Олох ыарахан түгэнигэр түбэспит оҕолору кытары үлэни торумнуур «төгүрүк остуол» буолла

Тохсунньу 31 күнүгэр «Уус Алданнааҕы сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго аналлаах социальнай-реабилитационнай киин» Саха Республикатын государственнай тэрилтэтигэр «Сила во взаимодействии: итоги, перспективы» диэн холбоһуктаах «төгүрүк остуол» «Өркөн» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин итиэннэ «Движение первых» Россиятааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһынын улуустааҕы отделениетын специалистарын кытары буолан ааста.

Тэрилтэ директора Иннокентий Сергеев: “Саҥа 2024 сыл Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, улууспутугар Аҕа сылынан биллэриллибитин бары билэбит. Бу үс хайысха биһиги үлэлиир үлэбитин барытын быһаччы хабарын быһыытынан биһигини элбэххэ эбээһинэстиир. Онон сибээстээн бүгүн эһигини кытары салгыы хайдах быһыылаахтык үлэлиэхпитин сөбүй диэн сүбэлэһээри  төгүрүк остуолга муһуннубут…” – диэн кэпсэтиини саҕалаата.

Кини тэрилтэ үлэлии олорор хайысхаларын, ааспыт сылга ситиһиилэрин, инники соруктарын туһунан сиһилии сырдаппытын кэннэ «Өркөн» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин директорын солбуйааччы Екатерина Ушницкая ыытыллыбыт системалаах үлэ түмүктэрин дириҥ ис хоһоонноох этиитигэр төгүрүк остуол кыттыылаахтара оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ аныгы оҕо дьарыктаах, сайдыылаах буоларыгар үлэтэ үрдүктүк сыаналанан улуустааҕы тирэх киин (муниципальный опорный центр) буолар статуһа бигэргэммитин үөрэ иһиттилэр.

Салгыы Россиятааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһынын улуустааҕы отделениетын салайааччыта Мария Винокурова Россия Президенэ быһаччы дьаһалынан тэриллибит саҥа хамсааһын туһунан толору иһитиннэрдэ уонна реабилитационнай киин бу хамсааһын отделениетын быһыытынан регистрацияны ааспытынан салгыы үлэлииргэ методическай сүбэлэри биэрдэ, ыйыылары оҥордо.

Олус туһалаах иһитиннэриилэри истэн баран санаа атастаһыытыгар реабилитационнай киин специалистара оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ, чахчы даҕаны, билиҥҥи бириэмэҕэ сөп түбэһэр дьарыктары, үөрэхтэри ыытыыга ыраах инники хардыылаабытын сөхтүлэр, педагогтар оҕону эбии үөрэхтээһиҥҥэ бэйэлэрин үлэлэрин туһунан кэпсээтилэр, ханнык көмөҕө, хайысхаҕа наадыйалларын чопчулаатылар. Онно хардаран «Өркөн» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин педагогтара биир-биир бэйэлэрин туһааннаах хайысхаларын, үлэлэрин, ситиһиилэрин билиһиннэрдилэр уонна бииргэ үлэни тэрийиигэ чуолаан ханнык ситими, хайдах тутуһан үлэлиэхтэрин сөбүн быһаардылар.

Онон бу кэмигэр тэриллибит «төгүрүк остуол» өрүттэр олох ыарахан түгэнигэр түбэспит оҕолору кытары бииргэ үлэлиир хайысхаларын, ситимнэрин быһаарда, чопчулаата, сөбүлэҥ уталыйбакка эрэ түһэрсиллэн үлэ саҕаланарыгар олук уурда.

Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.

Читайте дальше