Кэлэр сайын Дьокуускайга “Азия оҕолорун” VIII спортивнай оонньуулара ыытыллыахтара. Оонньуулар талисманнарын толкуйдуурга аһаҕас күрэс биллэриллэн, 60 үлэ киирбитэ. Балартан дьүүллүүр сүбэ инникитин талисман буолуон сөптөөх биэс үчүгэй үлэни талан, онтон биир чулууну таларга эмиэ аһаҕас куоластааһыны биллэрбитэ. Бу биэс талыллыбыт талисмаҥҥа биһиги биир дойдулаахпыт Туйара Тордуянова уруһуйдаабыт Моҕотойдоро киирбиттэрэ. Ону таһынан Бизончик, Мамонтенок, Лена уонна Алдан оҕолор, Киис баар. Улууспут оҕолоруттан ханнык талисманы талыа этигитий уонна Моҕотойдору ким диэн ааттыа этигитий диэн санааларын ыйыттыбыт?
Диана ЕГОРОВА, Мүрү 1№-дээх орто оскуолатын 7 «а» кылааһын үөрэнээччитэ:
— Моҕотойдору талыам этэ, тоҕо диэтэргит, кинилэр сырдык өҥнөөх, олус үөрбүт-көппүт сирэйдээхтэр, ол иһин дьоҥҥо сырдыгы, кыайыыны тиэрдиэх курдуктар. Кинилэр бу улахан Оонньууларга кэлбит дьону үөрэ-көтө көрүстүннэр, сүргэни көтөхтүннэр диэн Уруй уонна Айхал диэн ааттыам этэ.
Долун ОЛЛОНОВ, Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын 5 «б» кылааһын үөрэнээччитэ:
— Бу биэс талисмантан биир дойдулаахпыт Туйара Тордуянова Моҕотойдорун талыам этэ. Тоҕо диэтэххэ, Моҕотой Саха сирин тыйыс тымныытын тулуйан кыстыыр тулуурдаах, хаһаастаах, сымса, сытыы өйдөөх кыыл буолар. Бу бэһиэлэй Моҕотойдору Эрэкэ уонна Дьэрэкэ диэн ааттыам этэ.
Мичийэ БУРНАШЕВА, «Өркөн» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иитиллээччитэ:
— Мин Моҕотойу талыам этэ. Тоҕо диэтэр, Моҕотой ордук түргэн, сымса. Сахабыт сирин тыатыгар дэлэй. Моҕотойу өссө атыннык дьирики диэн ааттыыллар. Туйара Моҕотойдору чахчы тилиннэрэн, киһититэн наһаа бэһиэлэй гына уруһуйдаабыт. Кинилэри Эргэй уонна Дьэргэй диэн ааттыам этэ.
Юля АРГУНОВА, Мүрү 2 №-дээх орто оскуолатын 5 «б» кылааһын үөрэнээччитэ:
— Барыта даҕаны олус үчүгэй уруһуйдар. Биири талларар буоллахтарына, Моҕотойдору талыам этэ, тоҕо диэтэргит, тыаҕа сылдьан Моҕотойу элбэхтик көрбүтүм. Наһаа ис киирбэхтэр, олус түргэннэр, сымсалар. Сайынын сэргэхтэр, ол иһин сайыҥҥылыы Самаан уонна Сайын диэн ааттыам этэ.
Айыллаана ГОТОВЦЕВА, Танда орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ:
— Бу биэс талисмантан Моҕотойу талабын, тоҕо диэтэххэ Моҕотой кыыл Сахабыт сирин тымныытын тулуйар. Ол аата кини олус тулуурдаах, дьулуурдаах, туохтан да толлубат хорсун. Аhыыр аhылыгын бэйэтэ булунар, ол иһин булугас-талыгас, мындыр толкуйдаах. Чаҕылыс уонна Чоҕулус диэн ааттыам этэ. Тоҕо диэтэххэ, моҕотой көрөрө-истэрэ чоҕулуҥнас, туттара-хаптара түргэн, сымса. Оҕо курдук мэник-тэник.
Сайдам ВАСИЛЬЕВ, Мүрү 1№-дээх орто оскуолатын 5 «б» кылааһын үөрэнээччитэ:
— Мин Мамонтеногы (сэлии кыылы) талыам этэ. Сэлии кыыл хаһан эрэ биһиги Сахабыт сиригэр олоро сылдьыбыта олус интэриэһинэй. Кинилэр 5,5 миэтэрэ үрдүктээхтэр, 14-15 тонна ыйааһыннаах буолаллар эбит. Маннык сүдү кыыл билигин биһиги планетабытыгар суох. Сэлии кыыл модун, күүстээх. Ол иһин бэһиэлэйчээн Мамонтеногы талабын. Бэйэм ааппынан Сайдам диэн ааттыам этэ.
Мария Аргунова