Алтынньы 12-13 күннэригэр Дьокуускай куоракка «Олоҥхо. Сыл бастыҥ уһуйааччыта-2023» өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы күөн күрэс буолан ааста. Күөн күрэс олоҥхону толорууга уһуйар маастар-педагогтар икки ардыларыгар ыытылынна.
Тэрээһин биир бэлиэ түгэнинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жиркову кытта көрсүһүү буолла. Көрсүһүүгэ уһуйааннарга уонна оскуолаҕа, ону тэҥэ дьиэ кэргэҥҥэ олоҥхо эйгэтин тэрийиигэ киэҥ кэпсэтии таҕыста.
Александр Жирков саха тылын үөрэтиигэ хас да сүрүн хайысхаҕа сиһилии тохтоото:
«Билигин национальнай оскуолаларга оҕо төрөөбүт тылынан үөрэнэригэр болҕомто да, ирдэбил да киин былаас өттүттэн биллэрдик мөлтөөтө, – диэтэ Александр Николаевич. – Өрөспүүбүлүкэ өттүттэн туруорсуу баарын үрдүнэн оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтии чааһа аҕыйатылла турар. Оҕону төрөөбүт тылынан үөрэтиигэ үлэни үөрэх министиэристибэтиттэн улаханнык ирдээбэт да буоллулар. Министиэристибэ Россияҕа бигэргэтиллибит үөрэх стандартын тутуһар, онтон ол стандартка оҕону төрөөбүт тылынан үөрэтиигэ ирдэбил суоҕун тэҥэ. Онон, өрөспүүбүлүкэҕэ, холобур, оҕо төрөөбүт тылынан үөрэнэр кыаҕын үрдэтии чуолаан Үөрэх министиэристибэтин салалтатыгар туох өйдөөх-санаалаах дьон үлэлииллэриттэн кытта тутулуктаах буолла».
Баар быһыыны ырытан баран Александр Жирков маннык түгэҥҥэ оҕо төрөөбүт тылын билэр буоларыгар кыһаллыы үөрэх эйгэтиттэн общественнай тэрилтэлэргэ, энтузиастарга уонна төрөппүттэргэ бэйэлэригэр көһөн эрэр диэн эттэ.
«Биллэн турар, общественнай тэрилтэлэр, төрөппүттэр бу хайысхаҕа үлэлэһэллэрэ сөптөөх уонна судаарыстыба өттүттэн күүстээх өйөбүллээх буолуохтаах, — диэтэ Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ. – Ол гынан оскуоланы итинэн солбуйбаккын. Уһуйааҥҥа, оскуолаҕа төрөөбүт тылга уһуйуу, үөрэтии мөлтөтүллэ, үөрэтэр чаас аҕыйатылла турар буоллаҕына аҥардас общественность, төрөппүт күүһүнэн тылы харсытааһын кыаллыа суоҕа».
Итинтэн сиэттэрэн Александр Николаевич үс сүрүн сорукка тохтоото.
-
Уһуйааннарга, оскуолаҕа оҕону төрөөбүт тылынан уһуйуу, үөрэтии кэҥэтиллиэхтээх, үөрэнэр чаас элбиэхтээх. «Манна Өрөспүүбүлүкэ салалтата, Бырабыыталыстыба, Ил Түмэн киирсиэхтээх».
-
Куйаар эйгэтигэр үлэ күүһүрэн иһиэхтээх. «Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн НКВ “Саха” тэрилтэ сахалыы ойуулуктары оҥорууга, тылбаастааһыҥҥа улахан үлэни саҕалаата. Атын да саҕалааһыннар бааллар. Ити кэҥээн иһиэхтээх». Итини сэргэ оҕо төрөөбүт тылынан ааҕар, билэр эйгэтэ салгыы кэҥэтиллиэхтээх».
-
Оҕону төрөөбүт тылыгар уһуйууга анаммыт общественнай тэрилтэлэр, биирдиилээн энтузиастар, төрөппүттэр үлэлэрэ бэлиэҕэ ылыллыахтаах. Олорго судаарыстыба өттүттэн көҕүлээһин, көмө улаатан иһиэхтээх.
Ити кэнниттэн тахсыбыт киэҥ кэпсэтиигэ Олоҥхо өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциациятын салайааччыта Февронья Шишигина 2023 сылга олоҥхону үөрэтиигэ ыытыллыахтаах тэрээһиннэри билиһиннэрдэ. Ол курдук, «Россия – моя история» мусуойга дьыссааттар, оскуолалар педагогтара мустан пуорумнуохтара. Олоҥхону толорооччулар наука үлэһиттэриттэн тэйбэттэрин туһугар «Наука үлэһиттэрэ үөрэх тэрилтэлэригэр олоҥхоҕо биһирэбили иҥэрии» диэн төгүрүк остуол тэриллиэхтээх. «Арылы кустук» диэн дьыссааттар ситимнэрэ баар, ону хаҥатан иһиэхтээхпит. Быйыл Чурапчыга «Олоҥхо педагогикатын олоххо киллэриигэ ситим технологиятын туһаныы» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорум ыытыахпыт. Сунтаарга уһуйааччыларга сэминээр тэриллиэхтээх.
Филология наукаларын дуоктара, бэрэпиэссэр Василий Илларионов эппитинэн, биһиги сорукпут – дьиҥнээх былыргы олоҥхо пуорматын, толору толоруутун өрө тутуу. «Кыргыыстар манастарын 7 суукка устата былырыын толорбуттара. Олоҥхолоро туох да сүрдээх уһун – 500 000 кэриҥэ устуруокалаах. Биһиги саха олоҥхотун ол курдук толорууга дьулуһуохтаахпыт», – диэтэ Василий Илларионов.
Олоҥхоҕо үөрэтээччи Сахаайта Мойтохонова каадыр боппуруоһун таарыйда. «Култуура үөрэхтэрин бүтэрбит устудьуоннарбыт үлэтэ суох сылдьаллар. Онон улуустарбытыгар үчүгэй хамнастаах олоҥхо учууталларын ыстааттара арыллыахтарын наада», – диэн кини тоһоҕолоон эттэ.
Олоҥхо тыйаатырын салайааччыта Мария Турантаева дьиэ кэргэн өттүттэн үлэ барыахтааҕын бэлиэтээтэ. «Чопчу ийэлэри кытта үлэлэһиэххэ наада. Ийэ сахалыы саҥарар буоллаҕына, оҕо оннук саҥарар буолар. Учууталлары, баспытааталлары оҕолор сахалыы саҥарбаттар диэн буруйдуур сыыһа», – диэн эттэ тыйаатыр салайааччыта.
Олоҥхо тыйаатырын педагог маастардара Никандр Тимофеев олоҥхону тилэри олоҥхолуур дьону былаас өттүттэн өйүөххэ уонна Эллэй «Чурум Чурумчуку» остуоруйатын мультфильм оҥорон таһаарыахха диэн этиилэри киллэрдэ.
Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Дмитрий Иванов «норуот ырыаһытын ыстаатыһын үрдэтэн, «Норуот артыыһа», «Норуот худуоһунньуга» дэнэр курдук таһымҥа таһаардахпытына, эдэр көлүөнэ дьоннорго көҕүлүүр күүс буолуон сөп этэ», – диэн эттэ.
Майа дьыссаатын иитээччитэ, логопед Евдокия Иванова уһуйааннарга олоҥхоҕо үөрэтэр дьарык хайаан да баар буолуохтаах диэн этиитин киллэрдэ.
Олоҥхоһут Петр Тихонов саха тыла уонно олоҥхото сайдарыгар бэйэлэрин этиилэрин киллэрдэ:
- ‒ саха саханы кытта сахалыы кэпсэтэрэ этикиэт быһыытынан олохпутугар киириэхтээх;
- ‒ ыччат олоҥхону кэрэхсиирин туһугар күһэйиитэ суох сымнаҕас үлэ барыахтаах;
- ‒ иһитиннэрэн үөрэтии араадьыйаҕа, тэлэбиидэнньэҕэ, интэриниэккэ киириэхтээх.
Түмүккэ, ыалдьыттар бары санааларын иһитиннэрбиттэрин, этиилэрин киллэрбиттэрин кэннэ, Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков быйылгы олоҥхо декадатын кэмигэр өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын саҥа састаабыгар саха тылын уонна олоҥхотун харыстыырга туһуламмыт сыаллары-соруктары билиһиннэрэргэ анаан көрсүһүүлэр тэриллиэхтээхтэрин туһунан эттэ.
Ил Түмэн пресс-сулууспата