Бэҕэһээ улуус баһылыга Василий Аммосов үлэлиир бөлөҕүн кытта Танда бөһүөлэгэр сырыытыгар Арассыыйа Үлэҕэ Дьоруойа Михаил Готовцевы кытта көрсөн, улууспутугар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы суолун тобуларга кэпсэттилэр.
Михаил Николаевич соргулаах сүбэтин маннык түгэхтээх ыйытыынан саҕалаата:
– Эһиги нэһилиэктэргэ, бөһүөлэктэргэ тоҕо кулууп, оскуола, успуорт саалата эрэ тутаҕытый? Кимиэхэ анаан? Билигин биир да ийэ, аҕа улааппыт оҕотун «эн бөһүөлэккэр хаал, олохсуй» диэ суоҕа, бары оҕолорун киэҥ сиргэ ыыта сатыыллар. Ыччат тыа сиригэр таласпат буолла. Сылтан сыл тыа сиригэр нэһилиэнньэ ахсаана аччыы турар. Сүөһү иитэр дьон тарбахха баттанар буоллубут.
Нэһилиэк аайы биирдии-иккилии хаһаайыстыбалаах ыччат баар диигит. Оччоҕо олорго анаан туох-ханнык иннинэ биир уопсай улахан хотонно тутан биэриҥ. Оччоҕо үлэ-хамнас тахсыаҕа, нэһилиэк кэҥиэ, сайдыа, – диэтэ. Итиэннэ ыанар ынахха төбө аайы көрүллэр харчы көдьүүһэ суоҕун, итинтэн сылтаан дьон үүт туттарбат буолбутун бэлиэтээтэ.
Салгыы кэпсэтии сир боппуруоһугар салалынна:
– Дьон оттуур сир суох диир. Оттуур сир элбэх! – диэн туран, Үлэ Дьоруойа дьонун кытта сүөһүлэрин ахсаана элбээн, кэлиҥҥи 10 сылтан бэттэх төһөлөөх элбэх сири, ходуһаны сөргүтэн, төһөлөөх элбэх дулҕаны, оту-маһы ыраастаан, 60-ча км тэйиччи сытар сиргэ тиийэ оттоон кэлбиттэрин кэпсээтилэр. Итиэннэ билигин сүөһүтэ суох, нэһилиэктэн былыр үйэҕэ барбыт дьон, оттообот эрээри, ходуһалары бас билэн олороллорун, ол федеральнай сокуонунан күөмчүлэнэрин, ымпыга-чымпыга суох, ыллыҥ да, былдьаммата улахан кыһалҕа буоларын ырытыстылар. Итини таһынан Үлэ Дьоруойа сүөһүнү сиэмэлээһин үлэтэ күүскэ ыытыллыахтааҕын туһунан эттэ. Голштино-фризскэй хааннаах боруодалары үксэтэргэ оҕустары тарҕатыы наадалааҕын туһунан боппуруоһу таарыйда. Маннык боруода сүөһүттэн билигин кинилэр күҥҥэ 30-тан тахса киилэ үүтү ыылларын холобурдаатылар.
Мария Аргунова