Уус Алдаҥҥа өссө үс бөһүөлэк түргэн тэтимнээх интернетинэн хааччылынна

Уус Алдан улууһугар Ростелеком хампаанньа волоконнай-оптическай линиялары тардан олохтоохтору GPON технологиянан түргэн тэтимнээх интернет сибээһинэн хааччыйыыта 2016 сылтан саҕаламмыта. Билигин 17 бөһүөлэккэ маннык технология баар буолла.

Ол курдук бу күннэргэ Уһун Күөл, Тумул, Мындааба бөһүөлэктэригэр оптоволокно тардылынна, ону таһынан быйыл муус устарга Кылаайыга киирбитэ.

GPON технологиянан түргэн тэтимнээх интернеты холботуу цифровой өҥөлөрүнэн туһанар кыаҕы биэрэр, ол курдук “Умный дом” сервиһи, видеонан кэтээн көрүүнү, Wink интерактивнай телевидениени холботуохха сөп.