрэх министерствота (З.П. Саввин), атын да тэрилтэлэр күүскэ өйөөбүттэрэ, оскуолаларга, орто, үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр тустууга анал дьарык, үөрэтии тэриллибитэ.

Тустууну сайыннарыы биир сүрүн киининэн Саха государственнай университета буолбута. Университет студеннарын ортотугар оччотооҕу ыччат киэҥ туттар, умсугуйар бастыҥ спортсменнара бааллара. Тустууну Саха университетын оччотооҕу салалтата, бастакы ректордар Авксентий Егорович Мординов, Иннокентий Гаврилович Попов, профессордар Г.П. Башарин, Ф.Г. Сафронов, И.М. Романов онтон да атыттар күүскэ өйүүллэрэ, күрэхтэһиилэри көтүппэт көрөөччүлэр, ыалдьааччылар буолбуттара.

Үгүстэн биир холобур. Көҥүл тустууга сахаттан Россия бастакы чемпионун Николай Гоголевы 1960 с. профессор Г.П. Башарин туруорсан бэйэтэ салайар кафедратыгар ассистенынан үлэҕэ ылбыта, салгыы аспирантураҕа киллэрэн диссертациятын салайбыта. Итинтэн салҕаан Н.А. Гоголев биллиилээх историк – учуонай буолбута, өр сылларга история уонна филология факультетын деканынан, Саха университетын проректорынан тахсыылаахтык үлэлээбитэ.

ССКП Саха уобаластааҕы кэмитиэтин быһаарыытынан Н.Н. Тарскай 1959 с. Уус-Маайа оройуонун депутаттарын сэбиэтин ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэҕэ ыытыллыбыта. 1962 с. күһүнүгэр Москваҕа ССКП  КК иһинэн үрдүкү партийнай үөрэххэ киирбитэ, ити дьыл ахсынньы 8 күнүгэр оһолго түбэһэн бу олохтон туораабыта.

 *                      *                      *

Н.Н. Тарскай суох буолбутун кэннэ кини аатын үйэтитиигэ балай да үлэ барда. Саха АССР спорткомитетын быһаарыытынан 1962 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ көҥүл тустууга Н.Н. Тарскай кубога олохтоммута. Ол күрэх күн бүгүҥҥэ диэри тэриллэр. Тарскай аатын баһааҕырда сатааччылар туруорсууларынан 1981–1989 сс. ити күрэх Николай Тарскай кубогар диэн аата тохтотулла сылдьыбыта. Онуоха Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов курдук уһулуччулаах спортсменнар, спорду таптааччылар уонна спорт бэтэрээннэрэ, үгүс дьон-сэргэ Н.Н. Тарскай аатын быыһаан ылбыттара, өрөспүүбүлүкэ кубогар Николай Тарскай аата төннөрүллүбүтэ.

Н.Н. Тарскай төрөөбүтэ 80 сылыгар 2004 с. олунньу ыйыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ В.А. Штыров анал Ыйааҕа тахсыбыта. 1996 сыл балаҕан ыйыгар Уус Алдан улууhугар, төрөөбүт Баатаҕайын нэһилиэгэр Николай Тарскай музейа аhыллыбыта. 2014 сыл кулун тутар ыйыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун министиэристибэтин быhаарыытынан Н.Н. Тарскай төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах тэрээhиннэри ыытарга анал хамыыhыйа тэриллибитэ. Ити кэмҥэ Н.Н. Тарскай аатын салгыы үйэтитэр, чуолаан Дьокуускай к. «Туймаада» стадиоҥҥа кини аатын иҥэрэр туhунан этии киирбитэ.

Тута сөрөөн бу этиини утарааччылар уонна утарылаһааччылар көстөн кэлбиттэрэ. Инньэ гынан, Н.Н. Тарскай аатын «Туймаада» стадиоҥҥа иҥэрэр туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ Е.А. Борисов Уурааҕа улаханнык хойутаан, нөҥүө сыл алтынньы 12 күнүгэр тахсыбыта. Аҕыйах хонугунан стадиоҥҥа бу туһунан анал бэлиэ ыйаммыта, салгыы 2016 с. от ыйын 1 күнүгэр «Туймаада» стадиоҥҥа киирэр киин аан таһыгар Тарскай бюһа туруоруллубута.

Н.Н. Тарскай бюһун биллиилээх скульптор В.В. Бочкарев олус табыллан чочуйбута. Бюст икки өттүнэн өрө анньыллыбыт стелаларга Николай Тарскай кынаттаах ыра санаата, өтө көрүүтэ суруллубута: «Недалек тот день, когда якутские спортсмены будут чемпионами России, Советского Союза, Мира и Олимпийских игр».

Бу оҥоһук бастаан 2015 с. сэтинньи ыйга Уус Алдан улууһун киинигэр Бороҕоҥҥо спорткомплекс дьиэтин таһыгар туруоруллубута. Сонно тута улуус баһылыгын А.В. Федотовы, спорткомитет бэрэссэдээтэлин К.В. Давыдовы кытта кэпсэтэн, кэлэр сыл сааһыгар бу скульптураны Дьокуускайга көһөрөн, Н.Н. Тарскай аата иҥэриллибит «Туймаада» стадионун иннигэр туруорарга сүбэлэспиппит. Ол кэмҥэ Дьокуускайга «Азия оҕолорун» VI оонньууларыгар бэлэмнэнэн «Туймаада» стадион иһин-таһын уларытыы-тэлэритии бара турара, стадион тула саҥа атын бырайыактар оҥоһуллан барбыттара, онон Н.Н. Тарскай бюһун олохтоох сирин суһаллык булларар гына дьаһаммыппыт. Ол сөптөөх этэ.

Оттон Бороҕон туһунан эттэххэ, манна урукку спорткомплекс оннугар Н.Н. Тарскай аатын сүгэр аныгылыы спорт дыбарыаһын туттарар уонна ол дыбарыас иннигэр Тарскайга аналлаах сквер аһар, саҥа пааматынньык туруорар туһунан санаа оччоттон баара.

Ол да курдук буолла. Санаабыппыт курдук, 2018 с. Саха сирин норуоттарын VIII Спартакиадатын Уус Алдан улууһугар ыытар туһунан Ил Дархан Дьаһала тахсара ситиһиллибитэ. Спартакиада сүрүн объектарын тутуу былааныгар Бороҕоҥҥо аныгы ирдэбиллэри толуйсар кыахтаах спорт дыбарыаһын тутуу көрүллүбүтэ. Дыбарыас тутуллан, быйыл, 2024 с. тохсунньутугар манна көҥүл тустууга үгэс буолбут Н.Н. Тарскай кубогар күрэхтэһии ыытылынна, дьон-сэргэ дыбарыас ис тутулун сөбүлээтилэр, күрэхтэһиини астына көрдүлэр. Н.Н. Тарскай скверэ уонна кини пааматынньыга (мэҥэ тааһа) эмиэ быйыл, төрөөбүтэ 100 сыла туолуутугар ыам ыйын 8 күнүгэр Уус Алданнааҕы Николай Николаевич Тарскай аатынан спорт дыбарыаһын иннигэр аһыллыаҕа.

Николай Николаевич Тарскай олохтон барбыта 60-тан тахса сыл буолла. Билиҥҥи түргэн үйэҕэ – балай да уһун кэм. Бүгүҥҥү Сахабыт сиригэр

50-с сыллардааҕар быдан үрдүк таһымнаах, киэҥ хабыылаах, ааттаах-суоллаах күрэстэр тэриллэллэр. Саха спортсменнара бэйэлэрин ситиһиилэринэн Николай Тарскай ыра санаатын толорбут, сорох түгэннэргэ аһары да түспүт курдук буоллулар.

Оннук буола да туруохтун. Бүгүн биһиги спортсменнарбыт Аан дойду түһүлгэлэригэр Николай Тарскай тэлбит суолунан тахсаллар, төрөөбүт Сахаларын сирин аатын үрдүктүк туталлар. Николай Николаевич Тарскай килбиэннээх аата Саха сирин спордун историятыгар, саха спортсменнарын, дьонун-сэргэтин өйүгэр-санаатыгар киэн туттуулаах кэпсэл, уостан түспэт номох буолан кэмтэн-кэмҥэ салҕана, дьулуурдаах, кыахтаах ыччаты саҥаттан саҥа ситиһиилэргэ, үрдүк чыпчаалларга ыҥыра, угуйа туруоҕа.

Александр Жирков, Саха Өрөспүүбүлүкэтин V ыҥырыылаах Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ

 

Читайте дальше