Саха сиригэр анал байыаннай оскуола баара

Оруобуна 100 сыл анараа өттүгэр Сэбиэс­кэй олоҕу-дьа­һаҕы саҥа тэринэн эрэр Саха сирэ анал байыаннай оскуолалаах буолуохтааҕын туһунан сорук турбута. Маны туруорсубут киһинэн оччотоо­ҕу Саха сирин Киин Ситэрии­лээх Кэмитиэ­тин бэрэссэ­дээ­­тэлэ Платон Ойуунус­кай буолар.

Кини этии­тин ылынан Си­биирдээҕи ба­йыаннай уокурук командующайа 1925 сыллаах­ха балаҕан ыйыгар Саха сиригэр анал ба­йыаннай ос­куо­ланы тэрийэр туһунан бирикээс таһаа­рар. Оскуола гражданскай сэрии дьоруойа Кеша Алек­сеев ааты­нан Дьокуус­кайдааҕы нацио­нальнай ба­йыаннай рота оло­ҕор-дьаһаҕар тэриллибитэ. Ол эрээри сыл аҥаарын устаты­гар араас тэ­рээһин үлэлэри ыытыы кэнниттэн оскуола 1926 сыллаахха олунньуттан үлэтин саҕалаабытынан барбыта. Бас­такы сүү­мэрдээһиҥҥэ 72 курсант үөрэнэ киирбит. Ос­куола сүрүн соругунан Кыһыл Аармы­йаҕа алын сүһүөх хамандыырдары бэлэмнээһин этэ.
Бу оскуолаҕа Уус Алдан ыч­чата эмиэ үөрэммитэ. Барыллаан ааҕыынан, 60-ча киһи үөрэммит. Олору булан киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр туһуттан улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин уонна «Мүрү са­һарҕата» хаһыат эрэдээксийэтин кытары кыттыгас быра­йыак бэлэмнээтибит. Онон нэ­һилиэктэрдээҕи бэтэрээннэр сэбиэттэрэ бэйэлэрин биир дойдулаахтарын туһунан матырыйаал бэлэмнээннэр хаһыакка таһааттарыахтара. Бүгүн II Лөгөй нэһилиэгиттэн Саха сиринээҕи национальнай ба­йыаннай оскуолаҕа үөрэммиттэр туһунан билсиҥ.

Курсаннар. II Лөгөй нэһилиэгэ

Охлопков Гаврил Николаевич, лейтенант. 1915 с. I Бэрт Ууһун нэһилиэгэр төрөөбүт. Байыаннай оскуолаҕа 1937-1938 сс. Мүрү Томторуттан баран үөрэммит. Фроҥҥа эмиэ II Лөгөй нэһилиэгиттэн ыҥырыллыбыт. Сталинград кыргыһыытыгар рота хамандыырынан сылдьан өлбүт.

Дегтярев Роман Петрович, младшай лейтенант. 1914 с. II Лөгөй нэһилиэгэр төрөөбүт. Байыаннай оскуоланы 1938 с. бүтэрэн баран НКВД-га уонна Амма оройуонугар ОСОАВИАХИМ сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. 1942 с. кыргыһыы хонуутугар охтубут.

Бурнашев Михаил Ильич, старшай сержант. 1917 с. II Лөгөй нэһилиэгэр төрөөбүт. Байыаннай оскуоланы 1939 с. бүтэрбит. Фроҥҥа 1941 с. ыҥырыллан Сталинградтааҕы кыргыһыыга ыараханнык бааһыран араас госпиталларга
эмтэнэн баран 1943 с. дойдутугар эргиллибитэ.

Аммосов Константин Семенович, старшай сержант. 1911 с. II Лөгөй нэһилиэгэр төрөөбүт. Байыаннай оскуоланы 1933 с. бүтэрбит. Ол кэнниттэн Таатта оройуонугар Осоавиахим сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Онтон 1938-1942 сс. Уус Алдан оройуонугар төннөн кэлэн НКВД начальнигынан үлэлии олорон фроҥҥа ыҥырыллыбыт.Смоленскай туһаайыытыгар кыргыһыы хонуутугар охтубут.

Дьячковскай Иннокентий Сергеевич, старшай лейтенант. 1917 с. Мүрүгэ Аччыгый Эбэҕэ төрөөбүт.
Байыаннай оскуолаҕа 1939-1940 сс. үөрэммит. Аҕа дойду сэриитигэр разведка взводун хамандыырынан сылдьыбыт. Ол сылдьан ыараханнык бааһыран 1943 с. дойдутугар эргиллэн кэлбит. Сэрии иннинэ Томторго почта начальнигынан үлэлээбит.

Габышев Роман Федорович II, старшай сержант. 1919 с. II Лөгөй нэһилиэгэр төрөөбүт. 1940 с. Саха сиринээҕи байыаннай оскуоланы бүтэрбиттэри анал бирикээһинэн Иркутскайдааҕы байыаннай комиссариат дьаһалыгар биэрбиттэр. Роман Федорович онно эмиэ баара. 1941 с. фроҥҥа ыҥырыллан Смоленскай туһаайыытыгар сэриилэһэ сылдьан бааһыран III группалаах инбэ­лиит буолан кэлбит. Онтон 1942 с. иккиһин ыҥырыллан 1946 с. диэри Монголияҕа сулууспалаабыт.

Бурнашев Иван Иванович, старшай лейтенант. 1911 с. II Лөгөй нэһилиэгэр төрөөбүт. Байыаннай оскуоланы 1931 с. бүтэрбит. Фроҥҥа 1942 с. ыҥырыллан Калининскай, Прибалтийскай, I Украинскай фроннарга сэриилэспит.

Заболоцкай Иван Филаретович, младшай лейтенант. 1915 с. II Лөгөй нэһилиэгэр төрөөбүт. Байыаннай оскуоланы бүтэрээт 1941 с. фроҥҥа ыҥырыллыбыт. Ыараханнык бааһыран эмтэнэн баран Куйбышев куоракка хаалан кэргэн ылан олохсуйбут. Онно байыаннай комиссариакка, байыаннай собуокка үлэлээбит.

Федот Бысыин, бырайыак ааптара, кыраайы үөрэтээччи