Быыстапка-дьаарбаҥкаҕа биир бастыҥ тэрээһиннээх, дьон-сэргэ болҕомтотун ылбыт кыттааччы – Суоттутааҕы агро-хайысхалаах орто оскуола кэллэктиибэ.
Биология учуутал Евгения Гоголева билиһиннэрбитинэн, быйыл 22 суорт хортуопуйу олордубуттар. Ону барытын ханнык суорт буоларын суруктаан-бичиктээн быыстапкаҕа уурбуттара биир сонун көстүү буолла. Ону таһынан, сублимированнай оҕуруот аһа оҥороллорун сэргээтилэр. Ол аата, оҕуруот аһын анал оһоххо хатаран, бэл диэтэр, оҕурсуттан чипсы, кабачоктан цукаты (мармелад, кэмпиэт курдук сиэнэр) уонна оҕуруот аһын арааһын булкуйан да, бэйэтинэн да итиэннэ дьэдьэни хатаран быстах ылан сии сылдьарга бэртээхэй бородууксуйа сэҥээриини ылыан ылла.
Ону таһынан, декоративнай тыкваттан саҕалаан оҕуруот аһын арааһын тэлгэттилэр. Үөрэнээччилэр агро өттүгэр араас хабааннаах күрэстэргэ ситиһиилэрин кэпсиир муннуктарыттан көрдөххө, оскуола айымньылаах үлэтэ үөрдэр. Сайынын, сайылыктарыгар 30-ча төбө сүөһүнү көрөн-истэн, хаппыыста, хортуоска бааһынатын бүөбэйдээн сыралаах үлэлэрин түмүгэ дьон-сэргэ болҕомтотун ылыан ылла.
Ону таһынан урбаанньыт Владислав Мордовской хаппыыста, моркуоп, сөбүөкүлэ, брокколи, өҥнөөх хаппыыста, хара редька аҕалан атыылаата. Быйыл 10 туонна хаппыыста аҕалан киилэтин 50 солкуобайга атыылаата.
Мария Аргунова