Саҥа үүммүт сылга үктэнэн баран тохсунньу 7 күнүгэр Мүрү нэһилиэгин ыччата Федот Винокуров уонна Даниил Федоров Саяны хребет саамай үрдүк Мунку-Сардык хайатыгар (3491 м.) ытыннылар.
Мунку-Сардык хайа Бурятия, Монголия кыраныыссатыгар турар. Бөлөххө барыта 16 киһи, ол иһигэр икки инструктор баара. Бу 16 киһиттэн аҕыс эрэ киһи хайа оройугар тиийбиттэр. Кинилэр ортолоругар Федоттаах Даниил бэйэлэрин дьулуурдарын, күүстээх санааларын көрдөрөн ытыннылар.
Айаҥҥа уолаттар балаҕан ыйыттан бэлэмнэнэн барбыттара. Федот хайаҕа ытта үөрүйэхтээх буоллаҕына, Даниил бастакытын сырытта. Хайаҕа ыттар хас биирдии киһи чараас, халыҥ таҥастарын, аһын-үөлүн, палааткатын, турбалаах оһоҕу, хаппыт бэстэн бэлэмнэммит оттук маһы сүгэн ыттар. Уолаттар хайаҕа барыта биэс күн устата сырыттылар.
«Хайаҕа ыттыы, түһүү да үгүс уустуктардаах, онно барытыгар суоттаан-оросчуоттаан хамсанаҕын. Кыра сыыһа туттунууну хайа бырастыы гыммат», – диэн Федот кэпсиир.
Федот Алексеевич идэтинэн история учуутала, билигин Бэйдиҥэ орто оскуолатыгар учууталлыыр. Даниил
Бороҕоҥҥо кииннэммит бухгалтерияҕа завхоз. Кэпсэтиибитин Федот: «Дьарыга суох киһи мээнэ ыттыбат, ыарахан хайа эбит», – диэн түмүктээтэ. Маннык хорсун санаалаах уолаттарынан киһи киэн туттар.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.