Сайылык диэн этиллэрин, иһиллэрин да курдук сайыны кытары ыкса ситимнээх. Сахаҕа ураты суолталаах кэм. Алтынньы 14 күнүттэн кыһыҥҥы хонугу ааҕан, сүөһүнү кыстыкка киллэрэн ыам ыйын 22 күнүгэр диэри дьылы туораттыбыт, күөххэ үктэннэрдибит диэн улаханнык үөрэллэр. Бу кэм аҕыс ый устата барар уонна кыһыҥҥы хонугунан ааҕыллар.

Саха омук барахсан былыр былыр­гыттан хороҕор муостааҕынан, сыспай сиэллээҕинэн баайданан олорбут буолан, дьыл эргиирин ону кытары ситимниир. Ол иһин сайыны олус кэтэһэр, ураты суолтаны биэрэн сайылык­ка таҕыстар эрэ анал сиэри-туому толорон, сирин хайаан да аһатар.

Саха сиригэр нуучча кэлиэн иннинэ сайыны көрсүү хаһан буолара ситэ үөрэтиллэ илик. Ол иһин нуучча итэҕэ­лигэр сөп түбэһиннэрэн Ньукуола (Ни­колин день) таҥара күнүгэр – ыам ыйын 22 күнүгэр сайыны көрсөбүт. Мантан ыла сайын кэлэр, ол аата са­йылыкка тахсабыт диэн өйдөбүл хас биирдии саха киһитигэр өйүгэр-санаа­тыгар иҥэ сылдьар. Аныгы олох сиэринэн сүөһүтэ суох киһи даачатыгар да барарын сайылыкка тахсыы диэххэ сөп.

Сайылык диэн ураты сир буоллаҕа. Манна үрүҥ илгэ үрүйэлии сүүрүгүрэр, сүөһү уойар-тотор. Ол аата уйгу-быйаҥ түстэнэр. Аны сайылык диэн ураты дойду эбээт. Аҕыйах хонуктаа­ҕыта Лөгөй нэһилиэгин Хаптаанньа сайылыгар тиийэ сырыттыбыт. Бу үтүө­кэн сири уһун тыыннаан Матрена, Петр Кычкиннар 30-с сылын сайылык оҥостон олороллор. Кинилэри кытта оҕолоро, сиэннэрэ эмиэ сайылыыллар. Онон урукку кэмнээҕи сайылык тыынын чахчы ылан кэллибит. Ханна да буоларын курдук, сопхуос саҕана манна сүүһүнэн ынах, ньирэй сайылаатаҕа, элбэх ыал олордоҕо. Ол кэми баттаспыт киһи буоларбынан, мин эмиэ сорох сайын сайылыкка олорбуттаах этим. Хаптаанньа сайылык ол кэмнэрбин санатта. Сүөһүлэр маҥыраһаллар, алаас халдьаайытыгар атыыр кистээн дьырылатар, күөлгэ хоптолор айманаллар, аттыбар куурусса хахаарар, куула тыаҕа кэҕэ чоргуйар. Олох ураты дойду, ураты тыын. Ол да иһин сайылык ахтылҕаннаах эбит.

Маннык олохтоох-дьаһахтаах, үгэс­тээх буоламмыт Ил Дархаммыт Айсен Николаев 2018 сыллаахха алтынньы 6 күнүгэр Саха сиригэр Сайылык күнэ олохтонорун туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Ол иһин 2019 сылтан ыла ыам 22 күнүгэр Сайылык күнүн бэлиэтиир буоллубут. Онон сайылык уонна сайын биир ситимнэннилэр. Сайылык – сүөһүлээх-астаах киһиэхэ быйаҥ төрдө, оҕолорго дьоллоох оҕо саас уйата. Са­йылыкка сайылыыр оҕо атыттартан оҕо сааһын ураты дьолун билэр. Сайылык күнүнэн, сайын кэлбитинэн!

Афанасий СЕКТЯЕВ