Саҥа дьылга сыл бэлиэтэ киэҥник уруйданар-айхалланар буолла. Биһиги, сахалар илиҥҥи дойдулар халандаардарынан Дракон, Моҕой сыла кэллэ дэһэбит. Дьиҥэр, бэйэбит итэҕэлбитинэн оҥоһуллубут халандаардаахпыт эбээт. Холобур бу үүнээри турар сыл Айыыһыт сыла, онтон Иэйэхсит, Үрүҥ Айыы, Аан Алахчын, Аан Дьааһын, Улуу Суорун… сыллара кэлиэхтээхтэр. Бу сахалыы халандаарбытынан сыл бэлиэлэрин сөргүттэхпитинэ хайдах буолуо этэй? Бу туһунан дьон санаатын истиэх:
Анна Бурнашева, Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо:
– Биһиги, сэбиэскэй кэм дьоно, кырдьыгынан эттэххэ, сахалыы итэҕэли төрдүттэн тутуһан кэлбит дьон буолбатахпыт. Холобур, сахалыы сыллар бэлиэлэрэ киэҥ араҥаҕа билигин даҕаны күүскэ киирэ иликтэр. Ол оннугар илиҥҥи халандаары бука бары, оҕо саадыттан саҕалаан бэркэ билэбит. Кырдьык, илиҥҥи халандаар бэлиэлэрэ судургулар, оҕо, киһи түргэнник ылынар, өйдүүр. Ол гынан баран, саха буоларбытынан бэйэбитигэр баары урут тутар, тутуһар, айылҕабытынан да чугас, сөптөөх буоллаҕа. Ол курдук, быйыл Айыыһыт сыла буоларын дьиэ кэргэнтэн саҕалаан, төрөппүттэр бэйэбит урут бастаан өйдөөн, оҕолорбутугар үөрэтиэҕиҥ, билиһиннэриэҕиҥ. Билигин интэриниэт күүскэ киирбит кэмигэр бэйэбит итэҕэлбитигэр, төрүт тылбытыгар үлэлэһэр, тарҕатар кэммит кэллэ дии саныыбын.
Светлана Бурцева, улуустааҕы «Кэскил түһэ» ийэ тыл түмсүүтүн салайааччыта:
– Хас биирдии омук бэйэтин уратытын өрө тутар кэмэ кэлбит курдук, онон биһиги бэйэбит айылгыбытыгар сөп түбэһэр халандаардаахпыт быһыытынан көһөрбүт бэрт этэ. Сахалар сыл бэлиэтин бэйэбит халандаарбытынан билэр буолбуттара син ыраатта. Ол эрээри бэйэбитигэр бэлиэлээхпитин билэ-билэ илиҥҥи халандаар иһиттэн тахса иликпит хомолтолоох. Кэнники кэмҥэ хаар киэргэллэри оҥоруу үгэскэ кубулуйан эрэр. Бэйэбит бэлиэбитин итинник оҥоруохха сөп. Сыл устата ыытыллар тэрээһиннэр ис хоһоонноругар киллэрэн биэрдэххэ, үүнэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буолуо этэ.
Айаал Молокотин, “Саха” НКИХ филиалын кэрэспэдьиэнэ:
– Саха буолан баран бэйэбит үгэспитигэр көһөрбүт оруннаах дии саныыбын. Өбүгэлэрбит күнү-дьылы кэтээн көрөллөрө, аҕаллара бука билиҥҥи өйдөбүлүнэн халандаар дэнэн эрдэҕэ буолуо. Сахалыы халандаары сөргүтүүгэ төрүт култуура үөрэхтээхтэрэ, төрүт үгэһи тута сылдьааччылар түмсэн күүскэ үлэлэһиэх тустаахтар. Итиэннэ оскуолаҕа төрүт култуура биридимиэт быһыытынан киирэрэ буоллар үчүгэй буолуо этэ.
Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына, “Дуораан” араадьыйа ыытааччыта:
– Атын дойдулары бэйэтэ итэҕэлэ, толкуйа, киэн туттара суох омук үтүктүөн сөп. Саха омук оннукка хайдах да киирсибэппит. Бэйэбит халандаарбыт, ыйбыт туомнара барыта баар. Онон бэйэбит халандаарбытын чөлүгэр түһэрэн туттарбыт оруннаах, кэскиллээх. Урут өбүгэлэрбит, төрүттэрбит сыл бэлиэтин дьылын-күнүн ааҕан-суоттаан олохторун дьаһанан тыыннаах олорон кэллэхтэрэ. Сөргүттэххэ, ону ылыммыт киһи сахалыы тыына уһуктуоҕа.
Семен Черноградскай, саха фольклорун тарҕатааччы:
– Саха омуга дириҥ устуоруйалаах омук буоларбыт быһыытынан саха халандаарыгар көһөр сөптөөх хардыы буолуох этэ. Халандаары билэр дьон аҕыйах буолуо, элбэхтик хаһыатынан, радионан, телевидениенан сырдатыллыан наада.
Мария Аргунова, Афанасий Копырин, Екатерина Захарова