РФ, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Кэнчээри» оҕо народнай ансаамбылын төрүттээччитэ, салайааччыта Василий Парников педагогическай, айар үлэтин 60 сылыгар анаан оскуола үөрэнээччилэригэр уонна оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор хордарын көрүү-күрэс ыытыллан, улуус 302 оҕото ырыа кэрэ эйгэтигэр умуста.
Улууспут 33 оскуолатыттан – тоҕус, 29 оҕо саадыттан алта тэрилтэ хоровой коллективтара кэлэн ыллаан-туойан, бастыҥ ырыалаах, чуор куоластаах коллективтар ааттаннылар.
Кырачаан оҕолорго Гран При үрдүк аатын Мындаабатааҕы «Күнчээнэ» оҕо саадын коллектива ситиһэн 30 тыһыынча солкуобайдаах сертификатынан наҕараадаланна. 1-кы ст. лауреатынан Бороҕоннооҕу «Мүрүчээнэ» оҕо саада (25 тыһ. солк.), 2-с ст. лауреатынан Кэптэнитээҕи «Чэчир» оҕо саадын «Ымыычаан» бөлөҕө (20 тыһ. солк.), 3-с ст. лауреатынан Мындаабатааҕы «Кэнчээри» оҕо тэрилтэтэ (15 тыһ. солк.) ааттаннылар.
Үөрэнээччилэргэ Мүрү 1№-дээх орто оскуолатын “Кэнчээри” ансаамбыла Гран При хаһаайынынан буолла уонна 50 тыһыынча солкуобайынан наҕараадаланна, 1-кы ст. лауреатынан Мындаабатааҕы спортивнай хайысхалаах орто оскуола (45 тыһ. солк.), 2-с ст. лауреатынан Чараҥ орто оскуолата (35 тыһ. солк.), 3-с ст. лауреатынан Найахы орто оскуолатын «Улыбка» бөлөҕө (20 тыһ. солк.) буоллулар.
Саха оҕото эргиччи талааннаах буоларыгар олоҕун анаабыт новатор-педагог Василий Степанович олоҕун дьоһун бэлиэ кэмигэр анаммыт тэрээһин улууска, республикаҕа оҕо хоровой искусствота сайдыытыгар бастакы олугу уурда. Маныаха бу бырайыак үгэс быһыытынан сыллата ыытылларын улуус үөрэҕин управлениета толору өйүүрэ кэнчээри ыччат дэгиттэр талааннаах буоларыгар сүҥкэн кылааты киллэрэр.
Ольга Шепелева