«Сардаана» оҕо саадыгар Оҕо уйулҕатын бөҕөргөтүү ыйа түмүктэннэ

Мүрүтээҕи 17 №-дээх оҕону сайыннарар “Сардаана” кииҥҥэ алтынньы 16 күнүттэн Оҕо уйулҕатын бөҕөргөтүү тиэмэтигэр анал ый буолан ааста. Нэдиэлэлэр араҕас, халлаан күөҕэ, от күөҕэ, кыһыл уонна ыйы түмүктүүр бүтэһик нэдиэлэ кустук өҥнөрүгэр ананна.

“Күн сардаҥалара” улахан бөлөххө фойеттан саҕалаан тиэмэлэринэн уларыйа сылдьар дьүһүннээх шариктарынан киэргэттибит. Нэдиэлэ устатыгар араас дьарыктар, оонньуулар, бэсиэдэлэр, уус-уран айымньыны ааҕыы, презентациялар, муусука доҕуһуоллаах сарсыардааҥҥы зарядка ыытылыннылар. Оҕолор араас ньыманан “Аптаах мас”, ”Үрүмэччилэр”, “Муора аннынааҕы саарыстыба” сыһыары оҥоһуктары оҥордулар. Төрөппүттэргэ “Араас дьүһүннэр оҕо быһыы-майгы өттүнэн сайдарыгар хайдах дьайалларый”, “Оҕо уйулҕатын  бөҕөргөтүү” онлайн консультациялар ыытылыннылар.

Оҕолорбут тэрээһиннэргэ наһаа сөбүлээн, интэриэһиргээн үөрэ-көтө кытыннылар, нэдиэлэлэр дьүһүннэринэн сөп түбэһэр гына таҥнан киэргэннилэр. Тэрээһиннэр олус сэргэхтик аастылар. Иитиллэччилэрбитин уйулҕа өттүнэн чэгиэн-чэбдик, эйэлээх, эйэҕэс, аламаҕай, түмсүүлээх буолалларыгар  иитэбит-үөрэтэбит, сайыннарабыт.

Ольга Сокольникова, оҕону сайыннарар “Сардаана” киин улахан бөлөҕүн иитээччитэ

Читайте дальше