Бүгүн үгэс быһыытынан 14 саастарын туолбут оҕолорго РФ гражданина буолбуттарын туоһулуур олохторун сүрүн докумуонун – паспордары туттарыы үөрүүлээх тэрээһинэ улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ буолан ааста.
Тэрээһиҥҥэ улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Анатолий Сторожев мустубут оҕолорго, төрөппүттэргэ үтүө баҕа санаатын кытары бүгүҥҥү күн кинилэри элбэххэ эбээһинэстиирин бэлиэтээн эттэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ барыта 20 оҕо Мүрү, Курбуһах, Лөгөй, Бээрийэ, Бэйдиҥэ нэһилиэктэриттэн уонна Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларыттан кэлэн, олохторугар биир бэлиэ тэрээһиҥҥэ долгуйа кытынна.
Кинилэргэ улуустааҕы үөрэх управлениетын салайааччыта Степан Литвинцев, “Мин докумуоннарым” элбэх өҥөнү оҥорор киин салайааччыта Мария Рожина, паспортнай миграционнай сулууспа улуустааҕы отделын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Алгыс Михайлов, “Инникилэр хамсааһыннара” Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат түмсүүтүн муниципальнай куратора Мария Винокурова “бүгүҥҥү күнтэн ыла эһиги төрөөбүт дойдугутугар бэриниилээх буолар эппиэтинэһин сүктүгүт, үөрэниҥ, үлэлээҥ, үүнүҥ-сайдыҥ” диэн үтүө баҕа санааларын тиэртилэр.
Оттон паспорт хаһан баар буолбутун, историятын туһунан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ отделын кылаабынай бибилэтиэкэрэ Юлия Татаринова, “Пушкинскай карта” туһунан бибилэтиэкэр Мария Тарская оҕолорго олус үчүгэйдик билиһиннэрдилэр, электроннай викторинаны ыыттылар.
Төрөппүттэртэн харда тылы, оҕолорго баҕа санаалары Мария Барашкова эттэ, оттон Кристина Тарская үөрэнээччилэр ааттарыттан «дойдуларыгар бэриниилээх дьон буолан үүнэргэ дьулуһуохпут» диэн мэктиэ тылын биэрдэ. Айсен Кутуков бүгүҥҥү үөрүүлээх чааһынан эҕэрдэлээн ылбаҕай ырыатын бэлэхтээтэ.
Үгэс буолбут бэлиэ тэрээһин оҕолорго умнуллубат, истиҥ өйдөбүлү хаалларан, уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ. Арассыыйа эдэр гражданнарынан хаҥыы, сайда турдун!
Екатерина Захарова