Үтүөлээх учуутал Ия Рыбкина үрдүк аатыгар сүгүрүйэн

Сэтинньи 21 күнүгэр Мүрү орто оскуолатын 1946 сыллааҕы бастакы выпускицата, 29 сыл устата үөрэммит оскуолатыгар завуһунан үлэлээбит Саха АССР, РСФСР үтүөлээх учуутала, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалера Ия Петровна Рыбкина төрөөбүтэ 95 сыла туолла.

Бэлиэ даатаҕа түбэһиннэрэн бастыҥ учууталы, салайааччыны ахтан ааһар санааттан кинини кытта бииргэ үлэлээбит учууталлар, үөрэппит оҕолорун 2009 с. төрөппүт кыыһа Н.И. Чичигинарова бэлэмнээн таһаартарбыт “Учитель от бога” кинигэттэн уонна бу күннэргэ ыыппыт тус ахтыыларыттан мантан салгыы биэрэбин.

Альбина Михайловна Говорова , РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, пед. үлэ бэтэрээнэ:

– Оскуоланы 1955 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбиттэр ытыктыыр учууталбыт сырдык мөссүөнэ сүрэхпитигэр баар. Үгүс сыллары уҥуордаан оҕо сааска төннөбүт. Биһиги алтыс кылаас оҕолорунабыт. Кылааска килиэккэ ойуулаах муодунай былааччыйалаах олус диэн эдэр, кыраһыабай учуутал киирэн кэлэр. Саҥата, куолаһа биһигини тута абылаабыта. Айымньы дьоруойдара бу баардыы харахпытыгар көстөн кэлиэхтэрин курдук учууталбыт кэпсиирэ. Кини айылҕаттан бэриллибит артыыс талааннааҕа. Тыл учууталларыгар ити хаачыстыба үксүгэр толору кыаллыбат. Мүрү орто оскуолатыгар 1964-1988 сс. нуучча тылын учууталынан үлэлиир кэммэр учууталбын кытта бииргэ үлэлээн киниттэн уһуйуллубутум. Кини ис сүрэҕиттэн учуутал туһугар кыһаллар настаабынньык, мэтэдиис-учуутал этэ. Оскуола учууталларын кытта систиэмэлээх үлэни ыытара. Улахан буукубаттан суруллар Учууталга махталым олохпор аргыс буолар.

Светлана Петровна Ушницкая, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үтүөлээх учуутала, пед. үлэ бэтэрээнэ:

– Ия Петровналыын 9 сыл оскуола администрациятыгар бииргэ өйдөһөн, өйөнсөн үлэлээбиппит. Кини оскуолаҕа өрүү ким хайа иннинэ кэлэрэ, киэһэ хойут барара. Завуч быһыытынан биир саамай күүстээх өрүтүнэн эдэр учууталларга болҕомтото этэ. Төһөлөөх элбэх уруоктарга сылдьан, учуутал сайдарыгар, учуутал нөҥүө оҕону үөрэтиигэ бигэ үктэли уурбута буолуой. Ол өттүнэн киниэхэ тэҥнэһэр завуч суох буолуо диэн ааҕабын. Кини оскуолатын ааспыт учууталлар Константинова Д.П., Готовцева Р.Р.,  Сергина М.И., Алексеев И.П., Готовцев Р.М., Готовцева П.И. уо.д.а. араас үрдүк таһымнаах куонкурустар кыайыылаахтара, Граннар хаһаайыннара буолбуттара, бочуоттаах ааттары сүкпүттэрэ.

Махтанабын дьылҕабар – сүдү Учууталы кытта сэргэ үлэлээбиппэр, сүгүрүйэбин, кини кэрэ мөссүөнүгэр, ылыннарыылаах этиилэригэр, инники көрүүлээх сүбэлэригэр, киэҥ-холку майгытыгар, амарах, истиҥ сыһыаныгар.

Евдокия Евстафьевна Федорова, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар Учууталлара, пед. үлэ бэтэрээнэ:

– Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн нуучча тылын учуутала оскуолаҕа үлэлии кэлбиппэр Ия Петровна миэхэ настаабынньык буолбута. Кинини муҥура суох үлэһит, ирдэбиллээх, учууталларга үчүгэй сыһыаннаах этэ диэн сыаналыыбын. Ия Петровна уруоктарын уһулуччу интэриһиэнэйдик ыытара, кылаас оҕотун барытын бэйэтигэр тардан олус эмоциональнайдык үөрэтэрэ. Биэчэрдэргэ нуучча улуу суруйааччыларын айымньыларыгар араас көстүүмнэри тиктэрэн сыаҥкалары, испэктээхтэри завучпут көмөтүнэн туруорар этибит. Ия Петровна хас биирдии оҕо хайдах оонньуохтааҕын көрдөрөн биэрэрэ. Ханнык да бэйэлээх айымньыны дириц иэйиилээхтик ааҕара өйбөр хатанан хаалбыт. Саҥатын да дуораана иһиллэр курдук. Оннук кими баҕарар ураты турукка киллэрэр күүстээҕэ.

Александра Гаврильевна Заболоцкая, оскуола 1977 сыллаах выпускницата, үлэ бэтэрээнэ, СӨ культуратын туйгуна:

– Ия Петровна биһигин 6-7 кылаастарга нуучча тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр үөрэппитэ. Кылгас кэм эрээри барыбыт өйбүтүгэр умнуллубаттык хатанан хаалбыт. Учууталым үтүөтүнэн нуучча поэзиятын сөбүлээбитим, ханнык баҕарар сыанаттан толлубакка ааҕарга үөрэммитим. 1975 сыллаахха Саха сирин бастыҥ оҕолорун ахсааныгар киирэн, М.Ю. Лермонтов төрөөбүт дойдутугар Тарханыга Бүтүн Арассыыйатааҕы лермонтовскай ааҕыыларга кыттар чиэскэ тиксибитим. Мин Лермонтов “Смерть поэта” хоһоонун нууччалыы уонна Сэмэн Данилов тылбааһыгар сахалыы аахпытым. Бэлэмнэнэрбэр күҥҥэ иккитэ Ия Петровнаҕа дьиэтигэр тиийэн ааҕарым. Ия Петровна хас биирдии тылбын чочуйара. Ый курдук бэлэмнэнэн баран Тарханыга тиийэн Москва, Ленинград, Уфа куораттар оҕолорун кэнниттэн иккис миэстэни ылбытым. Барыта 200-тэн тахса оҕо кыттыбыта. Онон миэстэ аайы үстүү оҕону талбыттара. Киэһэ наҕараада кэмигэр Ия Петровна үөрбүт сирэйэ, баар дьонтон ойуччу кыраһыабайа өйбөр иҥмит. Бүтүн Арассыыйатааҕы лермонтовскай ааҕыылары үөрүүлээх сабыы чааһыгар миигин президиумҥа олордубуттара учууталым үтүөтэ дии саныыбын. М.Ю. Лермонтов дойдутун салгына, Тарханы, Пенза, Белинскай, Москва кэрэ көстүүлэрэ – мин үөрүүм, дьолум. Оҕо сааспар чаҕылхай күнннэри бэлэхтээбит убаастыыр учууталбар улахан махталлаахпын. Бииргэ төрөөбүт эдьиийим Наталия Семенова 43 сыл устата нуучча тылын учууталынан үлэлээн кэллэ. “Арассыыйа чулуу учуутала” диэн үрдүк ааты сүкпүтэ кинини үөрэппит учууталларын үөрэтиитэ, такайыыта буолар.

Чахчы да сүҥкэн талааннаах учуутал, салайааччы үлэлээн ааспытын билиҥҥи көлүөнэ өйдүөх, кини тэлбит суолунан барбыт үөрэппит, уһуйбут үгүс ахсааннаах үөрэнээччилэрэ, бииргэ алтыспыт кэллиэгэлэрэ, билэр дьон сылаастык ахтан-санаан ааһар, аатын үйэтитэр төлөммөт иэспит буолар.

Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.