Санаа ситимэ: ханна билсэн-көрсөн ыал буолбуккутуй?

Олунньу 14 күнэ – Тапталлаахтар күннэрэ. Сибэ­тиэй Балантыын устуоруйатын ис хоһоо­нунан сиэт­тэрэн, бу күн тапталлаахтар күннэрэ буолуон сатаммат диэн мөккүһүү баар эрээри, бу сиргэ олоҕу бүтүннүү тутан турар, олоҕу салгыыр таптал диэн истиҥ иэйии күнэ баар буолуохтаах, бэлиэтэниэхтээх. Ханна көрсөн-билсэн дьол уйатын оҥостоллоруй, дьоһун-мааны ыал дьоммут?

Надежда Бочкарева, Чэриктэй нэһилиэгин олохтооҕо:

– 2008 сыллаахха ЯГУ ФЛФ салаатын бүтэрэн, Чэриктэй оскуолатыгар күһүн үлэлии кэлбитим. Манна кэлэн кэргэммин кытта билсэн, 2009 сыллаахха ыал буолбуппут. Быйыл олорбуппут 15 сыла буолар. Үс оҕолоохпут, улахаммыт Айгылаана 7-с, улахан уол Айысхан 5-с уон­на кыра уолбут Эрсан 2-с кылааска үөрэнэллэр. Таптал диэн, мин санаабар, сырдык, ыраас, күүстээх иэйии. Бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыан, өйдөһүү айылҕа, таҥара бэлэҕэ буолар. Таптал араас өйдөбүллээх буолар, төрөппүккэ таптал, чугас дьоҥҥор таптал, төрөппүт оҕоҕор таптал, кэргэҥҥэ таптал, төрөөбүт дойдуга таптал. Эдэр ыалга сүбэм диэн бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөн, өйдөһөн-өйөһөн, инникигэ сыал туруорунан, ол сыалы ситиһэргэ дьулуһан олоруҥ. Оҕо интэриэһин өйөөн, кыах баарынан сайыннаран, иитэн-такайан таһаарыы ыал дьон – сүрүн соруктара.

Василиса Ушницкая, Өнөр нэһилиэгин олохтооҕо:

– Оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр 9-10-с кылаастарга, «Хотугу сулус» куон­куруска кытта сылдьан билсибиппит. Мин Тумултан, кини Өнөртөн сылдьар этибит. Оҕолуу ыраас тапталбыт сыыйа улаатан, ыал буоларга санаммыппыт. Оруо­буна 12.12.12. чыыһылаҕа олохпутун холбообуппут. Үс уол оҕолоохпут. Таптал диэн, санаан көрдөххө, дьикти иэйии, икки тус туспа дьон бэйэ-бэйэлэрин булсан, өйдөһөн, оҕо-уруу тэнитэн олороллоро эмиэ ураты-кэрэ көстүү буолар. Эдэр ыалга бэйэ-бэйэни өйдөһөн, өйөһөн олороллоругар баҕарабын.

Татьяна Колесова, Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо:

– Кэргэмминээн Николайдыын 1990 сыллаахха оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбитигэр, оччолорго мин 9-с кылааска, кэргэним 10-с кылааска үөрэнэ сылдьан билсэн доҕордоспуппут. 1992 сыллаахха оскуоланы бүтэрээт, ыал буолбуппут. Былырыын «Чөмчүүк» сыбаайбабытын бэлиэтээбиппит. Ыал буолан олорбуппут быйыл 31-с сыла буолла. Икки кыыс оҕолоохпут, эмдэй-сэмдэй сэттэ сиэннээхпит. Ыал буолуу бэйэ-бэ­йэҕэ, инники олоххо улахан эппиэтинэс дии саныыбын. Бэйэ икки ардыгар сыһыан, өйдөһүү-өйөһүү, утары баран бырастыы гынсыы, барытын биир сүбэнэн оҥоруу иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн төрдө буолар. Ыал дьоҥҥо сүрүнэ бэйэ-бэйэни убаастаһыы баар буолуох­таах. Таптал диэн бастатан туран истиҥ сыһыан, киһини хайдах баарынан ылыныы, эркин курдук эрэнии.

Анисия Гаврильева, Найахы нэһилиэгин олохтооҕо:

– Биһиги 1992 сыллаахха Дьокуускайга култуура колледжыгар үөрэнэ сылдьан билсибиппит. Мин хорегография, кэргэним Дьулус­таан режиссер салаатыгар үөрэммиппит. Ыал буолан, 1993 сылтан Найахыга олохсуйан олоробут. Былырыын ахсынньыга ыал буол­буппут 30 сыла туолбута. Таптал диэн ыал буолан, бэйэ бэйэни таптаһан, убаастаһан, бэйэ-бэйэни ситэрсэн биэрэн олоруу буолар. Оҕолорго холобур буолан олоруу дьиэ кэргэн саамай сүрүн сыала. Биһиги түөрт оҕолоох­пут, биир сиэннээхпит. Таптал диэн бу күн сиригэр саамай истиҥ, уйаҕас иэйии буолар.

Мария Аргунова