Бу күннэргэ Саха телевидениетын биллэр суруналыыһа Лена Керемясова ыҥырыытынан Уус Алдан мелодистара “Тойон Мүрү” түмсүүбүт 45 сылынан “Кэрэ кэпсээн” биэриигэ культура салаатын начальнига Сергей Нафанаилов, кураторбыт Анна Федорова салалталарынан, тэрийиилэринэн уһуллан кэллибит.
Биэрии саҕаланыытыгар түмсүү үлэтин кылгастык кэпсээбитим кэннэ Сергей Нафанаилов улуус түмсүүлэрин үлэлэрин, быйыл СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитин аатын ылбыт, Өлөөнүнэн, Уус Алданынан тахсыылаахтык үлэлии, айа-тута сылдьар Николай Бурнашев–Чысхаан “Табаһыт ырыата” ырыатын оҕолор норуоттар икки ардыларынааҕы фестивалларга Японияҕа тиийэ ыллаабыттарын, аныгы ыччат ырыаларын туһунан, аҕыйах хонуктааҕыта “Үрдэл” куонкуруска сыалай икки анал аат, ол иһигэр “Бастыҥ мелодия” номинация кыайыылааҕа буолбут Николай Андросов СӨ Бэрэстэбиитэлистибэтин Өрөгөйүн ырыатын айбытын, Гимн толоруллуутун историятын туһунан, “Азия оҕолоро” оонньуулар Гимнэрин айбыт Станислав Луковцев Өрөгөй ырыатын айыллыытын историятын, эдэр мелодист Екатерина Готовцева–Алексеева айар суолга хайдах киирбитин туһунан кэпсээбиттэрин Лена Керемясова кэрэхсии иһиттэ. Ону таһынан Николай Бурнашев, Николай Андросов, Екатерина Готовцева кэрэ ырыаларын бэлэхтээтилэр. Эфиргэ Иннокентий Сыроватскай, Василий Парников тылларыгар, Василий Парников мелодиятыгар Захар Степанов биһирээбит, хорга тупсаран оҥорбут “Уйгу сирэ Уус Алдан” улууспут Өрөгөйүн ырыата, Галина Иванова тылыгар, Станислав Луковцев мелодиятыгар, Николай Берестов хорга тупсаран оҥоруутугар “Азия оҕолорун” Өрөгөйүн ырыатын “Кэнчээри” ансаамбыл Кузбасска ыҥырыллан толорбут видеолара көстүөҕэ.
Уһуллуу кэнниттэн Лена Петровна: “Түмсүүттэн элбэх да талааннаах киһи тахсыбыт, уус алданнар маладьыастар!” – диэн астынан, махтанан атаарда.
”Кэрэ кэпсээн” биэрии эфиргэ тохсунньу 20 күнүгэр 10 ч. 45 мүн. тахсыаҕа, хатылааһына тохсунньу 24 күнүгэр, сэрэдэҕэ, көстүөҕэ.
“Тойон Мүрү” түмсүү салайааччыта Василий Парников