Соҕотох ийэҕэ көмө, өйөбүл уҕарыйыа суохтаах

Хаһыат ааспыт нүөмэригэр Анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьиэ кэргэттэригэр тула өттүттэн көмөнү, өйөбүлү уҕарытымыах диэн ис хоһоонноох суругу та­һаарбыппыт.

Салгыы Суотту нэһилиэгэр олорор Саргылана Заровняева этиитин таһаарабыт:

– Түөрт оҕолоохпун, соҕотох ийэбин. Улахан уолум Эдуард 23 эрэ саас­таах, анал байыаннай дьайыыга быстах хомуурга ыҥырыллан барбыта. Билигин бааһыран гос­питальга эмтэнэ сытар, туруга этэҥҥэ. Орто уолум Николай ХИФУ, кыыһым Саина медколледж устудьуоннара, саамай кырам Костя үһүс кылааска үөрэнэр. Итиэннэ 75 саас­таах кырдьаҕас аҕалаахпын. Бэйэм Суотту балыыһатыгар үлэлиибин.

Анал дьайыыга сылдьар ба­йыастар дьиэ кэргэттэригэр улуус, нэһилиэк дьаһалталарын өттүттэн көмө оҥоһуллар. Инникитин да барыбытыгар биир тэҥник көмөлөһөллөрө буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Холобура, соҕотох ийэҕэ кыһалҕа баар бөҕө буоллаҕа, ону барытын ааҕа олорорум эмиэ сатаммат курдук. Киһи куруук көмөҕө наадыйара ханна барыаҕай? Нэһилиэгим дьаһалтатыгар, Суотту балыыһатын кэлэктиибигэр уонна улуус­тааҕы балыыһа идэлээх сойууһугар махталым улахан. Күн бүгүн дьиэбэр ититии ситимин тарда сылдьаллар, муус аҕалан биэрбиттэрэ, өссө оттук маспытын аҕалаллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

Суотту нэһилиэгин социальнай үлэһиттэригэр Татьяна Ивановна Тарасоваҕа уонна Зинаида Александровна Алексееваҕа барҕа махталбын тиэрдиэм этэ, өрүү билсэ-көмөлөһө тураллар. Уолбутун бары олус кэтэһэбит, Анал байыаннай дьайыыга барбыта сылтан орто, уоппускаҕа кэлбэтэҕэ. Оҕобун мэлдьи кэтэһии, күннэтэ күүтүү, куруук ол санаатыгар сылдьыы, долгуйуу наһаа ыарахан, барыта этэҥҥэ эрэ буоларыгар баҕарабыт.

Мария Аргунова