Россия Олимпийскай кэмитиэтэ оҕолорго кэтэхтэн уруһуй күрэһин биллэрэн, Оҕо көмүскэлин күнүгэр кыайыылаах аата биллибитин туһунан сырдатан турабыт. Кыайыылааҕынан биһиги улууспут «Өркөн» оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр үлэлиир «MagicKraft» куруһуок үөрэнээччитэ (сал. Евгения Местникова) Надя Егорова ааттаммыта.
Бүгүн Надя салайаачытынаан Евгения Климентьевналыын «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы VIII оонньууларга анаммыт Эдэр олимпиецтар VI форумнарыгар кытыннылар. Форум кэмигэр Россия Олимпийскай хамыыһыйатын президенэ Станислав Поздняков уонна «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы хамыыһыйа вице-президенэ Азат Мурадов Надя Егороваҕа уонна кини уһуйааччытыгар Евгения Местниковаҕа кыайбыттарын туоһулуур суруктары туттардылар. Итиэннэ Надя уруһуйа аныгыскы форум истиилигэр фирменнэй бренд буолуоҕун туһунан иһитиннэрдилэр.
Кырачаан уруһуйдьут, Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ бу туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:
– Бу куонкуруска кыттарбар уһуйааччым Евгения Климентьевна сүбэлээбитэ уонна уруһуй ис хоһоонун арыйыыга сүбэ-ама буолбута. Бу уруһуйбутугар биһиги киэҥ-нэлэмэн Мүрү алааспытын көрдөрбүппут, итиэннэ «Азия оҕолоро» оонньуулар символларын, дьиэ кэргэним, доҕотторум уобарастарын киллэрбиппит.
Мин убайым Петя «Азия оҕолорун» оонньууларын боксаҕа чемпиона буолар. Итиэннэ Москва куоракка ВДНХ-ҕа сүүнэ экраҥҥа мин уруһуйум турбутун көрөн чугас дьоммунаан наһаа соһуйбуппут, үөрбүппүт. Оттон бэҕэһээ кыайыылаах буолбуппунан ийэбинээн уонна уһуйааччыбынаан «Азия оҕолоро» оонньуулар үөрүүлээх аһыллыыларын ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан көрдүбүт.
Мин бу күннэри хаһан да умнуом суоҕа. Маннык куонкуруһу тэрийэн ыыппыт дьоҥҥо уонна уһуйааччыбар Евгения Климентьевнаҕа ис сүрэхтэн махтанабын.
Надя уруһуйун открытка оҥорон форум кыттыылаахтарыгар бэлэхтээн үөртэ. Кэнчээри ыччаппыт ситиһиилэнэн, маннык улахан тэрээһиҥҥэ кыттан үүнэн-сайдан, ситэн-хотон инникитин да улууспут аатын ааттатар, дьону-сэргэни кэрэҕэ сирдиир дьон буолан тахсыахтара турдаҕа диэн биир дойдулаахтара үөрэбит.
Мария Аргунова