Бүгүн улуус дьаһалтатыгар Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин көрсө Афганистан, Чечня сэриитин, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кытары “төгүрүк остуол” ыытылынна.
Тэрээһин Россия, Саха сирин, Уус Алдан улууһун былаахтарын киллэриинэн уонна үс Гимни истииттэн саҕаланна. Салгыы Мүрү 1№-дээх оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччилэрэ бу оскуоланы 2006 сыллаахха бүтэрбит, анал байыаннай дьайыыга олоҕун толук уурбут старшай сержант Василий Данилов туһунан монтаж аахтылар. Бойобуой суолу тутуспуттарга анаан Иван Прибылых “Кэтэһии” диэн ырыатын бэлэхтээтэ.
“Төгүрүк остуолу” улуус баһылыгын солбуйааччы Анатолий Сторожев салайан ыытта. Манна араас эйгэ исписэлиистэрэ кыттаннар сэрии кыттыылаахтарыгар туох көмө баарын туһунан кэпсээтилэр, ыйытыыларга хоруйдаатылар. Ордук социальнай боппуруостарга ыйытыы элбэх буолла. Биир чопчуламматах боппуруоһунан анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа үлэ бэтэрээнэ буоларыгар туох да уларыйыы суоҕа этилиннэ. Ол курдук үлэтин ыстааһа син биир 40 сыл ирдэнэр. Маныаха Анатолий Дмитриевич: «Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара үлэ бэтэрээнэ буолалларыгар үлэ ыстааһын 25 сылынан көрүөххэ диэн бырабыыталыстыбаҕа этиитэ киллэриэххэ. Мин санаабар, маны ылыныахтара», – диэн эттэ.
Бойобуой сырыылар кыттыылаахтарыгар итини тэҥэ нолуокка, сир боппуруостарыгар, юридическай сүбэҕэ туох чэпчэтиилэр баалларын туһунан кэпсээтилэр. Онон тустаахтар элбэҕи билэн, санаа атастаһан астынан тарҕастылар.
Ааспыт ХХ үйэ бүтүүтүгэр уонна XXI үйэ саҥатыгар дойдубутугар байыаннай хабырыйсыылар буолбуттара. Онно барытыгар хоодуот уолаттарбыт эйэлээх олох көмүскэлигэр туруммуттара. Ол эрээри, бүгүн ахтыллыбыт көмө барыта билигин буола турар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар эрэ туһуламмыттара элбэх боппуруоһу үөскэттэ. Кинилэр бары эр санааны тутуспуттара, бары сэрии уотун ааспыттара.
Афанасий Сектяев