(дьиҥнээх олоххо буолбут түгэнтэн)
Бу дьулаан быһыыланыы туһунан мин биир билэр киһибиттэн истибитим. Аҕыйах хонуктааҕыта бассаапка устуоруйа билимин дуоктара Розалия Бравина “Ааспыт үйэлэр үһүйээннэрэ уонна чахчылара” кинигэтиттэн быһа тардыы тарҕанан бэрт улаханнык ырытыы буолла. Соһуйуу, өмүрүү да баара. Онно өбүгэлэрбит төрөппүттэрин олус кырдьалларыгар тиэрпэккэ тыыннаахтыы көмөллөрүн туһунан кэпсэнэр этэ. Ол быдан дьылларга оннук үгэс баар буола сылдьыбыт эбит. Дьэ, дьулаан быһыы диэтэҕиҥ.
Итинтэн сиэттэрэн киһим: ”Биһиги бөһүөлэкпитигэр итинниккэ майгынныыр быһыыланыы буолан турардаах, төрөппүт ийэлэрин хоспоххо хаайан өлөрбүттэрэ”, – диэтэ. “Эс, ама дуу? Ол хаһан?” – диэн улаханнык соһуйдум. “Ааспыт үйэ 70-с сылларын саҥатыгар”, – диэтэ. Мин оҕо сааһым кэмнэрэ эбит, хайдах истибэтэхпиний, биһиги күөл уҥуор чугас бөһүөлэккэ олорбуппут ээ. Истибэккэ хаалыахпын сөп, оччолорго араас куһаҕан быһыыланыылары мээнэ кэпсээбэт, оҕо истибэтигэр, сибигинэһэн эрэ кэпсэтэр буолаллара. Онон кистэлэҥҥэ тутуллан баран, устунан умнуллан да хаалааччы. Оччону истэн баран тулуйбатым, киһибин: ”Кэпсээ”, – диэн хаайдым. Хата улгумнук сөбүлэстэ. Дьэ, маннык эбит:
– Мин оччолорго 7 сааспын туолан оскуолаҕа барыахтаах сайыным этэ. Кэпсиир ыалым биһигиттэн чугас олорбуттара. Наһаа мааны, дьиэлэригэр киһи сэрэнэн киирэр ыала этилэр. Оннооҕор тэлгэһэлэрэ, санаабар, барыбыт киэниттэн эрэ күөх, сибэккинэн симэммит буолара. Арай биир күн, арааһа ыам ыйын бүтүүтэ буолуо, хоспохторугар дьон бөҕө айманар саҥата оргуйан олорор. Мин доҕорбунаан ааһан иһэн истэммит, саһан тиийэн көрөөччү буоллубут. Хоспох таһыгар ким да суох, иһигэр айманаллар. Сотору аҕалара уонна ийэлэрэ балтынаан тахсан кэллилэр. Аҕалара: ”Абааһы эмээхсинэ, сыта-сымара. Сыттын итиннэ. Самаан сайын, туох да буолуо суоҕа”, – диэн кыыһыран бырдааттанар. Биһиги улаханнык тугу да өйдөөбөтүбүт. Мэник-тэник оҕо сааспыт биир күнүн ураты көстүүтүн курдук ылыммыппыт. Ол эрээри, ити көстүү ол сайын биһиги харахпыт далыгар сылдьыбыта. Бу ыаллар уолларын (биһигиттэн үс-түөрт сыл аҕа этэ) кытта биирдэ эмит алтыһан оонньуур этибит. Онно кэлэн баран ээр-сэмээр хоспох эркинин быыһынан ким баарын көрө сатыыр этибит. Дьонун ыҥырар саҥатын истэр буоллахпыт. Ону аҕалара таба көрдөҕүнэ кыыһыран хаһыытыыра. Ол кытаанах хаһыыттан биһиги атахха биллэрэрбит. Төһө да куттаннарбыт, өйдөөн кэллэрбит эрэ, син биир уоран көрөр буоларбыт.
Биһиги хоспох кэтэҕинэн, дьиэттэн тахсаат да көрө охсубат өттүттэн көрөрбүт. Ким баарын ол-бу араас мал-сал мэһэйдиир буолан көрбөт этибит эрээри, киһи өйдөөбөт энэлгэн аҥаардаах саҥаны истэрбит. Ол быыһыгар ас да көрдөөн муҥнанара. Дьэ, ким да ас киллэрэн эрэрин көрбөт этибит (түбэһэ көрбөтөхпүт буолуо), арай оҕолор хомуоска уу дьалкыһытан киллэрэллэрин көрөрбүт.
Эмээхсин барахсан ол күһүн, мин оскуолаҕа барыахпар диэри хоспоххо сыппыта. Дьонтон истибиппинэн хаар түһүөр диэри сытан баран өлбүт үһү. Дьэ, сүрдээх дии. Мин санаабар, аччыктаан, тоҥон да өллө ини. Бу сааһыран иһэн өйдөөтөхпүнэ, дьиҥнээх аньыыны быһыыланыы эбит. Ол сэтигэр бу мааны, үрүҥ үлэһит ыал олоччу эстибиттэрэ. Икки оҕолоохторо түптээх олоҕу олорбокко, ускул-тэскил сылдьан суох буолбуттара. Дьиэлэрэ көтүллэн, тэлгэһэлэрэ ыһыллан, билигин онно дьон олоро сылдьыбытын ампаар эрэ кэрэһэлиир. Бука, кырыыс тиийбитэ буолуо.
Бу дьулаан быһыыланыы оччолорго да улаханнык иһиллибэккэ, ити ыал оччотооҕу уопсастыба үрдүкү араҥатын кэккэтигэр сылдьыбыт буоланнар, эмээхсин барахсаны ыалдьан өллө диэбиттэрэ буолуо. Ол иһин дьон кэпсээнигэр эрэ хаалан сырыттаҕа.
Аанньаах Киһитэ