Үөрэх эйгэтигэр ситиһиилээх сыл ааһан эрэр

Профессиональнай, методичес­кай тэрээһиннэргэ оскуолабыт учууталлара быйыл ордук көхтөөх кыттыыны ыллылар. Улуус­путугар түөрт профессиональнай күрэс ыытылынна: «На ступеньках роста» (7 кыттааччы, кыайыы­лаах – Суотту орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала Варвара Олесова), Метатурнир (16 оскуола, 64 кыт­тааччы, кыайыы­лаах – Суотту орто оскуолатын «Suottu team» ха­маан­дата), «Учитель года» (5 кыттааччы, кыайыылаах – Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатын химияҕа учуутала Парасковья Троева), «Молодой педагог Заречья» (16 кыттааччы, кыа­йыылаах – Чурапчы улууһун Бахсы оскуолатын историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала Туяра Попова). Маны таһынан улууспут педагогтара республика, эрэги­йиэн таһымнаах 10 профессиональнай кү­рэскэ сэттэ бириистээх миэс­тэни ылары ситистилэр. Суотту орто оскуо­латын «SuottuSUOLA» хамаандата рес­публикаҕа методическай турнирга III миэстэни ылла, Ульяновскай куоракка эрэгийиэннэр икки ардылары­нааҕы «ЧЕРУК» учууталлар чемпионаттарыгар «Педагогический СТиЭМ» маас­тар-кылаас түһүмэҕэр III миэстэ буоллулар, «За высокий профессионализм и верность национальным традициям» анал ааты ылары ситис­тилэр. Иккис төгүлүн ыытыллар рес­публикатааҕы төрүт тыллар учууталларын куонкурсугар Мындааба орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Нюрбина Васильева лауреат үрдүк аатын ылла, «Саха сирин методиһа» бэлиэнэн наҕараа­даланна. Тулуна орто оскуолатын физкультураҕа учуутала Максим Гоголев респуб­ликатааҕы физкультура учууталларын күрэҕэр 3-с миэстэ буолла.

«Мүрүчээнэ» оҕо саадын логопед-баспытаатала Ульяна Омукчанова республикатааҕы «Сыл бастыҥ иитээччитэ» күрэскэ лауреат буолан, республика биэс бастыҥ иитээччитин ахсааныгар киирдэ. «Сердце отдаю детям» республикатааҕы эбии үөрэхтээһин педагогтарын профессиональнай куонкурустарыгар Суотту орто оскуолатын эбии үөрэхтээһинин педагога Николай Котоконов 2-с миэстэ буолары ситистэ. Лөгөй орто оскуолатыгар ыытыллыбыт илин эҥээр улуустарын күрэҕэр Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала Людмила Лыткина гуманитарнай предметтэр учууталларын икки ардыларыгар бастыҥ учуутал буолла. Лөгөй орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Валентина Тищенко, Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын химияҕа учуутала Евдокия Аммосова «Учитель года СВФУ» бириэмийэтин хаһаайыннарынан буоллулар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бастыҥ дириэктэр» күрэскэ Мындаабатааҕы спортивнай оскуола дириэктэрэ Николай Готовцев ситиһиилээхтик кытынна.

Дьокуускай куоракка буол­бут республикатааҕы «Учитель года» күрэскэ улууспутуттан икки учуутал кытынна. Лөгөй орто оскуолатын историяҕа уонна обществознание­ҕа учуутала Василий Бережнев лауреат уонна «За воспитание человеч­ности» анал аатынан наҕараадаланна. Мүрү 2-с №-дээх орто ос­куо­латын химия учуутала Парасковья Троева сити­һиилээхтик кытынна.

Үөрэх хаачыстыбатын үрдэтии

2021 сылга 15 намыһах түмүктээх оскуола баар эбит буоллаҕына, 2022 сылга түөрт оскуоланан аччаата, 2023 сылга биэс оскуола хаалла.

Олунньуга улууспутугар үөрэх хаа­чыстыбатын таһымын үрдэтэргэ туһулаан улуустааҕы үөрэх салалтата үөрэх сайдыытын уонна учууталлар профессиональнай таһымнарын үрдэтэр институту кытары биэс сыллаах дуогабар түһэрсибиттэрэ.

2022 сыл түмүгүнэн үөрэх уонна наука министерствота республикабытыгар оскуолалар икки ардыларыгар рейтинг таһаарда. Орто оскуолалар икки ардыларыгар республикаҕа 127 миэстэттэн улууспутуттан бастыҥ көрдөрүүлээх 24-с миэстэҕэ сылдьар Лөгөй орто оскуолата буолла. Онон приоритетнай тэрээһиннэргэ, үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүгэр салгыы күүстээх үлэ барыан наада.

Россиятааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи инновация былаһааккалара

Быйыл Курбуһах орто оскуола­та уонна «Өркөн» эбии үөрэхтээ­һин киинин бырайыактара өрөс­пүүбүлүкэтээҕи инновационнай бы­лаһаакка аатын сүгэри ситистилэр, Мүрүтээҕи юннаттар станциялара, Майаҕас орто оскуолатын икки бырайыага РИП-ка кандидат буоллулар. Танда уонна Дүпсүн орто оскуолалара РИП статустарын көмүскээтилэр. Онон улууспутугар уопсайа икки оскуола федеральнай инновационнай былаһаакка, сэттэ оскуола уонна биир эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ РИП статуһун сүктүлэр.

СӨ инники көлүөнэлэрин фондатын «Инносфера 2023» оҕо инно­вационнай кииннэрин тэрийии Гранын Уус Алдантан икки үөрэх тэрилтэтэ ылла. Ол курдук Лөгөй орто оскуолата «Детский инновационный центр творческих лабораторий «Легой IT» уонна «Өркөн» эбии үөрэхтээһин киинэ «Детский креативный клас­тер развития медиакоммуникаций» диэн тиэмэлэринэн 1 000 000 солкуобайдаах Гранынан наҕараадаланнылар. Маны таһынан Лөгөй оскуолата бу тиэмэнэн Педярмаркаҕа «Народный выбор» анал аакка кыайан, саха тылын уонна литературатын кэбиниэтинэн наҕа­раадаланан оскуолатын базатын хаҥатынна.

Агрооскуолалар

Улууспутугар уопсайа алта агрооскуола баар (Тулуна, Танда, Суотту, Бэйдиҥэ, Найахы, Баатаҕай). 2022-2023 үөрэх дьылыгар уопсайа 657 үөрэнээччи агрооскуолаларга үөрэммитэ. Агрооскуолалар улуус дьаһалтатыгар, үөрэх салалтатыгар үлэлэрин туһунан отчуоттаатылар, инники былааны торумнастылар.

ГИА – 11 кылаас

Быйыл улуус 23 орто оскуолатын 230 выпускнига бүтэрдэ. Алта выпускник аттестат ылбата. Былырыын 246 оҕоттон 2 оҕо аттестат ылбатаҕа.

Нуучча тылыгар улууска бастыҥ көрдөрүүлээхтэринэн 87 баалы ылбыт Лөгөй орто оскуолатын үөрэ­нээччилэрэ Эвелина Олесова, Лилия Никифорова (учууталлара – Александра Копырина), Өнөр орто оскуо­латын выпускницата Настя Ушницкая буоллулар (уч. – Александра Лыт­кина), 8 оҕо 80 уонна онтон үөһэ бааллары ыллылар – 3,4 % (былырыын эмиэ 8 оҕо). Нуучча тылыгар улууска бастыҥ орто баал­лаах Найахы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ буоллулар (64 б, уч. – Анна Тарабукина).

Улуус үрдүнэн бастакы түһүмэх кэнниттэн математика базовайын 177 кыттааччыттан 75% оҕо (былырыын – 92,7 %), профильнайын 57 оҕоттон 87,7% (былырыын – 81,9 %) оҕо сити­һиилээхтик туттардылар. Математика базовайыгар бастыҥ орто сыананы – «5» сыананы ылары – Чараҥ орто оскуолатын (учуутал Лидия Мигалкина), Найахы оскуолатын (учуутал Агата Тегюрюкова), Өспөх оскуолатын (учуутал Саргылаана Неустроева) үөрэнээччилэрэ ситистилэр.

Обществознаниены 78 оҕо туттарда (бастыҥ көрдөрүү – Настя Ушницкая, 81 б, Өнөр, учуутал Лена Дьяконова), историяны – 23 (бастыҥ көрдөрүү – Куприянова Моника, 78 б., Уһун Күөл, учуутал Маргарита Мартынова), литератураны – 20 (бастыҥ көрдөрүү – Винокурова Лидия, 91 б, Түүлээх, учуутал Замира Кириллина), физиканы – 18 (бастыҥ көрдөрүү – Ася Колодезникова, 55 б. Мүрү 2-с №-дээх оскуолата, учуутал Дария Аммосова), химияны – 16 (бастыҥ көрдөрүү Лилия Никифорова, 71 б. Лөгөй, учуутал Галина Сергеева), географияны – 4 (бастыҥ көрдөрүү – Андреев Эрчим, гимназия, 62 б. учуутал Александра Лукачевская), саха тылын – 2 (бастыҥ көрдөрүү – Дарина Сысолятина – 60 б. Лөгөй, учуутал Валентина Тищенко). Биологияны 37 оҕо туттарда, бастыҥ көрдөрүүлээх Лилия Никифорова, 74 б. учуутал Елена Старкова. Информатика предметыгар 26 оҕоттон 74 бааллаах Дүпсүн оскуолатын үөрэнээччитэ Андрей Водоватов улууска бастыҥ көрдөрүүлээх выпускник буолла (учуутал Петр Михайлов). Английскай тылы 13 оҕо туттарда, бастыҥ көрдөрүү Виолетта Лукачевская, 79 б. Өнөр, учуутал Дария Атласова.

Медалистар

Оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн 14 оҕо түмүктээтэ (ол курдук Лөгөй – 4, Уһун Күөл – 2, Найахы, Мүрү-1, Мүрү-2, Дүпсүн, Түүлээх, Чараҥ, Чэриктэй, Найахы орто оскуо­лалара биирдии медалистаахтар).

Үөрэххэ киирии

Ааспыт үөрэх дьылын 230 выпускник бүтэрдэ. Үрдүк үөрэххэ 69(30%) оҕо киирдэ, орто анал үөрэххэ 152 (66,08%) оҕо, төлөбүрдээх үөрэххэ 25 оҕо (11,31%), 5 (2,17%) оҕо целевой квотанан. Саха сирин таһыгар үрдүк анал үөрэххэ: Кытайга – 3, Омскайга – 1, Благовещенскайга – 3, Томскайга – 1, Санкт-Петербурга – 1, барыта 9 оҕо киирдэ (13,23%). Саха сирин иһигэр үрдүк үөрэххэ 60 (86,95%), орто анал 152 (100%) оҕо киирдэ.

Саргылана Громова, улуустааҕы үөрэх управлениетын уопсай үөрэхтээһини хааччыйыы уонна үөрэх хаачыстыбатын мониторинныыр отдел начаалынньыга