Уус Алдан улууһугар соҕотох хаалбыт Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Найахы нэһилиэгин олохтооҕо Николай Николаевич Иванов олохтон туораата. Кини быйыл 100 сааһын туолуохтааҕа.
Николай Николаевич 1924 сыллаахха ыам ыйын 20 күнүгэр Нам улууһун Арбын нэһилиэгэр күн сирин көрбүт. Милитаристскай Японияны утары сэрии кыттыылааҕа. Аармыйаҕа 1943 сыллаахха ыҥырыллан барбыт. Сэрии кэнниттэн Дүпсүнтэн төрүттээх Рожина Дария Николаевнаны кэргэн ылан үс оҕоломмуттар. Колхозка, совхозка араас үлэҕэ сылдьыбыт. Кэлин оҕо саадыгар оһох оттон биэнсийэҕэ тахсыбыт.
Наҕараадалара:
1985 с. – Аҕа дойду сэриитин 2-с степеннээх уордьана;
1985 с. – “Улуу Кыайыы 40 сыла” мэтээл;
1987 с. – “Үлэ бэтэрээнэ” мэтээл;
1988 с. – “70 лет ВС СССР” үбүлүөйдээх мэтээл;
1994 с. – “1941-1945 сс. Аҕа дойд Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээл;
1995 с. – “Улуу Кыайыы 50 сыла” мэтээл;
1995 с. – “50 лет Победы советского народа в ВОВ 1941-45 гг.” мэтээл;
1996 с. – “Медаль Жукова”;
2000 с. – “Фронтовик 1941-45” бэлиэ;
2005 с. – “Улуу Кыайыы 60 сыла” мэтээл;
2005 с. – “Победитель” бэлиэ;
2014 с. – “Уус Алдан улууһун уһун үйэлээҕэ” бэлиэ;
2015 с. – “Улуу Кыайыы 70 сыла” мэтээл;
2015 с. – “Кыайыы 70 сыла” бэлиэ;
2015 с. – “Ветерану ВОВ 1941-45 гг” бэлиэ; 2017 с. – “100 лет Великой Октябрьской социалистической революции” мэтээл.
Мантал салгыы Иванов Николай Николаевич бэйэтин кэпсээниттэн ахтыыны билсиҥ.
1943 сыллаахха саас Арбын нэһилиэгиттэн Кириэстээх диэн сиртэн аармыйаҕа ыҥырыллан барбыт. Оччотооҕуга Рыбтрестка Маамылы диэн күөлгэ 14 буолан муҥхалыы сылдьыбыттар. Биригэдьиирдэрэ Куучугураан оҕонньор этэ. Арбынтан кини аҕатынаан уонна Үүнэртэн бааллара үһү. Бэбиэскэни Соловьев Михаил Николаевич диэн киһи аҕалан биэрбит. Сайылыктан дьиэтигэр 1,5 көһү сатыы хааман кэлэн иһэн аара Илин үрэххэ сөтүөлээн ааспыт. Дьиэтигэр биир хоммут, онтон дьонун кытта бырастыылаһан ыраах айаҥҥа туруммут.
Ийэтэ барахсан “тыыннаах эргийэн кэлээр” диэн алгыы хаалбыт. Эдьиийэ Маарыйа эргэ Сугулааҥҥа диэри атаарбытын ахтара (Бугаевтар өтөхтөрө). Кэлбиттэрэ, дьон бөҕө мустубут эбит (аармыйаҕа барааччылар уонна атаарааччылар). Тастыҥ убайа Иванов Дмитрий Иннокентьевич эмиэ ыҥырыллыбыт эбит.
Сугулааҥҥа барааччылары атаарыы буолбут. Сүөһү өлөрөн сибиэһэй эт сиэбиттэр, итии чэй испиттэр. Сыгыннаахха сатыы маҕаһыыҥҥа сылдьыбыттар. Атыылааччынан Моорук диэн киһи үлэлиирэ үһү (Отчут). Аармыйаҕа барааччылар Неустроев Мэхээлэ, Слепцов Кеша, Хабаан Хабырыыс, кини аҕата, Иванов Алексей Васильевич, Степанов Бааска, Иванов Иннокентий Дмитриевич (Түөн), «Үүнэртэн» Куонаан уола Сергей, Хатырыктан сылдьар Уус Алдан киһитэ, Иванов Николай Николаевич (Кыһычча), Бугаев Василий Никифорович, Потапов Василий Хатыыстаахха бары сатыы киирбиттэрэ. Хатыыстаах төрдүттэн өрүс 1 км тэйиччи, иһирдьэ этэ (ити кэлин уу суурайбыта). Улуу Сыһыыга «Коминтерн» борохуот сыстан турара үһү. Бууча быраата Пуд кинилэри хамаандалаан борохуот нөҥүө моторкаҕа киллэрбит. Иванов Николай Николаевич аҕата уонна Хабаан Хабырыыс куормалаабыттар. Этэҥҥэ айаннаан Намы булбуттар. Эргэ райсовекка доруобуйаларын көрбүттэригэр сорох дьон дойдуларыгар төннөр буолбуттар (Иванов Алексей, Николай, Николай Николаевич аҕата, Бугаев Хонооһой, о.д.а.). Аармыйаҕа барар дьону Арҕаа оскуолаҕа (нуучча оскуолатыгар) олохтообуттар. Аҕата бэйэтин хамсатын эрэһиэҥкэ быыһынан уунан бэлэхтээбит уонна быраһаайдаһан барбыт.
Сарсыныгар массыынанан куораттаабыттар. Куоракка доруобуйаларын хаттаан көрбүттэр. Баттахтарын кырыйан, ыарахан сыттаах мыыланан соппуттар. «Якутия» диэн борохуотунан элбэх буолан Даркылаах биэрэгиттэн устубуттар. Бөтүҥ учуутала Кондратьев диэн киһи кинилэри арыаллаан Даурия куоракка туттарбыт. Кини «Үчүгэйдик сылдьан, дойдугутугар эргиллээриҥ», – диэбитэ. Даурияҕа 1,5–3 ыйга карантиннаабыттар уонна байыаннай чаастарга ыыталаабыттар. Слепцов И.И. уонна Николай Николаевич иккиэн биир чааска түбэспиттэр, оттон Слепцов Тимофей суол нөҥүө турар 24-с полкаҕа түбэспит.
Ити курдук Иванов Николай Николаевич Даурияҕа 210-с дивизия 649-с полкатыгар стрелковай чааска (36-с аармыйа) байыаннай үөрэххэ 1945 сыл сайына буолуор диэри сылдьыбыт. Кини ити үөрэххэ соҕотох саха эбит (3-с батальон, 7-с рота, 2-с взвод). Үксэ нууччалар, араас омук эмиэ баара үһү. Рота хамандыырынан Наймалинин диэн капитан сылдьыбыта, взвод хамандыырынан Туманов диэн киһи эбит (младшай сержант). Үөрэнэр кэмигэр усулуобуйа олус ыарахан этэ диэн ахтара. Ол курдук аһылык олус мөлтөҕө: 400 г килиэп, субурхай миин, сытыйбыт хортуоппуй, хаппыыста биэрэллэрэ. Обмундированиелара эргэ этэ. Курдара бириһиэн аҥаардаах сафьян үһү. Казармаҕа олорбуттар. Күн аайы строевой хаамыыга дьарыктаналлар, стрельбищелара 3 км ыраах эбит. Онно 90-ча буолан бараллара (1-кы рота). Бойобуой бинтиэпэкэнэн, илии пулеметунан, Калашников автоматынан, СБТ диэн саанан ытарга үөрэппиттэр. Тааҥканы утары уонна пехота гранататын туттарга үөрэммиттэр.
Ити курдук 1945 сыл от ыйыгар диэри Даурияҕа олорбуттар. Фашистскай Германия хотторон, Кыайыы өрөгөйдөөн, дьон-норуот санаата көнөн турар кэмэ этэ. Ол эрээри Илин милитаристскай Япония бөҕөргөтүллүбүт сэриилэрэ үлтүрүйэ илигэ.
1945 сыллаахха саас кинилэр чаастарын судаарыстыбаннай границаҕа чугаһаппыттар. Ол кэннэ границаҕа тиийэн тохтообуттара. Сайын буолбут. Сотору-сотору тревога биллэриллэр эбит. Хамандыыра майор фроҥҥа киирэллэрин туһунан бирикээс аахпыт. Кинилэр чаастара сатыы, массыынанан, монголлар поезтарынан айаннаан иннилэрин диэки баран испиттэр. Сирэ-дойдута уйаара-кэйээрэ биллибэт истиэп эбит, сороҕор хайалардааҕа үһү. Олус куйаас буолан, сороҕор киһи тулуйбат үлүгэрэ буолара үһү: саллааттар олус утаталлар, аччыктыыр да эбиттэр. Николай Николаевич бойобуой бинтиэпкэтин кытта илии пулеметын уонна тааҥканы утары икки гранатаны илдьэ сылдьыбыт, “олус ыарахан, илистиилээх этэ” диэн ахтара. Хайалаах сиргэ тахсаллара. Япония сөмөлүөттэрэ кэлэн буомбалаан ааһаллара үһү. Түүнүн олус хараҥарара. Буулдьа төбөлөрүн оройунан биир кэм ыйылаан олороро. Бинтиэпкэнэн уонна илии пулеметунан кини элбэхтик ыппыт.
Арай биирдэ Японияны кытта сэрии уурайда диэн биллэрбиттэрэ. Дьэ “ураа” бөҕө, үөрүү-көтүү, куустуһуу, кэпсэтии-ипсэтии бөҕө буолаахтаабыттар. Тыыннаах ортум диэн олус үөрбүт.
Онтон салгыы Даурияҕа сэрии сэбин харабыллааһыҥҥа анаабыттар. Үс үскэ квадратнай километр олбуордарга сэрии сэптэрэ хараллан тураллара үһү. Иһигэр киллэрбэттэр эбит. 76-с разъезд диэн тимир суолтан 1,5 км сиргэ баар дэриэбинэ Вырга станцияттан чугас үһү. Харабыллыыр сирдэрэ Выркаҕа баар эбит. Николай Николаевич 120-с харабыллыыр ротаҕа сылдьыбыт.
1947 сыл от ыйыгар дьэ босхолообуттар, онон дьиэтигэр барар буолан үөрүү бөҕө буолбут. Бастаан поеһынан Иркутскайга, онтон Усть Кутунан борохуотунан Дьокуускайга кэлбит. Онно убайыгар Дмитрий Бугаевка уонча хоммут. Онтон почта массыынатынан Намҥа кэлбит уонна Фрунзеҕа диэри стационарнай мотуорунан айаннаабыт. Аччыгый уолу эргэ райсовекка көрсүбүт. Аара айаннаан иһэн Бурятия сиригэр аварияҕа тубэспит, контузияламмыт уонна докумуонун сүтэрбит. Күлүгээттэр түбэһэн кырбаабыттар этэ, ол туһунан биир бурят эппит.
Фрунзеттан саҥаһын Балбаараны кытта Арбыҥҥа кэлбит. Үс хоноот оттуу барбыт. Оччотооҕуга биригэдьиир Василий Никифорович диэн киһи эбит.
Николай Николаевич Иванов олоҕун тухары: «Бэйэбин дьоллооҕунан ааҕынабын. Бу сырдык, көҥүл олох туһугар өлбүттэри мэлдьи саныыбын уонна сүгүрүйэбин», – диирэ. Кини олоҕун тиһэх күннэригэр диэри Уус Алдан улууһун Найахытыгар кыра кыыһын Александра Николаевна Федорова дьиэ кэргэнин кытта олорбута.