Күн сиригэр бэйэбит эрэ баар курдук сананабыт да, халлаан анныгар этэҥҥэ сылдьарбытыгар ый хаамыыта, күн көрүүтэ улахан суолталаах эбит. Онуоха ый бэлиэлэрэ эмиэ оруоллаахтар. Аныгы кэмҥэ дьон ый хаамыытынан сирдэтэн, атыытын-тутуутун былаанныыр, үүнээйитин олордор кэмин аттарар.
Тохсунньу 14 күнүттэн сарсыардатыттан тохсунньу 16 күнүн киэһэтигэр диэри ый Охчут (Стрелец) сулуһунан салаллар эбит. Бу кэмҥэ ити бэлиэлээх дьон барыга бары көхтөрө үрдүүр. Үлэлэрин, соруктарын эҥкилэ суох толорорго дьулуһаллар, куйаарга, араас култуураларга интэриэстэнэллэр. Охчут үөрүнньэҥ майгыта уһуктар, сиэдэрэй, көмүскэс буолар. Үөрэнэргэ, үөрэтэргэ, сырдыгы, кэрэни билэргэ, идэтин кэҥэтэргэ дьулуһар. Ыраах айаҥҥа, көрдөөх, көхтөөх да түгэннэргэ кыттыһар баҕата уһуктар. Дьиэ кэргэнигэр, тулалыыр дьоҥҥо туох саҥаны билбитин-көрбүтүн үллэстэр баҕата батарбат.
Охчут бэлиэлээх киһи күн баччаҕа диэри успуордунан дьарыктана илик буоллаҕына, саҕалыырыгар табыгастаах кэм үүннэ. Арай массыына уруулугар олороругар сэрэҕи тутуһуон наада. Дьиэ кэргэҥҥитигэр, тэрилтэҕитигэр маннык бэлиэлээх киһи баар буоллаҕына, олус бэрт. Кини тэтимигэр, көҕүгэр олорсон, элбэҕи кыайа-хото тутуохха сөп. Ол уһун өрөбүллэр кэннэ саҕаламмыт саҥа нэдиэлэҕэ олус туһалаах буолуоҕа. Ый сыҕарыйар. Ону тэҥэ биһиги олохпут тэтимэ, олоххо сыһыаммыт эмиэ уларыйар. Туох эмит саҥаны биллэхпинэ, эбии үллэстиэм.
Уйаара КУСТУК



