Соҕотох олорор кырдьаҕас «Мичээр» оҕо тэрилтэтин үлэһиттэригэр махтанар

Бороҕоҥҥо Строителей уулуссаҕа чааһынай дьиэҕэ соҕотоҕун олорор тыыл, үлэ бэтэрээнэ Интерна Слепцова дьиэтин иһигэр хаар уута киирэн хайдах да буолуон билбэккэ мучумааннанан баран, аныгы кэм кырдьаҕаһа буоллаҕа, ватсап статуһугар балаһыанньатын таһаарбыт. Ону Мүрүтээҕи «Мичээр» оҕо тэрилтэтин үлэһиттэрэ (сэб. Күннэй Жиркова) көрөннөр, икки хонуктааҕыта субуотунньуктаан ууттан босхолообуттар.

Олус үөрбүт, махтаммыт Интерна Алексеевна махталын бу курдук этэр:

– Дьиэм былырыын хочуолунай өттө ууга барбыта, быйыл дьиэм иһигэр бүтүннүү уу киирэн ыксатта. Чычаас буолан, мотуордаах носуос сатаан ылбат эбит. «Мичээр» оҕо тэрилтэтин кэлэктиибэ ис санаатыттан көмөлөһө диэн тиийэн кэлбиттэрэ. Баччалаах элбэх тымныы ууну илиилэринэн баһан таһырдьа тастылар.

Ыксаллаах кэмҥэ киһи киһиэхэ көмөтүн уунара диэн наһаа күндү буолар эбит. Наһаа үөрдүм, долгуйдум. Сэбиэдиссэй Күннэй Николаевнанан сирэйдээн үлэһиттэргэ барыларыгар сылаас махталбын, үөрүүбүн тиэрдэбин. Чэгиэн-чэбдик сылдьыҥ, үлэҕит таһаарыылаах, ситиһиилээх буоллун диэн баҕа санаабын этэбин. Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатыгар эмиэ уһаайбам уутун оботторбор улахан носуос уларсыбыттарыгар махталым муҥура суох.

Салгыы Интерна Алексеевнаттан туоһулаһан билбитим, билигин да муоста алдьаммытынан уу бычалыйан тахсар эбит. Уу киирбит дьиэтэ сииктээх, тымныы буоллаҕа, күн бүгүҥҥэ диэри дьиэтигэр олорор эбит. Дьиэтин акылаата хамсаан, истиэнэтэ арыллан олорорго табыгаһа суох буолбутун сонньуйа этэн аһарда.

Мария Аргунова

Читайте дальше