Бөдөҥ судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, Саха сиригэр физкультурнай уонна спортивнай хамсааһыны төрүттээччи, тэрийээччи Николай Тарскай төрөөбүтэ 100 сыллаах үбүлүөйдээх бэлиэ сылыгар анаммыт ыһыах бэс ыйын 8 күнүгэр төрөөбүт сиригэр-уотугар Баатаҕай нэһилиэгэр үрдүк таһымнаахтык, ураты тэрээһиннээхтик ыытылынна.
Саха омуга үгүс үйэлэри уҥуордаан кэлбит, сүрэҕэр-быарыгар чугастык туппут, айылҕалыын алтыһан этэ-хаана чэпчиир, кута-сүрэ ыраастанар сүрүн бырааһынньыгынан – Үрүҥ Тунах Ыһыах буолар.
Аар айылҕабыт көҕөрөн, чэлгийэн, күммүт уота чаҕылыччы мичилийэн, кэлбит дьону үөрэ-көтө уруйдуу-айхаллыы көрүстэ.
Үбүлүөйдээх ыһыахпыт Н.Н. Тарскай 100 сылыгар анаммыт бюст арыллыытыттан саҕаланна. Бюст ааптара – Геннадий Оллонов, тэрээһин кыттыылаахтара, ыалдьыттара бюһу олус табыллыбытын бэлиэтээтилэр, Геннадий Николаевичка махтал тылы эттилэр.
Улуус дьаһалтатын баһылыга Василий Аммосов эҕэрдэ тылыгар бу бюст өрөгөйдөөх үбүлүөй буолан ааспытын үйэлэргэ өйдөтө, саната туруоҕа, үүнэр көлүөнэ бэйэтин төрүттэрин, үгэстэрин, историятын өйдүү-саныы сылдьарыгар улахан өйдөбүнньүк буолуоҕун эттэ.
Саргы салаллар саха ыһыаҕар санааларын холбуу, өрөгөйү үрдэтэр ыһыахха өрөспүүбүлүкэ, улуус салалталарын, нэһилиэк делегацияларын, улууспут бастыҥ спортсменнарын, спортивнай дьиэ кэргэн династияларын бары биир сомоҕонон параадтаан киирбиттэрин, улууспут дьоно-сэргэтэ уонна ыалдьыттара ытыс тыаһынан айхаллаан көрүстүлэр.
Ыһыах сиэрин-туомун Үрдүк Айыылартан көрдөһөн, Хатан Тэмиэрийэҕэ уохтаах кымыһынан, арыылаах алаадьынан айах тутан алгысчыт Владимир Заболоцкай ыһыаҕы арыйда.
Улуус баһылыга Василий Аммосов кэлбит дьону уйгу-быйаҥ ыһыаҕынан эҕэрдэлээтэ:
– Күндү бар дьонум! Ийэ айылҕабыт силигилээн, тупсан турар кэмигэр эһиэхэ хас биирдиигитигэр өй-быйаҥ олоҕу, чөл туругу, этэҥҥэ буолууну баҕарабын. Быйыл, биһиги улууспутугар Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 100 сылынан сибээстээн араас тэрээһиннэр былааннаахтык ыытылла тураллар. Николай Николаевич Тарскай Саха Сиригэр көҥүл тустууну көҕүлээччи, өрөспүүбүлүкэҕэ физкультурнай-спортивнай хамсааһыны саҥа тыыннаабыт улахан таһымнаах салайааччы, тэрийээччи буолар. Тустууну сэргэ, ыарахан атлетика, бокс сайдыыларыгар улахан өҥөлөөх киһи. Николай Николаевич – Саха сиригэр бастакы спортивнай бэстибээллэри, спартакиадалары көҕүлээбит уонна ситимнээхтик ыытыллалларын ситиспит төлөннөөх салайааччы, кырдьык даҕаны кини — саха спордун аҕата!
Н.Н.Тарскай эппит тыла туолла. Биһиги ыччаттарбыт, билигин аан дойду таһымнаах күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кытта сылдьаллар. Бу кини саҕалаабыт, ыыппыт үлэтин түмүгэ буоларынан, биһиги киэн туттабыт!
Ыһыах үөрүүлээх арыллыытыгар көс-бас дьоммут – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, физическэй культураҕа уонна спортка миниистири солбуйааччы Гаврил Мохначевскай, Ил Түмэн депутата Геннадий Васильев, улуус депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Аммосов уйгулаах ыһыаҕынан эҕэрдэ тыллары эттилэр, бастыҥ үлэһит дьоҥҥо наҕараадалары туттардылар.
Уус Алдан улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата