Норуодунай кэлэктииптэр нэһилиэк, улуус култуурунай сайдыытыгар улахан оруоллаахтар. Кинилэр буолаллар нэһилиэнньэ бары араҥатын хабан, олоҕу киэргэтээччилэр, сыаналаммат култуурунай үгэһи – ырыаны-үҥкүүнү илдьэ сылдьааччылар, кэрэни-сырдыгы тарҕатааччылар, нэһилиэктэрин социальнай-култуурунай таһымын, сайдыытын көрдөрөөччүлэр.
Улууспутугар тоҕус норуодунай кэлэктиип баар. Аан маҥнай 1966 сыллаахха «норуодунай кэлэктиип» аатын Найахытааҕы үҥкүү-хор кэлэктиибэ ылбыта.
2017 сыллаахха норуодунай кэлэктииптэр үлэлэрин өйүүр, материальнай-техническэй базаларын хаҥатар, кинилэри салгыы сайыннарар сыаллаах олохтоох салайыныы улуус култууратын сайыннарар бырагырааматыгар «норуодунай кэлэктииптэри өйүүр» бырагыраама киирбитэ.
Бу күннэргэ улууспутугар алта кэлэктиип норуодунай аатын көмүскээтэ. СӨ култуура министиэристибэтин бирикээһинэн, түөрт сыл буола-буола кэлэктииптэр норуодунай ааттарын көмүскүүллэр. Онон улууспутугар “Култуура – сайдыыбыт чыпчаала, норуоппут үйэлээх үгэһэ” диэн норуодунай кэлэктииптэр күннэрэ ыытылыннылар.
Уус Алдан улууһун норуодунай кэлэктииптэрэ:
1. Мүрү нэһилиэгэ – «Кэнчээри» Россия үтүөлээх, оҕо образцовай кэлэктиибэ. Төрүттээчии, салайааччы – РФ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Василий Степанович Парников, балетмейстер – СӨ култууратын туйгуна Ульяна Петровна Ноговицына.
2. Мүрү нэһилиэгэ – Бороҕоннооҕу норуодунай үҥкүү-хор кэлэктиибэ, хормейстер – Айталы Анатольевна Слепцова, балетмейстер – Ольга Семеновна Петрова.
3. Найахы нэһилиэгэ – С.Г. Васильев аатынан норуодунай үҥкүү-хор кэлэктиибэ. Хормейстер Афанасий Васильевич Новоприезжай, балетмейстер – Нарыйа Ньургуновна Миронова.
4. Түүлээх нэһилиэгэ – «Аргыс» эр дьон ырыа ансаамбыла, салайааччы – Станислав Семенович Иванов.
5. Байаҕантай нэһилиэгэ – Тандатааҕы «Дьиэрэй» норуодунай эр дьон ырыа ансаамбыла. Салайааччы – СӨ култууратын туйгуна Михаил Михайлович Неустроев, аккомпаниатор – Владислав Константинович Кривошапкин.
6. I Хоро нэһилиэгэ – Чараҥнааҕы «Чараҥ» вокальнай-инструментальнай айымньы студията – СӨ култууратын туйгуна Гаврил Николаевич Свинобоев.
7. Суотту нэһилиэгэ – Суоттутааҕы В.П. Свинобоев аатынан норуодунай тыйаатыр, режиссер – Елизавета Валерьевна Портнягина, художественнай салайааччы – Надежда Гаврильевна Федорова, худуоһунньук – Алексей Алексеевич Портнягин.
8. Бээрийэ нэһилиэгэ – «Кэскил» тыаһы-ууһу уһулар устуудьуйа, салайааччы – СӨ култууратын туйгуна Михаил Иванович Васильев.
9. Бороҕон нэһилиэгэ – Тумуллааҕы «Айыллан» норуодунай тыйаатыр, салайааччы – Андрей Алексеевич Макаров.
«Дьиэрэй» эр дьон ырыа ансаамбыла
1982 сыллаахха Танда оскуолатын кэлэктиибэ оччолорго нэһилиэккэ култуурунай эйгэни үөскэтиигэ биир хамсатар, көҕүлүүр күүс этэ. Оскуола учууталлара Егор Васильев уонна физкультура учуутала Анатолий Заболоцкай, сопхуос тутааччыта Василий Бурнашев биир санаалаахтарын түмэн, ансаамбыл бу сыл аан маҥнай сыанаҕа тахсыбыта.
Онтон ыла нэһилиэккэ, оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ сахалыы ырыаны киэҥ эйгэҕэ таһаарыыга, нэһилиэнньэни түмүүгэ “дьиэрэйдэр” тугунан да кэмнэммэт сүҥкэн өҥөлөөхтөр. Быйыл ансаамбыл ыллаан-туойан кэлбитэ 41-с сыла, “Народнай коллектив” ааты ылбыттара 30 сылын туолла.
Үйэҕэ дэҥҥэ көстөн ааһар дьикти кэрэ, күүстээх куоластаах солистар Василий Бурнашев, Семен Поисеев, Аркадий Самсонов, Анатолий Заболоцкай, ансаамбыл ырыаларын доҕуһуоллуур, куоласка арааран үөрэтэр Константин Кривошапкин, кини кэнниттэн Алексей Бысыин кэлэктииби үрдүк таһымҥа таһаарбыттара. Бу сыллар тухары кэлэктиип олоҕор араас барыта буолбута, үчүгэй куоластаах ырыаһыттар, баянистар олохтон туорааннар, түһүүлээх-тахсыылаах кэмнэр да бааллара. 2009 сылтан ансаамбылы иккис тыыннаабыт киһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Мүрү Күөрэгэйэ Клавдия Мурукова буолар. 2017 сылтан “Дьиэрэй” норуодунай кэлэктииби СӨ културатын туйгуна Михаил Неустроев, концертмейстерынан Владислав Кривошапкин салайан үлэлэтэ сылдьаллар. Кэлэктиипкэ нэһилиэк бары араҥатыттан, уопсайа 15 эр бэрдэ ыллыы-туойа кэрэни-сырдыгы тарҕата сылдьар.
Бу ый 9-с күнүгэр «Дьиэрэй» эр дьон норуодунай ырыа кэлэктиибэ норуодунай аатын көмүскээн, улууспут киинигэр “Танда – геройдар түөлбэлэрэ” диэн айар киэһэтэ дьон-сэргэ сэҥээриитин ылыан ылла. Түөрт дьоруойдаах Танда бөһүөлэгэ киирии билиэтинэн бэйэ бородууксуйатын, 50 тыһыынча солкуобайы уу харчынан уонна сүрүн бириискэ убаһаны оонньотон көрөөччүлэрин илии тутуурдаах, өттүк харалаах ыытта.
Найахы народнай хора
САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалера С.Г. Васильев саха норуотун боростуой холкуостаах ыччатын хоровой ускуустуба абылаҥар уһуйан, профессиональнай таһымҥа тиийэ үүннэрэн, аан бастаан Россия, Союз түһүлгэтигэр тахсыбыт Найахы хора быйыл тэриллибитэ 60 сылын туолла.
Найахы нэһилиэгин үйэлээх үтүө үгэһин иҥэринэн, ырыаһыт ымыылаах сиртэн силис-мутук тардынан үрдүккэ таласпыт, айар үлэлэринэн норуокка биһирэммит култуура үтүөлээх үлэһиттэрэ үүммүттэрэ: Илья Артамонов, Семен Васильев, Евдокия Ефимова, Василий Фомин, Светлана Гоголева, Василий Парников, Мария Сивцева, Семен Хон, Светлана Ильина, Надежда Ушницкая, Александр Ушницкай.
Россияҕа тиийэ биллибит Найахы хора үүнэн-сайдан тахсарыгар Балыктаах бөһүөлэгин олохтоохторун өйөбүллэрэ, истиҥ кыһамньылара тирэх буолбуттара. Ырыаҕа кутун туттарбыт, айылҕаттан айдарыылаах ырыаһыт, Найахы кулуубун уус-уран салайааччытынан үлэлээбит Анна Румянцева 20-чэ киһилээх хору икки куоласка арааран ыллаппыта. Бу хор Найахы норуодунай хора тэриллэригэр олук буолбута.
1963 сыллаахха Найахы нэһилиэгин олохтоохторун дириҥ убаастабылларын ылбыт кулууп дириэктэрэ Илья Артамонов Бороҕонтон анал үөрэҕэ суох гынан баран, айымньылаахтык үлэлии сылдьар Семен Васильевы кэпсэтэн, саха омугар оччолорго тарҕамматах, сорохторго олох да өйдөммөт хоровой ускуустубаны сайыннарар, ырааҕы өтө көрөр, кэскиллээх былааннаах Найахыга аҕалан үлэлэппитэ. Самнайбыт, кырыыһата да суох кулууп дьиэтигэр эрчиллэн П.И. Чайковскай, Кремль дыбарыастарыгар тиийэ найахылар олоҕу туойар, сырдыкка-кэрэҕэ тардыһар чуор куоластара ньиргийэ көппүтэ. С.Г. Васильев хормейстер, дирижер, тэрийээччи быһыытынан маастарыстыбата, билиитэ-көрүүтэ күнтэн күн үүнэн-сайдан силигилээн барбыта. 1964 сыллаахха тыа сирин уус-уран самодеятельноһын өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүүлэригэр найахылар ситиһиилээхтик кыттан лауреат үрдүк аатын ылбыттара. 1965 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ ыччатын фестивалыгар найахылар өссө төгүл кыайан, Саха сирин үрдүнэн хоровой кэлэктииптэргэ баһылыыр-көҕүлүүр миэстэни бигэтик ылбыттара. Саха АССР култууратын министиэристибэтин уонна Саха АССР культуратын үлэһиттэрин профсоюзтарын уобаластааҕы хамыыһыйатын быһаарыыларынан найахыларга «Үҥкүү-хоровой коллектив», оттон кулуупка «Туйгун үлэлээх кулууп» ааттара иҥэриллибитэ.
Хоровой кэлэктиип ситиһиилэринэн кынаттанан, норуот бүттүүнүн көмөтүнэн саҥа кулууп дьиэтэ тутуллубута. 1967 сыл. Улуу Октябрьскай социалистическай революция үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн бэлиэтииргэ анаммыт үлэлээн иитиллээччилэр Бүтүн Россиятааҕы фестивалларын бастакы турдарын ситиһиилээхтик ааһан, Саха сирин Балыктаах бөһүөлэгин боростуой холкуостаах ыччатын куолаһа аан бастаан Россия түһүлгэтигэр, Иркутскай куоракка киэҥ нэлэмэн Сибиир уонунан омуктарын куолаһыгар холбоспута. Найахы үлэһит уолаттара саха ыччатын самодеятельнай вокальнай ускуустубатын ситиһиилээхтик көрдөрөн көмүскээн, Россия лауреатын үрдүк аатын ылан кэлбиттэрэ.
Ити курдук айа-тута үлэлээн, Найахы норуодунай хора бииртэн биир кыайыылары ситиспитэ, Россия куораттарыгар, Саха сирин араас муннуктарыгар тиийэ айаннаан ыллаан-туойан хор курдук уустук көрүҥҥэ Сахабыт сирин ааттаппыта, улууспутун суон сураҕырдыбыта. Кинилэр эһиил норуодунай ааттарын көмүскүөхтэрэ.
Тумуллааҕы “Айыллан” норуот тыйаатыра
Тумуллааҕы “Түмсүү” сынньалаҥ киин иһинэн үлэлиир «Айыллан» норуодунай драмкэлэктиип ситимин быспакка үлэлиир. Драмкэлэктииби анал режиссер үөрэхтээх Андрей Макаров салайар. Араас сылларга салайааччынан, режиссерунан И.Ф. Алексеев, Е.А. Черкашин, М.М. Аржаков, А.П. Алексеева, А.С. Сокольникова, М.М. Сергеев, СӨ култууратын туйгуна П.Е. Черкашин нэһилиэк дьонун-сэргэтин түмэн, үгүс сыраларын ууран туран үлэлээбиттэрэ, үлэлии сылдьаллар.
2005с. Иннокентий Попов суруйуутугар «Олох талкыта» комедияны туруорбуттара. Бу кэмтэн ыла автор И.Попову кытта ыкса сибээстэһэн үлэлээн, кини айымньыларынан республикаҕа, улууска араас көрүүлэргэ, фестивалларга кыттан кыайыылаах үрдүк аатын ылары ситиспиттэрэ.
Улуус «Бороҕон» телестудиятын кытта (реж.Е.Бочкарева) биир санаанан үлэлээн, Кыайыы 60 сылыгар анаан улууска бастакы «Сир ийэ билбэтин» диэн уус-уран киинэни устубуттара. Бу киинэ улуус, республика дьонун-сэргэтин улахан биһирэбилин ылбыта. НВК «Саха» тэрийбит «Салют Победа» республикатааҕы фестивальга лауреат үрдүк аатын ылбыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ «Киин» кинотеатр ыыппыт «Якутское кино» фестивальга бастакылар ааттарыгар ааттаммыта, кинофестивальга 120 киинэ кыттыбытыттан 1-кы миэстэни ылбыта. Мантан кынаттанан салгыы үлэлээн, 2008 с. ыччаты иитэр-үөрэтэр сыаллаах «Иччилээх кулууп», 2010 с. Кыайыы 65 с. анаан «Кыраммыт кырдьык», эмиэ бу сылга ГУ «Арктика» көҕүлээһининэн «Иччилээх кулууп-2», 2013с. социальнай суолталаах «Соргулаах сурук» киинэлэри устан көрөөччү дьүүлүгэр таһаарбыттара. 2015с. Сэһэн Аржаков үбүлүөйүгэр анаан, историяҕа олоҕуран, Санкт-Петербург куоратынан, Охотскайынан, нэһилиэккэ олорбут сирдэринэн уһуллубут «Сүдү киһиэхэ сүгүрүйүү» документальнай киинэ премьерата буолбута. 2013 с. сыралаах, өр сыллаах үлэ түмүгүнэн «Айыллан» драмкэлэктиипкэ «Народнай кэлэктиип» үрдүк аата иҥэриллибитэ. Сылын аайы репертуары хаҥатан саҥаттан-саҥа испэктээги көрөөччү дьүүлүгэр таһаараллар. Репертуарга саха суруйааччыларын айымньыларынан улахан туруорууларынан С.Ефремов “Хобороос хоһооно”, Д.Наумов “Оҕустар забастовкалара”, И.Гоголев “Наара суох”, Надежда Аржакова – Иванова суруйуутугар “Сибэккилээх кырдалым”, В.А. Протодьяконов – Кулантай үбүлүөйүгэр “Муот киһи”, И.А.Халдеев аатынан республикатааҕы хапсаҕай турнирыгар Е.Неймохов “Хапсыһыы” драманы, улуу дьоммут үбүлүөйдээх сылларынан 2015 сылга Сэһэн Ардьакыапка аналлаах «Сэһэн олоҕо» испэктээги, 2016 сыллаахха В.Никифоров – Күлүмнүүр 150 сылынан В.Харысхал “Бастыҥ хатыыта” драманы туруорбуттара.
Кэнники сылларга драмкэлэктиип нуучча суруйааччыларын айымньытын оонньуурга холонор. Быйылгы сылга народнай аатын көмүскүүр күннэригэр Н. Гоголь “Кэргэн кэпсэтии” комедиятын толорон куораттан кэлбит хамыыһыйа иннигэр, үрдүк сыанаҕа ситиһиилээхтик көмүскээтилэр.
Мария Аргунова