Улууска медицина сайдыытыгар кыым сахпыта

Устуоруйа улаҕатын арыйан көрөр буоллахха, улууска медицина сайдыытыгар сүдү кылаатын киллэрбит Илья Сухонин туһунан суруйуу бэрт кэмчи эбит. Онон бүгүн кылгастык кини туһунан тугу билэрбин суруйарга сананным.

Илья Михайлович Сухонин 1856 с. Санкт Петербург куоракка отставкаҕа олорор байыннай сулууспалаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Оҕо, эдэр сааһа барыта онно ааспыт. Оннооҕу фельдшерскэй-акушерскай оскуоланы бүтэрбитин кэннэ Иркутскай губерния Верхнеленскэй куоратыгар үлэҕэ анаабыттар. Бу туһунан докумуон архыыпка хараллан сытар (“Личное дело фельдшера И.М.Сухонина, ЦАГ- ф12-м О.П.1 №23583Д). Иркутскайга кэлэн баран Саха сиригэр ыыталларыгар көрдөһүү суруйбут. Онно олоҕуран 64№-дээх бирикээс суруллан 1900 с. Саха уобалаһыгар 5№-дээх учаастакка фельдшерынан үлэлии кэлбит. Онон ити сыл Бороҕон улууһун киинигэр Томторго бастакы анал идэлээх медик кэлбитэ. Кини оччотооҕу Бороҕон улууһун таһынан Дүпсүн улууһун дьонун эмиэ эмтиирэ. Онон ыраах олорор нэһилиэктэргэ уһуннук айаннаан атынан эбэтэр оҕуһунан тиийэрэ. “Кыһыл кириэс” уопсастыба сорудаҕынан бу икки улуус нэһилиэктэрин кэрийэ сылдьан уоспаны утары быһыыны оҥороро. Итинэн кини нэһилиэнньэ доруобуйата чөл буоларыгар улахан кылаатын киллэрбитэ.

Илья Михайлович элбэх көрдөһүүтүгэр олоҕуран 1914 с. Томторго медпуун аһыллыбыта. Онон кини оннооҕу 3№-дээх учаастак фельдшеринэн анаммыта. Ыраах уобаластан кэлбит киһи диэтэххэ, төһө да дойдутун аҕыннар, маннааҕы олохтоох дьон доруобай буолалларын туһугар бэриниилээхтик үлэлээн, олоҕун тиһэх күннэригэр диэри Мүрү Томторугар олорбута. Кини манна букатыннаахтык олохсуйардыы оҥостон Аччыгый Эбэҕэ дьиэ туттан сыдьааннарын тэнитэн олорбута.

Дойду олоҕун букатыннаахтык уларыппыт 1917 сыл үүммүтэ. Саҥа былаас олохтонон дойду үрдүнэн улахан уларыйыылар киирэн барбыттара. Ити быыһык, эмп-томп да тиийбэт кэмигэр, бары ыарахаттары аахсыбакка, Илья Михайлович кыыһынаан Мария Сухониналыын (Дьячковская) Томторго хаалан үлэлээбиттэрэ.

Биллэрин курдук, Илья Михайлович Сухонин Мүрү Томторугар дьиэ кэргэнин илдьэ кэлбитэ. Кэргэнэ Наталья Бравина, бааһынай дьиэ кэргэниттэн төрүттээх, кыыһа Мария, 28.03.1884 с.т., медик идэлээх, уола Евгений, 19.01.1890 с.т., музыкант идэлээх, аан дойду бастакы сэриитин кыттыылааҕа, поручик. Хомойуох иһин, Дьокуускайга буолбу хабырыйсыы түмүгэр, былааһы утарда диэн буруйдааннар, 1920 сыллаахха олунньу 19 күнүгэр куорат урукку баһылыга Павел Андреевич Юшмановы кытары (барыта 13 киһи) ытылларга уураахтаммыта.

Илья  Михайлович бу икки улуус дьоно-сэргэтэ сөптөөх медицинскэй көмөнү ылааларын туһугар туох баар сыратын биэрэн туран, доруобуйатын аахсыбакка 30 сыл устата үлэлээбитэ. Кини 1931 сыллаахха 75 сааһыгар сылдьан бу олохтон барбыта. Көмүс уҥуоҕа Аччыгый Эбэ халдьаайытыгар хараллыбыта.

Кини кыыһа Мария Сухонина (Дьячковская) улууска бастакы идэлээх акушерка буолар. Мария Ильинична манна, Томтор таҥаратын дьиэтин бүтэһик аҕабыта Сергей Еводович Дьячковскайы кытары ыал буолан олохсуйан хаалбыта, элбэх оҕоломмута.  Лаппа сааһыран баран 89 сааһыгар өлбүтэ.

Илья Михайловия сиэнэ Мария Сергеевна Готовцева үлэтин 1926 с. Томтор медпуунугар саҕалаабыта. Ол кэнниттэн уһун сылларга оройуоннааҕы балыыһаҕа үлэлээбитэ.

Сухониннар киэҥ медик династия буолаллар. Илья Михайловия суолун хас да көлүөнэ хос сиэннэрэ салҕааннар медицина эйгэтигэр үлэлии сылдьаллар.

Уус Алдаҥҥа медицинаны төрүттээбит Илья Михайлович Сухонин  сүдү өҥөтө үйэлэргэ умнуллубат.

Сергей Афанасьев, хос сиэн, СӨ баһаарынай сулууспатын бэтэрээнэ

Читайте дальше