Өлүөнэ өрүс уутун таһыма Уус Алдан кыраныыссатынан Суотту нэһилиэгэр син биир үрдүү турар.
Бүгүн сарсыарда 09:00 чааска гидропоска бастакы рейка 100 см көрдөрбүт, бэҕэһээ киэһээттэн 9.5 см эбиллибит. Кытыл уонна арыылар олоччу ууга бараннар, отчуттарга ыарахан балаһыанньа үөскээбит. Бу туһунан Суотту нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Надежда Черкашина иһитиннэрдэ.
– Ардах уутун халаана Өлүөнэ өрүскэ муҥутуур үрдүк таһыма от ыйын 23-24 күннэригэр бэлиэтэниэҕэ, – диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин гражданскай оборона уонна сэрэхтээх буолууну хааччыйыы дьыалатыгар миниистири солбуйааччы Айаал Вензель эттэ.
Хаҥалас улууһугар уу намтаан эрэр. Ол эрээри, бу күннэргэ халлаан туругун билгэлээччилэр этэллэринэн, хас да хонуктаах ардах түһүөхтээх.
Анатолий Кириллин
Хаартыскалар социальнай ситимнэртэн






