Алтынньыга Тумул бөһүөлэгэр социальнай хантараак өҥөтүнэн туһанан үс саҥа чааһынай бизнес аһылынна. Ол курдук, нэһилиэкпитигэр ыраас ууну кутар сыах үлэтин саҕалаата.
Элбэх оҕолоох эдэр ыал Саина, Василий Илларионовтар социальнай хантараакка кыайан нэһилиэккэ олус наадалаах, иһэр ууну ыраастыыр аппараат ылынан анал бытыылкаҕа, иһиккэ кутан атыылыыллар. Ону таһынан, тимир көлөлөөөх дьоҥҥо наадалаах өҥөнү оҥорор шиномонтаж арылынна. Эдэр суоппар Егор Иванов көлүөһэ өрөмүөнүн, сезонунан уларытыытын, ону таһынан балансировкатын оҥорор.
Нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыытыгар үлэлиир, элбэх сүөһүлээх ыал Вера, Анатолий Габышевтар фермерскай социальнай контракка кыайан, саҥа улахан хотон тутуннулар. Хотон 9 миэтэрэ кэтиттээх, 20 миэтэрэ уһуннаах.
Олох хардыытынан дэриэбинэ тэҥҥэ сайдан, саҥа үлэ миэстэтэ тахсан, нэһилиэнньэҕэ туһалаах өҥө оҥорор үлэ барара хайҕаллаах суол. Бороҕон нэһилиэгэр социальнай хантараак өҥөтүнэн туһанан саҥа сүүрээн киирэн нэһилиэнньэ олоҕо тупсар, чэпчиир. Олохтоох дьаһалта аатыттан улуус социальнай көмүскэлгэ управлениетын начаалынньыгар Елена Кривошапкинаҕа улахан махталбытын тиэрдэбит.
Виктория Петрова. Тумул