Бу күннэргэ бассаап устун аҕам саастаах эр киһи этин-сиинин эрчийэн күннэтэ эрчиллиилэри оҥорорун, хаамарын туһунан сэһэргиир видеота тарҕанна. Кини кимий?
Байаҕантайга олорбут Герой Ийэ Анна Гаврильевна уонна Петр Петрович Матвеевтар 14 оҕолоруттан биирдэстэрэ 79 саастаах Петр Петрович Матвеев буолар. Кини билигин Дьокуускайга кыыһын ааҕы кытта олорор, кыра сиэннэрин көрөр-истэр, бүөбэйдэһэр, оскуолаҕа, оҕо саадыгар илдьэр, аҕалар.
Петр Матвеев оҕо, эдэр эрдэҕиттэн үлэҕэ-хамнаска эриллэн, сүүрэн-көтөн улааппыта. Оччотооҕу ыччат түмсэ түстэр эрэ мээчиктиирэ, успуорт араас көрүҥнэригэр куоталаһа оонньууллара. Олорго барытыгар биир көхтөөх оонньооччу, тэрийээччи буолара. Эдэр саас тапталын көрсөн, Дүпсүнтэн төрүттээх Анна Николаевналыын олохторун холбоон 51 сыл иллээхтик, өйөһөн-өйдөһөн олорбуттара. Түөрт оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, улаатыннаран, үгүс сиэн, хос сиэн эбэтэ, эһэтэ буолбуттара. Анна Николаевналыын Танда биир көхтөөх, уопсастыба олоҕуттан туора турбат дьоно этилэр. Анна Матвеева үгүс сыл нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин салайбыта, Саха сирин дьахталларын XII сийиэһин дэлэгээтэ буолбута. «СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ» бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Сопхуос ыһыллыбытын кэннэ Матвеевтар үөлээннээхтэрин кытта «Ыллык» бааһынай хаһаайыстыбатын тэринэн, ынах, сылгы тутан сайыннарбыттара. Сайын аайы хас да ыал сайылыкка көһөн ньир-бааччы үлэлииллэрэ, оттууллара, күһүн хойукка диэри сайылыктарыгар олороллоро. Анна Матвеева 2015 сыллаахха «Тандам дьоһун дьоно» кинигэни кыыһынаан филология билимин хандьыдаата Елена Копыриналыын суруйан, кинигэ аата да этэрин курдук, Танда үлэһит дьонун аатын үйэтиппиттэрэ.
Петр Матвеев өр сылларга тутууга үлэлээбитэ. Танда бөһүөлэгин 1970–1980-нус сыллардааҕы мас тутуулара сүрүннээн кини салалтатынан олоххо киирбиттэрэ. Эҥкилэ суох үтүө суобастаах үлэтэ «Уус Алдан улууһугар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга кылаатын иһин» бэлиэнэн, «Урожай» уопсастыба «Тыа сиригэр успуорду сайыннарыыга кылаатын иһин» үрүҥ көмүс бэлиэтинэн наҕараадаламмыта. Кэргэнинээн Анна Николаевналыын Байаҕантай нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторо буолбуттара.
Петр Матвеев билигин даҕаны күн иллэҥэ суох олохтоох. Сиэннэрин кытта бодьуустаһан бириэмэни билбэккэ аһарар. Быыс булан бэйэтин көрүнэн күннэтэ сэрээккэлиир, куорат уулуссаларынан күн аайы хас да биэрэстэни хаамар. Өрөбүллэргэ сиэн кыргыттарын Ньургуйаананы, Нарыйаананы кытта арааһы кэпсэтэ-кэпсэтэ, күлэн-үөрэн сиэттиһэн хааман кэлэллэр. Төһөлөөх да тымныы буоллаҕына, эһэлэрэ кыргыттары аһары үллүйбэт, хаамарга чэпчэки гына таҥыннарар, ол оҕолор эттэрин-сииннэрин бөҕөргөтөр.
Өссө Петр Петрович асчыт бэрдэ. Анна Николаевналыын төһө да бэйэлээх аһы тулуппакка астыыллара, остуоллара өрүү ыалдьыты күүппүт курдук астаах буолара. Тандаҕа мааны ыалдьыт кэллэҕинэ, кинилэргэ аҕалан чэйдэтэллэрэ. Билигин Петр Петрович бэйэтэ эт, бурдук аһы, этэргэ дылы, ааһан иһэн буһарар. Кини куппут хаана, бэрэскитэ, ыһаарылаабыт балыга, бэл мороженайа олус минньигэс буолааччы. Маны тэҥэ сайыҥҥы сибэккилэри бэйэтэ көрөн-истэн үүннэрэр. Сайынын Тандаҕа дьиэтин таһа сибэккинэн киэркэйэр. Тыа киһитин сиэринэн сайын аайы оҕолорун, сиэннэрин батыһыннаран оттуур, бары мустан аҕыйах күнүнэн сыл тахсар отторун бэлэмнээбиттэрэ эрэ баар буолар.
Сааһырдым диэн олорон хаалбакка, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсан бэйэтин көрүнэн сөптөөхтүк хамсанар, эрчиллэр, хаамар Петр Петрович Матвеев үгүс киһиэхэ холобур буоллун.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.