Оҕо саадын үлэһитэ Алексей Пестряков кыра дьиэтин иһигэр устуруус тыаһа ньирилээн олорор. Нэһилиэк ууһа манна дьон сакааһынан үгүс хомуоту, остуолу, олоппоһу, орону, тумбаны, умывальнигы, ыскамыайканы, кириэһилэни, о.д.а. оҥорон, дьон махталынан угуттанар. Алексей Алексеевич ийэтинэн Бэйдиҥэттэн төрүттээх. Эһэтин, мас ууһа Никита Пестрякову удьуордаан уһаммыта 15 сыл кэриҥэ буолбут. Бэйэ күүһүнэн уонна чугас дьонун көмөтүнэн тэринэн, күн бүгүн уһанар араас тэрили ылыммыт уус күн солото суох. Көрсөр кэммитигэр Бороҕонтон алта олоппоско сакаас ылан, үлэ үөһүгэр сылдьара.
– Икки ый толору сакаастаах олоробун. Ол быыһыгар олохтоохтор кыра мас хайыттараары, устуруустатаары, рейкэ оҥоттороору кэллэхтэринэ, оҥорон биэрэн иһэбин. Маспыт олус ыараата. Бэс хаптаһын саамай чэпчээбитэ 28 тыһыынча солкуобай буолла, 35 тыһыынчаҕа тиийэ барда. Маспын олохтоох урбаанньыт Геннадий Михайлович Жирков Дьокуускайтан тутуу матырыйаалын аҕаларыгар тэҥҥэ сакаастаан хааччынабын. Түөрт куб маһынан сылы туоруубун. Инструменнарбын эмиэ сыыйа ылан иһэбин, сүрүн тэрилим барыта баар.
Саамай уустук үлэм – күпсүүр. Биэс набору оҥордум. Бастакы икки набору Уус Тааттаттан төрүттээх удьуор уус Гаврил Бочкарев диэн табаарыспын кытта кыттыһан оҥорбуппут. Кини ыйан-кэрдэн, үөрэтэн-такайан күпсүүрү оҥорууга үөрэммитим. Улуус нэһилиэктэрин култууратын үлэһиттэрэ сакаастаабыттара. Ыарахан эрээри, олус интэриэһинэй үлэ, сөбүлээбитим. Хатылаевтар дьиэ кэргэттэрэ, Баайаҕа уустара сүбэлээбиттэрэ. Кэргэним – Борис Неустроев-Мандар Уус кыыһа. Онон үлэбэр аҕа кынным сүбэтэ-амата баһаам. Уонна нэһилиэккэ интернет киирэн, үлэни чэпчэттэ. Ыарырҕаттым да, киирэн көрдөөн булабын, туһанабын, – диэн Алексей Алексеевич кэпсиир.
Биллэн турар, Пестряковтар дьиэлэригэр аҕалара оҥорбут олоппосторо, остуола, умывальнига, о.д.а. үгүс. Кэргэнин баҕатынан бэйэ киэнэ ураты, кимиэхэ да суох буоларын курдук тутан-оҥорон биэрэр. Кэргэнэ Мария Борисовна уонна кыыстара Күннэй эмиэ олус талааннаахтар. Уруһуйдуур дьоҕурдаах буоланнар, дьиэлэрин иһигэр кэрэ үлэ үгүс. Мария дьон хаартыскатын харандааһынан уруһуйдаан үкчү оҥорорун сөхтүм. Былыргы өҥө, чуолкайа суох хаартыскалары уруһуйдаабыта тупсан, сэргэхсийэн көстөрө астык. Дьон сэргээн тэйиччиттэн хаартыскаларын ыыталлар эбит, ону уруһуйдаан ыытар. Талааннаах тарбахтаах уруһуйдьут анал үөрэҕэ суох да буоллар, айылҕаттан бэриллибит дьоҕура дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтиир.
Ольга ШЕПЕЛЕВА