Мүрү 1-гы №-дээх оскуолтын выпускнига Виталий Находкин дойдубут саамай улахан «Океан» лааҕырыгар баһаатайынан үлэлии сылдьар. Кини кыһамньылаах үлэтинэн сайын бүтүүтэ «Старшины шлюпки» дастыбырыанньаны, онтон бу күннэргэ «Юный моряк» бэлиэнэн наҕараадаланна.
Үлэтин туһунан Виталий маннык кэпсээтэ: «Дьокуускайдааҕы Автодорожнай техникумҥа тутууга туһаныллар массыыналары өрөмүөннүүр слесарь идэтин ылбытым. Ол эрээри, устудьон эрдэхпиттэн сайынын лааҕырдарга баһаатайынан үлэлээччибин. Бу идэни сөбүлээбит буоламмын буолуо, Владивосток куоракка күүлэйдии кэлэн баран үлэлии хаалбытым.
Лааҕырга Максим Живоженко диэн «Океанская Эскадра» дружина начальнигар кэлэн кэпсэтиини ааспытым уонна ыам ыйыттан үлэлээн саҕалаабытым. Атын лааҕырдары кытта тэҥнээтэххэ, күүстээх санаалаах, бэлэм кэлиэххэ наада. Тоҕо диэтэххэ, бүтүн Россияттан оҕолор кэлэллэр. Киһи олус сылайар үлэтэ. Аҥаардас лааҕыр иһигэр төттөрү-таары хааман, күҥҥэ ортотунан 30-40 тыһыынча хардыы оҥороҕун.
Үлэм сайын муораны кытта сибээстээх этэ. Холобур, оҕолору кытта шлюпканан муораҕа тахсабыт. Судургутук эттэххэ, морякторы үөрэтэбит. Билигин үксүн барыта актыбыыс оҕолор кэлэллэр. Кинилэри аралдьытан, оонньотон, киэһэ аайы араас тэрээһиннэри ыытан, үлэм ол тула барар. «Океанҥа» элбээбитэ 130 баһаатай буола сылдьыбыппыт, сахалар бэһиэбит. Хамнаһа сайынын кыра соҕус буолар. Оттон кыһынын баһаатайдар аҕыйыыллар, ол суотугар хамнас үрдээн биэрэр. Киһи сөбүлүүрэ диэн, куорат бэйэтэ туспа эйгэлээх уонна «Океан» лааҕырга улахан педагогическай уопут ылаҕын, сатаабат буоллаххына, барытын үөрэтэллэр, күүс-көмө буолаллар».
Мария Аргунова