“Мин Докумуоннарым” кииҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай былааҕын күнүн көрсө 14 саастарын туолбут оҕолорго Арассыыйа олохтооҕун пааспарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыы буолла.
Пааспар туппут оҕолору Уус Алдан улууһун баһылыгын солбуйааччы Анатолий Сторожев, “Бастакылар хамсааһыннара» оҕолор уонна ыччат Арассыыйатааҕы хамсааһыннарын («Движение первых») улуустааҕы координатора Мария Винокурова эҕэрдэлээтилэр.
Олус элбэх омук түмсэн олорор Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕа биһигини сомоҕолуур мэҥэ бэлиэлэртэн биирдэстэрэ буолар. Былаахпытын 1992 сыллаахха Саха ССР Үрдүкү Сэбиэтин VI мунньаҕар ылыммыттара. Былааҕы ылыныах иннинэ куонкурус биллэрбиттэрэ уонна икки сылы быһа кэтэспиттэрэ биллэр. Бүтэһигэр Айина Захарова диэн оҕо уонна кини ийэтэ Людмила Слепцова уруһуйдаабыт, Михаил Старостин диэн график тупсаран биэрбит былаахтарын ойуутун талбыттара.
Аан дойду үрдүнэн халлаан күөх өҥү былаахха чиэс, бэриниилээх уонна истиҥ сыһыаннаах буолуу диэн өйдөбүлгэ тутталлар. Үрүҥ өҥ ырааһы, мындыр өйү уонна үөрүүнү кэрэһэлиир. Кыһыл субурҕа – быраап, күүс уонна эр санааланыы бэлиэтэ. Күөх өҥ көҥүлү уонна эрэли бэлиэтээтин диэн эбэн биэрбиттэр. Халлаан күөх, үрүҥ уонна кыһыл өҥнөрү Арассыыйа былааҕар майгылыырын иһин туттуллубут, ол аата Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар баар Өрөспүүбүлүкэ диэн өйдөнөр.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр улахан суолталаах күҥҥэ түбэһэ 14 сааһын туолбут 10 оҕо пааспардарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттулар.
Мария Рожина, «Мин Докумуоннарым» киин салайааччыта