Уһун Күөлгэ «Я – патриот» оонньуу быйыл зона таһымыгар бэрт тэрээһиннээхтик ыытылынна

Уһун Күөл орто оскуолата нэһилиэк «Аргыс» сынньалаҥ киинин кытта үһүс сылын тэрийэр кыттыгас бырайыактарын – «Я – патриот» спортивнай-патриотическай оонньууну – быйыл зона таһымыгар таһааран, үрдүк тэрээһиннээхтик ыыттылар.     

Оонньууга Өнөртөн, 2-с Лөгөйтөн уонна олохтоохтортон түөрт хамаанда кытынна. Кыттааччылар барыта биэс түһүмэххэ, ол иһигэр дойду, өрөспүүбүлүкэ, улуус историяларын төһө билэллэрин быһаарар тургутукка хоруйдаатылар, сатабылларын, талааннарын көрдөрдүлэр. Автоматы хомуйуу, баһаарынай таҥаһын бириэмэҕэ кэтии күрэхтэһиини сытыырхатта.

Уопсай түмуккэ Уһун Күөл бастакы «Легион» хамаандата бастаата, иккискэ – Уһун-Күөл иккис «Позитив» хамаандата, үһүскэ Өнөр хамаандата таҕыстылар. «Бастыҥ капитан» ааты Артем Олесов (Уһун-Күөл) ылла, «Бастыҥ быыһааччы» Карина Лукачевская (Өнөр) буолла, «Бастыҥ байыаһынан» Албан Гоголев (Тулуна) ааттанна, «Бастыҥ эрудит» аат Эдгар Черноградскайга (Өнөр) ананна.

Күрэхтэһиини  тэрийии туһунан Уһун Күөл орто оскуолатын дириэктэрэ Наталья Турантаева бу курдук кэпсиир:

– Быйыл күрэхтэһиибитин зона таһымыгар таһаардыбыт, ыаллыы сытар нэһилиэктэрбититтэн икки хамаанда кэлэн кыттан, оонньуубут бэрт сэргэхтик ааста.

Маныаха нэһилиэкпит олохтоохторо түөлбэлэринэн, оскуола, сынньалаҥ киинин, уһуйаан, олохтоох дьаһалта кэлэктииптэрэ бириистэргэ спонсордаан күүс-көмө буолбуттарын бэлиэтиибин. Ол курдук 1-кы миэстэҕэ 10 000 солк.,  2-с миэстэҕэ 7000 солк., 3-с миэстэҕэ эмиэ сыаналаах бирииһи олохтоотубут, ону таһынан анал ааттары ылбыт бастыҥ кыттааччыларга сыаналаах бириистэри туттардыбыт.

Тус бэйэм ааппыттан тэрийсиигэ көмө буолбут дьоммутугар бука барыларыгар, дьүүллүүр сүбэҕэ, түһүмэхтэри бэлэмнээбиттэргэ, итии аһылыгынан хааччыйбыт оскуолам кэлэктиибигэр махтанабын. Оҕолорбут дойдуларыгар, төрөөбүт нэһилиэктэригэр патриоттуу сыһыаннаах буола улаатыыларыгар бары кыһалларбытын, түмсүүлээхпитинн көрдөрдүбүт.