Маннык ыллыктаах санаанан 35 сыл устата норуот эмчитинэн үлэлээбит Татьяна Дмитриевна Лукина биһиги улууспутугар бу күннэргэ олохтоохтор доруобуйаларын туругун тупсарар туһугар үлэлиир. Кини 1975 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай училищены бүтэрэн иитээччи идэтин баһылаабыта. Чурапчыга кийиит буолан, таптыыр кэргэнинээн үс оҕолонон, билигин элбэх сиэннэнэн, хос сиэннэнэн олох кэрэтин билбит дьоллоох Далбар Хотун.
Сахалыы илбийэн эмтээһини баһылаан, үгүс кыһалҕалаах дьоҥҥо доруобуйаларын туругун тупсарарга, итиэннэ айылҕа араас содулуттан охсууну ылбыттарга чөлүгэр түһэрэр көмөнү оҥорбута. Эмискэ ыарахан балаһыанньаҕа түбэспиттэргэ уйулҕа өттүнэн уйуктаах буолууга сыратын ууран туран үлэлэһэр. Татьяна Дмитриевна дьоҥҥо көмөтө туһалыырын билэн, 2003 сыллаахха Сыдыбыл оскуолатыгар буолбут баһаарга оҕолорун сүтэрбит төрөппүттэргэ, чугас дьонноругар, 2007 сыллаахха Таатта улууһун Чымынаайытыгар халаан уута таһымнааһыныттан итиэннэ 2015 сыллаахха Усуйаана оройуонун Депутатскайыгар “МИ-8” вертолет саахалыгар эчэйбиттэргэ ыҥыран ылан, тута быһаччы көмө оҥотторбуттара мээнэҕэ буолбатах. Ол курдук, маннык эмискэ буолбут быһылааҥҥа үгүс киһи соһуйуу, куттаныы, ыктарыы, ыгыллыы туругар киирэн, муммут түгэнигэр күүстээх эйгэлээх киһи көмөтө наадатын манныкка түбэспит киһи үчүгэйдик өйдүүр буолуохтаах.
Чараас эйгэлээх ийэ киһи саха норуотун инникитин түстүүр Далбар Хотуттар инники дьылҕаларыгар кыһаллан, өрөспүүбүлүкэ 32 улууһугар сылдьан, сырдатар үлэни ыыта сылдьар. Саха омук генофондатын харыстааһыҥҥа анал үлэни оҥорон биһирэммитэ. Айылҕаттан эмтээһини Айыы үөрэҕин кытта сибээстээн, норуот духуобунай баайын үрдэтиигэ төһүү күүс буоларын дакаастаабыта. Бүлүү улууһуттан төрүттээх Ньыыкан эмчит сыдьааннаах буолан, удьуор уус эмчит быһыытынан тирии ыарыылаахтары, итиигэ (уокка) буспут, арыгыттан, табахтан тутулуктанар ыарыһахтарга авторскай бырайыагынан үтүмэн элбэх өрүттээх көмөнү оҥорбута. Хаартынан сэрэбиэйи баһылаабыт көрбүөччү. Саха омук итэҕэлинэн үгэс буолбут эмтээһин ньымаларын туһанан араас олохсуйбут ыарыылартан босхолонорго туһалыыр. Маны эмтииригэр илбийии диэн ньыманы туһанан чэпчэтэр, ыарыыны “көтүтэр”. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар олохтоохтор сахалыы эмтиир ньымалары билэллэригэр араас ис хоһонноох практикумнары тэрийэр.
Норуот үгэс буолбут эмтэниитин бүтүн Арассыыйа үрдүнэн сэҥээрэллэр. Ол курдук Москваҕа төрүт эмтээһини научнай-чинчийэр киинигэр Татьяна Дмитриевнаҕа авторскай бырайыагын иһин “Арассыыйа үтүөлээх эмчитэ (целителэ)” диэн үрдүк ааты иҥэрбиттэрэ элбэҕи этэр. Ону тэҥэ, Арассыыйа доруобуйаҕа харыстабылыгар норуот эмтээһинэ биир сүрүн күүс буоларын бигэргэтэр конференияҕа ыҥырыллан кыттыбыта. Судаарыстыбаннай систиэмэ уонна норуот медицинэтин ситимигэр, холбоһугар (интеграциятыгар) тус кылаатын иһин бочуотунай дипломунан наҕараадаламмыта.
Ити курдук, сүрүн үлэтин ис хоһоонун билиһиннэрэн туран, олох туһунан түөрт ыйытыыга хоруйу көрдөстүм:
– Киһи олоҕун суолтатын туохха көрөҕүн?
– Орто дойдуга туох барыта суолталаах. Холобур, мин суолта биэрэммин, эһиги улуускутугар хаһыс да сылдьыым буолла. Урут педпрактикабын 1975 сыллаахха эмиэ манна ааспытым. Онтон билиҥҥи дьарыкпынан аан бастакытын 1997 сыллаахха саха балаҕаныгар үлэлээбиппит. Ол саҕана балаҕан улуус дьаһалтатын уонна кулууп икки ардыгар баара.
– Киһи тоҕо Орто дойдуга төрөөн-үөскээн олох диэни билэрий?
– Киһи Орто дойдуга олорорго ананан төрөөн кэлэр. Ол иһин олох суолтатын, ытык иэһин таба өйдөөн толору олоруохтаах. Ол ытык иэһин ситиһиэхтээх. Мэйиитигэр олоҕун суола суруллан, программаланан кэлэр. Хас биирдии киһи олоҕо, ис кыаҕа муҥура суох. Айылҕаҕа от-мас арааһын курдук киһи араас энергиялаах буолар. Аналынан сырдатар, идэтин таба таайан үлэлии сылдьар буоллаҕына, киһи ыалдьыбат. Күүһүн өһүлтэрбэт, сатабыллаахтык, ситиһиилээхтик сылдьан үлэлиир-хамсыыр. Онно өркөн өйө, ис туруга эбиитин тас күүс өбүгэлэрин күүстэрэ көмөлөһөр диибин. Тоҕо диэтэр, мин кэтээн көрүүбүнэн, олоххо да көстөрүнэн төһө да олохпут структуралара уларыйдар, конституция сокуонугар олоҕурдарбыт да, Аар айылҕабыт сокуонун тутуһуохтаахпыт.
– “Олох – биир” диэни хайдах быһаараҕын?
– Киһи олоххо биирдэ эрэ ананан кэлэр. Олох кэрэ, онон тула өттүн көрүөхтээхпит. Аттыгар баар дьоҥҥун-сэргэҕин, кэргэҥҥин, оҕолоргун, кэлэр кэнэҕэски ыччаккын. Олоҕу таптыахтаахпыт, кинини уустугурдубакка эрэ. Кини суолтатын өйдөөн толкуйданан, киһи буолан киһитийиэхтээхпин.
– Ханнык бэлиэ (знаковай) системанан үлэлиигиний?
– Тойон ыйбатах, былаас соҥнооботох, сыччах айылҕа биэрбитинэн, ыйбытынан айылҕа сокуонугар олоҕуран бэйэм айбытым. Олох олорууу сокуона, өбүгэ үгэһэ, сиэрэ-туома, онно талыллыан, таайыллан, баар олоҕу таптыахтаахпыт, санаанан салайтарыахтаахпыт. Ол санааны ситэн, ситиһиэхтээхпит. Чөл олох-чөл олох диирбит сиэрэ суох тутуһуллубат. Сиэрбит Айыы үөрэҕэр сытар. Онон билэн, көрөн-истэн, өй-санаа ис туруга ыраастаныыттан духуобунай сайдыы буолар. Саха омук аан дойду улуу өйдөбүлүн, билиитин биир ситимэ (Вселенный лотос) буолар. Ону билии – Улуу суол. Биллэхпитинэ – Дьол. Билбит буоллахпытына, норуот буолабыт. Биллэхпитинэ бэрсэбит. Ити кэлэр үйэ ситимэ. Айылҕабытыгар тутуһар кистэлэҥ күүһэ, күлүүһэ (знаковая система) буолар. Ол туһунан РУ-лар этэллэр, суруйаллар (салайааччы Кузьма Аполлонович Федоров). Хас биирдии киһиэхэ олоҕор сыал-сорук баар буолуохтаах. Доруобай, чөл олох туһунан сырдатар үлэни ыытабын. Үгэс уолбут эмтээһини саха норуотун итэҕэлигэр олоҕуран киллэрбитим. Өрөспүүбүлүкэ араас оройуоннарыгар “ Өй-санаа, ис турук бөҕөргөөһүнүгэр Айыы сиэринэн олох тыыныыта” авторскай семинардары тэрийэбин.
Күндү дьоммор,
Үүнүҥ-сайдыҥ, үөрүҥ-көтүҥ,
Итэҕэллээх буолуҥ, доруобай буолуҥ.
Өрүү сырдык, ыраас санааҕыт куруук салҕанан бара туруохтун,
Кэрэ, сырдык кэскиллэрбит туһугар дьоһун дьолу баҕарабын,
Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан Бүлүү кыыһа, Чурапчы кийиитэ Татыйаастан.
Светлана Сивцева