Куортуктаах кулуба дьиэтэ сөргүтүллэн үйэтитилиннэ

2-с Байаҕантай нэһилиэгэр умнуллубат кэрэ-бэлиэ күн буолан ааста. Ол курдук Балаҕаннаах диэн сиргэ Байаҕантай улууһун кулубата Савва Алексеевич Егоров – Саабыска кулуба олорбут дьиэтин реставрациялаан чөлүгэр түһэрии дьон билиитигэр тахсыбыта кэрэхсэбиллээх үтүө дьыала буолла.

Байаҕантай улууһун кулубата Савва Егоров 19-с үйэ ортотугар бэйэтин улууһугар икки чосуобунньаны уонна таҥара дьиэтин туттарары ситиспитэ. Кини 1844 сыллаахха император аатыттан үрүҥ көмүс куортугунан наҕараадаламмыта.

Маннык былыргыны сөргүтүү, үйэтитии үтүө дьыалатын Саха Өрөспүүлүбүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев “Пааматынньыктары сөргүтүү” диэн анал бырайыагын чэрчитинэн 2018 сыллаахха Таатта улууһугар тус бэйэтин харчытынан миэлиҥсэни сөргүтэн иккис тыыннаан, үтүө бачыымы саҕалаабыта.

Билиҥҥи үп-харчы кырыымчык кэмигэр пааматынньык буолар дьиэни сөргүтүүгэ былырыын, 2022 сыллаахха “Саха” НКИХ ханаалын нөҥүө “Биһиги нэһилиэстибэбит” диэн анал телемарафон муус устарга Пааматынньыктар уонна историческай миэстэлэр аан дойдутааҕы бэлиэ күннэригэр ыытыллан, бу историческай пааматынньыгы чөлүгэр түһэриигэ уопсайа тэрилтэлэртэн, биирдиилээн олохтоохтортон, урбаанньыттартан биир мөлүйүөн солкуобай курдук үп-харчы хомуллубута уонна улуус дьаһалтатыттан, култуура управлениетыттан, олохтоох дьаһалта көмөлөрүнэн ааспыт устуоруйаны кэрэһэлиир сүдү пааматынньык олоххо киирэр кыахтанна.

2-с Байаҕантай нэһилиэгэр олорон, үлэлээн-хамсаан ааспыт кыраайы үөрэтээччи, патриот киһи Александр Турантаев өр сылларга сыралаһан суругунан бэчээккэ таһаартаран аан бастаан бу үтүө дьыаланы саҕалаабыта диэн олохтоохтор тоһоҕолоон бэлиэтээн эттилэр. Бу үөрүүлээх күҥҥэ Александр Иванович төрөппүт ийэтэ, куортуктаах кулуба сыдьаана Анна Александровна Турантаева кыттыыны ылла.

Саҥардыллыбыт кулуба дьиэтин хара үлэтин “Уран” ХЭТ дизайн устуудьуйа (ген. дириэктэр Вячеслав Яроев), Владимир Чахов маастардаан, оһохчут Гаврил Черноградскай оҥоруутунан дьиэ акылаата, кырыыһата уларытылынна, сахалыы көмүлүөк оһох туттуллан, оччотооҕу дьиэни санатар гына саҥардыллан, сүрдээх тупсаҕай көрүҥнэннэ. “Уран” тэрилтэ бу иннинэ өссө 2016 сыллаахха Тандаҕа таҥара дьиэтин акылаатын уларыппыта.

Бу култуурунай эбийиэги арыйар үөрүүлээх быһыыга-майгыга СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, Саха сирин ураты харыстанар сирдэрин Департаменын салайааччыта Николай Макаров, Ил Түмэн дьокутаата Геннадий Васильев кыттыыны ыллылар.

Департамент салайааччыта Николай Макаров бэлиэтээбитинэн, уопсайа 49 историческай эбийиэк сөргүтүллэн үлэҕэ киирбит. Кини: «Маннык тутуулар үксүгэр норуот күүһүнэн тутуллар буоланнар, үп-харчы көстөрө сүрдээх уустук», — диэн бэлиэтээн эттэ. Улуус култуураҕа салаатын начаалынньыга Иннокентий Аммосов олус туһалаах этиини киллэрдэ: “Маннык историческай миэстэлэри билиһиннэрэр, үйэтитэр сыалтан экотуризмы тэрийэн, дьон интэриэһин тардыахха наада”. Оттон олохтоох дьаһалта баһылыга Андрей Егоров бу үтүө дьыалаҕа кыттыспыттарга барыларыгар грамота, өйдөбүнньүк туттарда.

Ити курдук, Уус Алдаҥҥа өссө биир историческай миэстэ аһыллан, дьон-сэргэ сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар.

Александр Сивцев, улуус устуоруйатын мусуойун сотруднига

Читайте дальше