«Ийэ тыл: төрөппүт, иитээччи, «Кэскил түһэ» түмсүү ситимнээх үлэтэ» бырайыакпыт дьон сэҥээриитин ылла

«Кэскил түһэ» ийэ тыл улуустааҕы түмсүүтэ бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Ураһалаах алааска ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи ХХ педагогическай дьаарбаҥкаҕа ийэ тыл түһүлгэтигэр сылдьан көрдүбүт-иһиттибит. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Ийэ тыл: төрөппүт уонна оҕо» диэн оскуола уонна уһуйаан төрөппүттэрин түмсүүлэрин оҕо сахалыы саҥатын сайыннарыыга үлэлэрин көрүү-күрэс икки күн устата ыытылынна.

Учууталлар, иитээччилэр, социальнай педагогтар бырайыактара элбэҕин сөхтүбүт. Биһиги улууспутуттан «Кэскил» уһуйаан (сэб. Галина Матвеева) «Ийэ тыл: төрөппүт, иитээччи, «Кэскил түһэ» түмсүү ситимнээх үлэтэ» бырайыагынан кытынна уонна дьон сэҥээриитин ылла. Галина Петровна бэйэтэ ийэ тылы өрө тутар салайааччы, «Кэскил түһэ» түмсүү кыттыылааҕа. Кини салайыытынан уһуйаана кыра оҕо бэйэтин төрөөбүт тылын билэ, таптыы улаатарыгар ситимнээх үлэни ыытар уонна иккис сылын педагогическай дьаарбаҥкаҕа кытынна. Онон атын уһуйааннарга холобур буолар үлэлээх.

Бу күрэс туһунан «Ийэ тыл кэскилэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын салайааччыта, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Вилюяна Никитина бэйэтин санаатын маннык үллэһиннэ:

– Былырыын аан бастаан тэрийэрбитигэр 24 кыттааччы баар эбит буоллаҕына, быйыл 80-тан тахса үлэ киирбитэ олус кэрэхсэбиллээх. Төрөппүтү кытта үлэ элбээбит. Ийэ тылга үлэ бөҕө барар диэн киһи үөрэр. Биир үөрбүт түгэммит: былырыыҥҥы күрэскэ иккис миэстэни ылбыт уһуйаантан төрөппүт кэмитиэтэ кэлэн кыайыыбытынан кынаттанан эбии сайыннардыбыт диэн бириистэрин харчытыгар төрөппүттэрэ эбии харчы эбэн балаҕан оҥорбуттарын билиһиннэрдилэр. Онон маннык үтүө түмүктэр киһини кынаттыыллар. Сыл аайы бу иитээччилэр, педагогтар, учууталлар тоҕуоруһа мустар сирдэригэр ийэ тыл туһугар үлэбит хайысхатын кэҥэтэн иһиэхпит.

«Кэскил түһэ» ийэ тыл улуустааҕы түмсүүтэ Курбуһах нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Анастасия Аммосова этии киллэриитинэн «Ийэ тыл эйгэтэ» бырайыакка үлэлэспитэ. Нэһилиэк бу бырайыагынан Ил Дархан гранын күрэһигэр кыттан 183 767 солк. суумалаах граны сүүйэн үгүс киһини үөртэ. Онон Курбуһах нэһилиэгэ ийэ тылга үөскээбит кыһалҕа кэмигэр улууска биир бастакынан төрөөбүт тылбыт тыыннаах буоларын туһугар былааннаах үлэни саҕалаабытынан эҕэрдэлиибит уонна ситиһиини баҕарабыт!

Светлана Бурцева, «Кэскил түһэ» түмсүү салайааччыта

Читайте дальше