Марина Бурнашева Тулуна оскуолатыгар миигиттэн биир кэрдиис үрдүк кылааска да үөрэннэр, тоҕо эрэ улахан кыыс курдук көрөрүм. Куруутун дьоһуннаах, дуоспуруннаах сылдьара. Учууталлар тута сылдьалларын курдук, дип­ломат суумканы тутара, санаабар, кини дьоһунун өссө бигэргэтэрэ. Үөрэнэр кылаа­һыгар орой-мэник уол элбэх этэ, ол эрээри Марина тылыттан тахсыбаттар быһыылааҕа. Дьиэтигэр ыал улахан оҕото буолан буоллаҕа, өрүү тугу эрэ дьаһайа-үлэлии сылдьар буолара. Оскуола кэнниттэн акушер үөрэҕин бүтэрэн Медицинэ национальнай киинигэр балачча убаастанар, хайҕанар исписэлиис буолбутун билэрбит. Ол кэннэ кэргэн тахсан Бээрийэҕэ ыал, ийэ буолан олорорун истэр этибит.

Командировкаҕа аттаныахпыт иннинэ тустаах салайааччыны кытта тугу суру­йарбытын барыллаан былаанныыр үгэс­тээхпит. Бээрийэ нэһилиэгин баһылыга Петр Васильев: «Биир талааннаах, бастыҥ ийэ, хаһаайка Марина Турантае­ваны сыр­датыҥ», – диэн чопчу эппитэ. Дьэ, онон бииргэ улааппыт кыыспын, омуннаабатахха даҕаны, отучча сыл көрбөтөх Маринабын кытта көрсөн кэпсэтэр түгэн тосхойдо. Мин иннибэр саха Далбар Хотуна, Бээрийэ нэһилиэгин биир сис ыалын ийэтэ Марина Турантае­ва олорор.

– Марина, бастакы ыйытыым – куорат сириттэн ордорон, кытыы нэһилиэккэ олохсу­йууҥ туһунан кэпсээ эрэ.

– Кэргэн тахсан баран бастаан куо­ракка олорбуппут. Кэргэним аатыр­быт эмчит Гурий Турантаев кыра уола Иван. Оҕолонон олордохпутуна, дьоммут саа­һырдылар, көмөҕө наадыйдылар диэн 2006 сыллаахха Бээрийэҕэ көспүппүт. Дьоммутун кытта олорбуппут, оҕонньорго наһаа элбэх киһи кэлэн эмтэнэрэ, сылдьара. Ол ыалдьыттары көрсүү, аһатыы дьиэ хаһаай­каларыгар сүктэриллэр буоллаҕа. Бэйэм дьонум сүөһү ииттэллэр этэ гы­нан баран, биһигини сүөһү көрүүтүгэр төрүт чугаһаппаттар этэ. Манна кэлэн баран, дьэ, сүөһү көрүүтүгэр бэйэм баҕабынан сы­һынным. Нэһилиэккэ биэлсэр суох этэ, өрүү кэлэн үлэлээ диэн ыҥыраллар этэ да, оҕолорум кыра буоланнар, сөбүлэммэтим. Оҕолор улаатаннар, 2015 сылтан социаль­най үлэһитинэн үлэлии сылдьабын.

– Хаһаайыстыбаҥ туһунан кэп­сиэҥ дуо?

– Кэргэним ДьТХА-ны бүтэрбитэ, билигин манна тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ. Былырыын саҥа хотон тут­тубуппут. Быйыл 20 сүөһүнү кыстатабыт. Урут ыанар ынаҕы 9-һу эҥин тутар буо­ларбыт. Билигин 5 ынахтаах­пыт. Миэс­тэтигэр үүтү туппаттар, ол иһин ына­ҕы иитэр ыарахаттардаах буолла. Онон субай өттүн элбэттибит. Нэһилиэк дьиэтэ барыта киин ититии­нэн хааччыллар буолуоҕуттан тыа сирин дьонун олоҕо чэпчээтэ диэн үөрэбит.

Кэргэним Иван наһаа дойдумсах буолан манна кэллэхпит дии. Кини сорсуннаах булчут, онон булду-аһы астыырга эмиэ Бээрийэҕэ кэлэн үөрэммитим. Доҕорум дьонун дьыалатын салҕаан, хаһаайыстыбаларын тутан, дьиэ кэргэммит бигэ тирэҕин төрөөбүт дьиэтигэр-уотугар түстүүрүттэн махтанабын.

– Оччотугар аскыт барыта бэйэ­ҕититтэн буоллаҕа? Ордорунаргытыттан дохуот аахсаҕыт дуо?

– Саас, күһүн суолбут олоччу быс­тан хаалар. Онон бу нэһилиэк дьоно аспытын хаһаанар үгэстээхпит. Суол­бут быһынна даҕаны, маҕаһыыҥҥа эгэлгэ ас суох буолан хаалар. Оҕолор сонун ас эҥин көр­дүүллэрэ ханна ба­рыай? Биирдэ кэргэним убайын сүбэтинэн ютубка көрөн сыыр оҥорон боруобалаатым. Табылынна, оҥоһуута сүрдээх судургу эбит. Сулугуни, моцарелла, имеритинскай көрүҥнэри оҥоробун. Өскөтүн суоллаах эбиппит буол­лар, сыыры киһи көҥүл дэлэтэн атыыга таһаарыан сөп эбит.

Мин уопса­йынан үрүҥ аһы астыыр­бын сөбүлүүбүн. Суораты күн аайы оҥо­рон, манна атыыга таһаарабын. Иэдьэгэйи, сүөгэйи, арыыны, чөчөгө­йү хамаҕатык атыылаһаллар, ону бэ­йэм дьиэлэригэр тиэрдэн биэрэбин.
Үрүҥ аспыттан киирбит харчыны туспа уурабын. Оннук гыннахха, киһи интэриэс­тэнэр, үлэҥ түмүгэ көс­төр. Муус устартан саҕалаан 100 тыһыынчаны мустум. Бэтэринээринэй өҥө да балачча сыаналаах, ону үүтүм харчытыттан төлүүбүн. Убаһа, сүөһү иһин биирдэ сиир гына арааран эмиэ атыылыыбын. Убаһа быарыттан, хааныттан, этиттэн туспа набор оҥорон атыылыырбын астынан ылаллар.

– Элбэх оҕолоох эбиккит, оҕону иитиигэ туох ураты ньыма­лаах­хытый?

– Саха сиэринэн. Эбэбит Харитина, эһэбит Гурий сүрдээх оҕомсох дьон этилэр. Үс улахан оҕо кинилэр көрүүлэригэр улааппыттара. Онон оҕолорбут сахалыы үгэһинэн иитиллибиттэрэ.

Улахан уолбут Гурий устудьуон. Уля, Уйгууна диэн кыргыттарбыт Кэптэни­нэн, Тиит Арыынан үөрэнэ сылдьаллар. Маннааҕы оскуолаҕа учуутал тиий­бэт, онон итинник атын сиргэ үөрэтэ ыытар­га күһэллэбит. Бэйэбитигэр кыра кыыспыт мурун бүөтэ Оля баар.

– Үлэҕиттэн, хаһаайыстыба­ҕыттан быыс булан тугунан дьа­рык­танаҕыный?

– Оскуола эрдэхтэн барытыгар көхтөөх этим. Ол эрээри үҥкүүгэ сыстыбата­ҕым. Манна, дьоҕус дэ­риэбинэ буолан, киһи барыта кыт­тар, арыыланан хаалар төрүөт суох буолар. Дьэ, доҕоор, манна аны үҥкүүлүүр буол­лум. Ыһыахха ла­баа тутан баран хаамартан саҕаламмыта. ­Бастаан дьарык­танарга ыарахаттар­даах этэ. Манна үрдүк үөрэхтээх хореограф Анастасия Васильева баар. Кини Михаил Васильевтыын үҥкүү доҕуһуо­лун үҥкүүгэ диэн анаан оҥороллор. Оннук дьарык­танаммыт улуус, өрөспүүбүлүкэ, Россия та­һы­мыгар үҥкүүлээтибит. “Саха” НКИХ “Үҥ­күүлээ” бырайыагар кытынныбыт. Оннооҕор сольнай үҥкүүбүнэн улуус­ка лауреат буолан турабын.

– Марина, оччотугар бэйэ боро­дууксуйа­тынан бэйэҕит аһыыр­гыт та­һынан дьону иҥэмтиэлээх аһы­нан хааччы­йан, эбиитин дохуоттанар суолу буллаххыт дии. Тыа хаһаайыс­тыбатынан дьарык­танааччыларга тугу этиэҥ этэй?

– Дэриэбинэҕэ олох – көҥүл. Би­риэ­мэҕин аттарыннаххына, хаһаайыс­тыба да көрөҕүн, үлэлиигин даҕаны. Барытыгар тииһинэҕин. Аны Бээрийэ­ҕэ сүөһүнү, сылгыны дэлэтэргэ бары усулуобуйа барыта баар. Бастакыты­нан, оттуур сир дэлэй, төттөрүтүн от­­туур киһи суох. Маны таһынан сүө­һү, сылгы сүтэр диэн кыһалҕа тө­рүт суох. Киһиэ­хэ барыта бэйэтиттэн тутулуктаах, эн баҕарар дьыала­ҕар ис сүрэхтэн ылсар буоллаххына – барыта сатанар. Тыа сирэ киһи оло­роругар табыгастаах, киэҥник да тыына сылдьар астык буолбаат!

Тыа сирин уйгутун түстээччи, дэлэтээччи саха Далбар Хотуттара, элбэх оҕону төрөтөр саха ыала сир-сир үксээтэр – норуот кэскилэ бигэ буолара саарбахтаммат. Маннык дьонтон биир­дэстэрэ Бээрийэ мааны кийиитэ Марина Турантаева истиҥ ийэ, сатабыллаах ха­һаайка аналын сүгэ сылдьарыттан ис сүрэхпиттэн үөрдүм уонна сахалыы сэмэй­дик киниэхэ сүгүрүйдүм.