Курбуһах нэһилиэгэр сылгыһытынан, кадровай булчутунан үлэлээбит Михаил Иванович уонна сааһын тухары сопхуоска үүт астааччынан үлэлээбит Евдокия Михайловна Лазаревтар, хомойуох иһин, күн сириттэн барбыттара 10-тан тахса сыл буолла. Кинилэр сырдык олохторун салҕааччылар – Дьокуускайга олорор аҕас-балыс Саргылаана, Маргарита уонна Людмила дьонун өтөхтөрүн иччитэхсиппэт туһугар сайын аайы кэлэн Курбуһахха төрөөбүт дьиэлэригэр сайылаан бараллар.
Күн бэҕэһээ кинилэр бытыылка хаппахтарынан дьиэлэрин киэргэппит хаартыскалара ватсап ситиминэн тарҕанан дьон-сэргэ сөхтө-махтайда.
Бу кэрэ көстүүнү кимнээх чочуйан таһаарбыттарын билэр сорукка түһэн улахан кыыстара Саргылаананы кытта кэпсэттим, кини бу курдук кэпсээтэ:
Биһиги биэнсийэҕэ тахсыбыт дьоммут. Биир кыыспыт биэнсийэ сааһыгар үктэнэрэ чугаһаата диэххэ сөп. Оччолорго, 2015 сыллаахха, балтым үлэлиир тэрилтэтигэр наһаа элбэх бытыылка хаппаҕа тахсара. Онно манан тугу эмэ оҥорон таһаарбыт киһи диэн санаа үөскээбитин үллэстибитэ. Онон ити сылтан хаппахтары мунньубутунан барбыппыт.
Уу бытыылкатын хаппахтара халлаан күөҕэ уонна маҥан эрэ дьүһүннээхтэрэ. Ону ойуу таһаарарга саһархай наада эбит диэн үүнээйи арыытын хаппаҕын итиэннэ от күөҕэ утах хаппаҕын дьоҥҥо үлэһэн хас эмэ сылы быһа муспуппут. Онтукабытын бастаан өҥнөрүнэн наардаан, чараас хаптаһыҥҥа тоһоҕолоон баран, таһааран эмиэ тоһоҕонон саайан кэбиһэбит. Арааһа 2017 сылтан кыра-кыратык саҕалаан быйыл ситтэ диэххэ сөп.
Дьиэбит сэттэ муннугун, террасатын уонна быйыл фронтонун киэргэттибит. Өҥнөрү дьүөрэлээн оһуор, ойуу таһаарарга, кээмэйдээн-мээрэйдээн суоттуурга балай да ымпыктаах-чымпыктаах үлэ эрээри күлэ-үөрэ, баҕаран туран санааҕын, илииҥ сылааһын уурдаххына, туох барыта тахсар, табыллар эбит.
Ити курдук Лазаревтар дьиэлэрин эркиннэригэр бытыылка хаппахтарыттан кубалар кынталдьыйа уһуннулар, лотос, сардаана сибэккилэр тылыннылар, чыычаахтар, лыахтар күөх халлааҥҥа тэлэһийэ көттүлэр, куруук сайыны саната күн сардаҥата сылаанньыта түстэ. Нэһилиэк дьоно сэргэх, сонун көстүүнү биһирээн, анаан кэлэн көрөллөр-истэллэр, хаартыскаҕа түһэрэллэр.
Мария Аргунова