Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи XX педагогическай дьаарбаҥка уонна үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин ыһыаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга үрдүк таһымҥа 20-с төгүлүн тэрилиннэ. Педагогическай дьаарбаҥкаҕа быһа холоон 3000-тан тахса кыттааччы кэлэн, оҕону иитии, үөрэтии боппуруостарын ырытыһан, сахалыы саҥа көрүүлэрин иһитиннэрэн, үөрүйэхтэрин атастаһан, инникитин таһаарыылаах, тиһигин быспакка ситимнээх үлэни ыытар соруктары туруоруннулар.
И.С. Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатыттан дириэктэр Иван Портнягин салайааччылаах алтыа буолан кыттыыны ылан кэллибит.
Ол курдук, «Аҕа түһүлгэтэ»: «Современный образ отца: проблемы, взгляд общества, государственная политика» былаһааккаҕа ыытыллыбыт “төгүрүк остуолга”, «А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй алгыстаах санаалара – норуоту түмэр күүс» былаһааккаҕа «Уол оҕону иитии» бырайыагынан Василий Андросов, “Айыы киһитин Кут Дабаана” түһүлгэҕэ “Төрүт үгэскэ олоҕуран оҕону иитии” бырайыагынан педагог-тьютор, ОДНКНР учуутала Акулина Портнягина, педагог-библиотекарь Маргарита Иванова, «Иис-уус түһүлгэтэ» быыстапка былаһааккатыгар «Резьба по металлу», «Резьба по дереву» үлэтинэн дипломант аатын технология, уруһуй учуутала Василий Андросов ылары ситистэ.
Түһүлгэлэр барыта да элбэх кыттааччылаах, дириҥ ис хоһоонноох ыытылыннылар. Тэрээһин ис сүрэхтэн тэриллэн үгүс киһи биһирэбилин ылла, дьон кэлэн аһаҕастык кэпсэтэн, санаа үллэстэн, бырайыактарынан кыттан, куурустарга сылдьан астынан тарҕастылар.
Түмүктээн эттэххэ, оҕону иитии-үөрэтии тула олус туһалаах, элбэҕи кэпсиир, саҥа суолу арыйар тэрээһин буолан ааста. Кыттыыны ылбыт учууталларбыт көрөн-истэн, эбии билии иҥэринэн кэлбит үөрүйэхтэрин, саҥалыы көрүүнэн кэлэр үөрэх дьылыгар аныгы технологияны туһанан, элбэх бырайыагы, научнай үлэлэри эдэр көлүөнэ учууталларга сүбэлээн, ыйан-кэрдэн, интэриэстэрин көбүтэн, үлэлэһэргэ бэлэммит диэн сорук туруорунан кэллилэр.
Нюргуяна Хорунова, иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы